Таптал-сүдү күүс. Таптал киһи-киһи аайы араас буолар. Табыллыбатах таптал киһи өйүгэр-санаатыгар өр сылларга ыар сүгэһэр буолан сөҥөн сылдьар.
70-c сылларга улууска буолбут түбэлтэ. Нарыыйа уонна Сандал үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан билсибиттэрэ. Хас да сыл бииргэ сылдьан доҕордоһуулара сыыйа улахан тапталга кубулуйбут. Оннооҕор Нарыыйа дьүөгэлэрэ кинилэргэ ымсыыра саныыр эбиттэр, хаһан ыал буолалларын сэмээр кэтэһэллэрэ. Кыыстаах уол үөрэхтэрин бүтэрэр сылбытыгар ыал буолуохпут диэн эрдэттэн былааннаммыттар.
Нарыыйа дьонугар биирдэ кэпсээбит: «Сандал аҕабар маарынныыр уонна аҕам курдук мэҥнээх. Мин кинини наһаа таптыыбын, кинитэ суох олорор кыаҕым суох», – диэбит. Сандал кыыс дьонугар кэлэ сырыттаҕына, уол майгытын, дьоҥҥо сыһыанын, көстөр дьүһүнүн олус сөбүлээбиттэр.
Сандал ийэтэ эдэр эрдэҕинэ, бу бөһүөлэккэ үлэлии сылдьан, Нарыыйа аҕатын кытта билсибит. Ол сылдьан ыарахан буолан, Сандалы оҕолоно дойдулуурга күһэллибит.
Дьиҥэр, ити кэмҥэ Нарыыйа аҕата ыал эбит. Ол иһин, эдэр дьахтар кинилэр олохторун аймыан баҕарбатах. Дойдутугар оҕотун соҕотоҕун ииппит. Оҕото Сандал оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ киирэн студенныы сылдьан балтын Нарыыйаны көрсөн, таптаан ыал буолаары гыммыт эбит. Онон, дьонноро икки өттүттэн кэпсээн-быһааран оҕолоро холбоһоллоругар сөбүлэспэтэхтэр.
Ийэтэ Сандалы илдьэ дьиэлиир буолбут. Нарыыйа уолбун атаарабын диэн күүһүнэн барсыбыт. Дойдулуулларыгар өрүһү туорууллар. Ол туораан иһэн Нарыыйа Сандаллыын икки илиилэриттэн ыга тутуспутунан ууга ыстанан кэбиспиттэр. Уол ийэтэ эрэйдээх хаһыытаабытынан туран хаалбыт. Кыайан быыһаабатахтар.
Хаарыаннаах икки эдэркээн сүрэх тапталлара итинник хомолтолоохтук түмүктэммитэ. Оҕолорбутун ыал оҥоруохпут диэн уруу тэрийиэхтээх астарынан, дьонноро оҕолорун бүтэһик суолларыгар атаарбыттара…
Туйаара.
«Үлэ күүһэ» хаһыат 2000 сс архыыбыттан.
Елена Дьячковская уруһуйа