Такси сокуона: Улуус суоппардара саҥа уларыйыыга бэлэмҥит дуо?

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Россия үрдүнэн “Такси сокуонугар” уларыйыы киирэр. Бу кэмтэн такси сулууспалара сакаастары дьону таһар көҥүллээх,  реестрга баар эрэ суоппардарга биэрэллэр. Таксилыан баҕарар киһи реестрга киирэригэр самозанятай статуһун ылыахтаах (ИП инникиттэн баара).

Онон:

  • ИП эбэтэр самозанятай буолуохтааххын.
  • Реестрга киирэҕин, көҥүл ылаҕын.

Самозанятай диэн кимий?  Кини анал профессиональнай нолуок төлүүр киһи (НПД). Бу статуһу ким баҕарар ылар кыахтаах, телефоҥҥар «Мой налог» приложения эрэ хачайдыыгын.

Самозанятай икки нолуок көрүҥүн талан төлүүр. Өҥөнү чааһынай киһиэхэ оҥорор дуу, тэрилтэҕэ дуу. Тэрилтэҕэ оҥорор буоллаҕына дохуотуттан 6 %, чааһынайга 4 % нолуок төлүүр. Дохуоккун приложения барытын бэйэтэ ааҕан, суоттан биэрэр. Болдьоҕор көтүппэххэ төлүөххүн наада.

Үчүгэйэ — самозанятай статустаах буоллаххына страховой взнос, отчет, декларация туттарбаххын.

Саҥа сокуон сорох уларыйыыта маннык:

  • Ыарахан буруйу оҥорон холуобунай дьыалаҕа тардылла, суол быраабылатын кэһэн 3-тэн элбэхтэ ыстарааптана сылдьыбыт суоппар таксилыыр көҥүлү ылбат.
  • Таксилыыр суоппар сууккаҕа 12 чаастан ордук үлэлиэ суохтаах. Өҥө оҥорор массыыналар  анал бэлиэлээх, араҥас өҥнөөх буолаллар.
  • Өссө биир уратыта – таксистар дьоннорун ааттарын-суолларын барытын сурунаалга сурунуохтаахтар, полиция, ФСБ сотрудниктара ирдээтэхтэринэ ону көрдөрөр эбээһинэстээхтэр.

Саҥа сокуон ис-иһигэр киирдэххэ, ырыттахха ирдэбилэ элбэх, тустаах киһи ону билиэхтээх, үөрэтиэхтээх. Куһаҕан, үчүгэй өрүтүн бириэмэ көрдөрүө турдаҕа. Онно олохтоох таксистар төһө бэлэмҥитий?