Хайа баҕарар сир-дойду ситиһиилээх биир дойдулаахтарынан киэн туттар. Горнайдар биир оннук киһибит Александр Контоев буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кинини биһиги төрөөбүт дойдутун улахан түһүлгэлэргэ ааттаппыт бөҕөс эрэ быһыытынан буолбакка, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх киһи быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьарын үрдүктүк сыаналыыбыт.
Аҕыйах хонуктааҕыта Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училище дириэктэри солбуйааччы Александр Контоев кытары аны сайын Дьокуускайга ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар, улуустаарга спорт сайдыытын туһунан кэпсэттибит.
– 1996 с. Бастакы Президеммит, ытыктабыллаах Михаил Николаев Дьокуускайга “Азия оҕолоро” ыытылларын туһунан биллэрбитин олус үөрэ ылыммыппыт. Ол кэмҥэ, биһиги оҕолор, тас дойдуларга игин тахсан, тустуубут аҕыйах этэ. Уопуппут суоҕа. Ол иһин, ити улахан оонньууну олус чугастык ылыммыппыт. Аны туран төрөөбүт сирбитигэр-буорбутугар буолара икки бүк эппиэтинэстээх этэ. Кытаанах сүүмэрдиир дьарыктар саҕаламмыттара. Мин хайаан да бастыахтаахпын диэн бэйэбэр эрэллээх этим. Ол туһугар бары сырабын уурбутум.
Хомойуох иһин мин тустуохтаах ыйааһыммын, 40 кг оонньуу саҕаланыан иннинэ ылан кэбиспиттэрэ. Оо, онно наһаа да хомойбутум. Хайыахпыный, быраабыла аата быраабыла буоллаҕа. Ол сыл күрэхтэһии олус үрдүк таһымҥа барбыта. Доҕотторум, билигин өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үлэлии сылдьар боксаҕа Георгий Балакшин, көҥүл тустууга Леонид Спиридонов кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ. Итинтэн сиэттэрэн, кинилэр спортивнай суоллара хайдах барбытын бары билэбит. Атын да оҕолорбут билигин тахсыылаахтык үлэлии сылдьалларын көрөн үөрэбин. Бэйэм иккис “Азия оҕолоро” оонньууга эдэрдэргэ Аан дойду чемпионун быһыытынан, күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыытын уотун уматар чиэскэ тиксибитим.
“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу биһиги эрэ оҕолорбут буолбакка, атын регион үөрэнээччилэрэ спорка хардыылыылларыгар бастакы тирэх буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кэлин мин туста сылдьан “Азия оҕолоругар” кыттыбыт хас даҕаны ыччаты көрсөн, алтыһан турабын. Кинилэр номнуо спортсмен быһыытынан дойдуларын аатын көмүскүү сылдьар дьон буолбуттар этэ.
“Азия оҕолоро” аҥаардас биир эрэ кэмнээҕи күрэхтэһии буолбатах. Бу оонньуунан олус элбэх үлэ барар. Миэстэтигэр спортивнай объектар тутуллаллар. Барыта тупсар, оҥоһуллар, саҥардыллар. Онон олус наадалаах кэскиллээх бырайыак быһыытынан көрүөххэ наада. РФ Президенэ Владимир Путин өйүүрүн биллэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх.
Кэнники биэс сылга спорт хайысхатыгар улахан хамсааһын барда. Киин куораттарга эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ бары араҥата чөл, чэгиэн, уһун үйэлээх буоларыгар ураты болҕомто ууруллар. Владимир Путин спорт национальнай көрүҥнэрин көҕүлүүр туһунан этиитигэр олоҕуран, биһиги мас тардыһыыбыт, хапсаҕай курдук көрүҥнэрбит Аан дойду таһымыгар таҕыста. “Манчаары оонньуулара”, Саха сирин норуоттарын, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр ортолоругар ыытыллар спартакиадалар сылтан сыл таһымнара үрдээн иһэр.
Федеральнай бырайыактарга тирэхтэнэн улуустарга саҥа спорт саалалар тутулуннулар. Нэһилиэнньэ үчүгэй усулуобуйаҕа дьарыктанар кыахтанна. ГТО нуорматын туттарааччы киһи ахсаана элбээн иһэр. Саастаах дьон олус көхтөөхтүк кытталлар. Маассабай спорт хайысхатыгар сөптөөх үлэ барар. Футбол, волейбол курдук көрүҥнэр оҕолор ортолоругар олус биһирэнэр. Тыйыс усулуобуйалаах сиргэ да олордорбут хайыһар суолугар тахсааччы, скандинавскай хаамыынан дьарыктанааччы дьон ахсаана аҕыйаабата үөрдэр.
Кэлэр өттүгэр улуустар нэһилиэктэригэр улахан болҕомто ууруллуон наада. Ыраах сытар сиргэ спорка тардыһааччы элбэх. Олус талааннаах оҕолор бааллар. Кинилэри арыйарга сөптөөх усулуобуйа тэрийэр киһи, төһө эрэ абыраллаах буолуо этэ. Үчүгэй спортивнай саала, көҕүлүүр киһи баар буоллаҕына нэһилиэнньэ физкультуранан дьарыктанара өссө улаатыа этэ.
Вячеслав Алексеев