Хайа, хайдах олороҕут тыа дьоно?
Альбина Татаринова:
-Биһиги аҕабыт Игнатий Татаринов бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран , өбүгэлэрин, төрөппүттэрин сирдэригэр дьиэ-уот туттан, Кировскай нэһилиэгин Түгэнэ сиригэр сылгы, ынах сүөһү ииттэн олоробут.
Кулун тутар 21 күнүгэр аан бастакынан төрөөбүт ынахпыт икки тыһы ньирэйдэннэ.Онтон 23-кэ аны улахан ынахпыт тыһылаах, оҕус ньирэйдэри төрөтөн соһутта. Хотоҥҥо эмискэ, түөрт ньирэйдэнэн, үлэ, түбүк бөҕө буола сылдьабыт.
Ньирэйдэрбитин Ачыкылаах, Туоһахта, Мальчуган, Эбирдээх диэн сүрэхтээтибит.
Үлэ күүһэ