Бэрдьигэстээх сис ыаллара Марфа, Владимир Петровтар маанылаах тиэргэннэригэр сэдэх дьэрэкээн сибэккилэри, араас култуурунай мастары, ону тэҥэ оҕуруот ас арааһын үүннэриинэн дьарыгыраллар.Оҕолорун кыра саастарыттан духуобунас эйгэтигэр сыһыаран, кэрэни кэрэхсииргэ, үлэҕэ сыстаҕас буоларга иитэн-такайан олох суолугар сирдээтилэр. Билигин тапталлаах сиэннэрэ бу кэрэ көстүү уйатыгар угуттаналлар.
Чахчы да өлгөм үүнээйинэн, кэрэнэн симэммит тиэргэн ааһар, кэлэр-барар дьону умсугута ыҥырар. Олох билбэт да дьонноро киирэн хаартыскаҕа түһэн, үөрэн-көтөн баралларын туһунан, истиҥ кэпсэтиибитин сырдатабыт.
Марфа Петрова дьиэ хаһаайката:
– Күөх үүнээйинэн дьарыгырбытым ыраатта. Бастаан дьиэ сибэккилэрин, ол курдук бегония араас сордун, катарантус, пеларгония араас өҥнөөҕүн олордуунан саҕалаабытым. Сайынын араас сибэккилэри буккуйа,композициялаан олордорбун сөбүлүүбүн. Бу сайын арыый хойутаан кэллэ, ол да буоллар күөх үүнээйи ситэн-хотон отонноох аһын өлгөмнүк ыста дии саныыбын. Саамай сөбүлээн амарант диэн талахтыҥы сибэккини үүннэрэбин, наһаа кыраһыабай көстүүлээх, сибэккитэ хаттаҕына араас оҥоһуктарга туттарга бэртээхэй.
Мас буола үүнэр үүнээйилэртэн, сирень икки көрүҥэ, отонноох мастартан черемуха, бузина, рябина, бояришник, акация, рябина, рябинокизильник, подрябинник, дьаабылыка хото үүнэрэбит. Ону таһынан моонньоҕону, кыһыл хаптаҕаһы, малинаны, клубниканы дэлэйдик хомуйабыт. Тиэргэммит иһиттэн барыанньалаан дьоммутун күндүлүүбүт, кэһиилиибит.
Бу туһалаах дьарыкка сүрүнэ диэн оҕолорбут, кыра саастарыттан үлэҕэ сыстаҕас буола улааттылар. Билигин саамай үөрэрим кийииттэрим үлүһүйэн үүннэрэн эрэллэр, сүбэ-ама ылаллар.
Түмүк оннугар алаһа дьиэ далбар хотуна, улуустааҕы култуура салаатыгар 35 сыл, “Тиһилик” улуустааҕы норуот маастардарын түмсүүтүн салайааччытынан 30 тахса сыл олоҕун анаабыт Марфа Николаевна сүмэлээх сүбэтин аныыр. Ыал хайдах туруктааҕа тэлгэһэтиттэн биллэр, көстөр. Тыйыс тымныыбытын тулуйар оту-маһы, күөх үүнээйини дэлэччи олордуҥ. Дьиэ кэргэн биир дьарыктаах буолуутугар кыһаллыҥ, оҕолоргутун, сиэннэргитин үлэҕэ сыһыарыҥ.
Кэрэ көстүүлээх, араас дьарыктаах, күөх үүнээйилээх тапталлаах сэлиэнньэбит мааны ыалларыгар сылдьар ыалдьыттар, уос номоҕо оҥостон кэпсииллэр. Ол курдук бу сайын Намтан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчут Агафья Тарасова доҕотторунаан анаан-минээн кэлэн астына ыалдьыттаан аастылар.
Бу курдук дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ ситимнэнэн, биир сыаллаах-соруктаах үтүөнү үйэлээҕи үксэтэр дьарыга, инникилээх-сайдыылаах олохпут кэрэһэтинэн буолуохтун.
Нина Сутакова.