Кыргыттар Саҥа дьыл кэнниттэн, «Кириһиэнньэ» таҥара иннинээҕи киэһэ, сүллүүкүттэр түркүннээн тахсыылара, таҥха иһиллиир кэм муҥутаан турдаҕына, «чып» кистэлэҥинэн тэриэлкэ сүүрдэн, «иннилэрин тымтыктанан көрөргө» быһаарыммыттара. Билэр дьонтон ыйыталаһан, атын бөһүөлэктэн аймахтарыгар ыалдьыттыы кэлэ сылдьар, бэйэлэрин кытары саастыы, сатаан тэриэлкэ сүүрдэр кыыһы билсэн аҕалбыттар.
Тэриэлкэлэрин сүүрдэ сатаа-быттар даҕаны, соччо табыллыбатахтар. Тыыннааҕыттан саҕалаан өлбүтүгэр тиийэ, билэр-билбэт дьоннорун ыҥыртаан көрбүттэр да, тэриэлкэлэрэ биир сиргэ хам хараҕаланан хаалбыт курдук, сүүрэрин, кэпсиирин умнан кэбиспиттии турбут. Айаҕалыы сатаан, күлсэ-күлсэ, тарбахтарынан анньа сылдьан сүүрдэн көрбүттэр даҕаны, туох туһата кэлиэҕэй?!
– Ээ, бу кыыс сатаан сүүрдүбэт эбит. Чэйиҥ, бириэмэ ыраатта, утуйуоҕуҥ, – дэһэн эрдэхтэринэ, биир саамай наҕыллара, аҕыйах саҥалаахтара саҥардыы уһуктубут курдук: «Кыргыттаар, оттон дьиэбит иччитин ыҥырбаппыт дуо?» – диэн ыйытааччы буолбут. Онуоха утарылаһааччы да баара, сөбүлэһээччи да баара биллибэтэх. Чочумча саҥата суох олоро түһэн бараннар, дьиэлэрин иччитин ыҥыраллар.
Дьиктиргиэхтэрин иһин, тэриэлкэлэрэ дьэ «тиллэн» эргичийэн-кулахачыйан барар, «Дорообо» диэн суруктаах муннукка тиийэн «хорус» гынар уонна тыын ылбыттыы тохтуу түһэн баран, ыйытар да кыах биэрбэккэ, суруктаах остуол устун сүүрэн барар. Кыргыттар бастаан утаа соччо итэҕэйбэтэхтэр. Санааларыгар хайалара эрэ соруйан тарбаҕынан анньа сылдьар диэх курдук буолбут. Онтон сыыйа кэпсиирэ түргэниттэн, тохтоон көрбөккө сүүрэриттэн, тэриэлкэлэрэ «бэйэтэ» эбитин сэрэйэннэр, соһуйбут омуннарыгар харахтарынан да чыпчылыйар кыаҕа суох, тэриэлкэлэрэ тугу кэпсиирин ааҕа олорбуттар.
«Кыргыттар, дорооболоруҥ. Мин төһө даҕаны эһигини куттуохпун баҕарбатарбын, иннигитин «тымтыктанан көрүөххүтүн баҕараргыт» күүһэ бэрдиттэн уонна «сорох-сорохтор» ыҥырыыгытын наадалааҕынан аахпаттара бэрдиттэн бу кэпсии-ипсии кэллим. Эһиги олох соһуйумаҥ, куттанымаҥ. Төһө эмит өр сылларга муунтуйбут санаабын аһарга сананным. Урут, быдан сыллар, элбэх хаардар анараа өттүлэригэр, мин, эмиэ эһиги курдук, эдэр, инчэҕэй эттээх, итии хааннаах хомсомуол бэрдэ уол этим. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ кыайарыгар бигэ эрэллээх, саҥа олох иһин охсуһа сылдьыбытым. Бандьыыттарга түбэһэн, бу эһиги олорор дьиэҕитигэр тымныы үгэххэ күн сириттэн арахсыбытым. Хаайа сытыаран, сор хааммын сордоон илдьи кырбаабыттара. Бүтэр күммэр оһоҕосторбун субуйа тардан, тэлэгэрээп остуолбаларыгар иилэ-иилэлэр: «Чэ, бассабыык оҕо, сибээһи тартыбыт. Хомуйуустаргын кытары кэпсэт», – дэһэн алларастаспыттара. Бэйэм даҕаны өлөн, кутум көтөн сыттаҕына, харахтарбын оҥон ылан илиилэригэр тута сылдьаннар: «Дьэ, хараҕыҥ уота мөлтөөтө быһыылаах, бассабыыктаргар чугаһатабыт», – дэһэ-дэһэлэр тыа саҕатыгар илдьэннэр мас мутугар иилэ бырахпыттара. Ол кэннэ көҥдөй көхсүбүн атахтарбыттан таҥнары соһон аҕалан, бу хаайа сыппыт үгэхтэригэр бырахпыттара. Харайдахтара аатыран, буорун сиҥнэрэн кэбиспиттэрэ. Дьэ, ол курдук мин эдэркээн олоҕум быстах өлүүгэ былдьаммыта. Хараллыбатах кутум-сүрүм аймана көтө, хаанынан ытыы сылдьаахтыыр, – тэриэлкэлэрэ тохтуохтуу гынан иһэн, эмиэ сүүрэн барбыта.
«Мин эһигини үөрэ көрсүбүтүм. Эһиги кэлиигит мин чуҥкук «олохпун» сэргэхситтэ. Хас киэһэ аайы эдэр эрчимҥит, күлүүгүт-үөрүүгүт, ырыаҕыт-тойуккут мин хараллыбатах, аймаммыт куппун-сүрбүн арыый чэпчэттэ. Ол эрээри бу дьиэҕэ мин соҕотох буолбатахпын. Манна өссө биир олус куһаҕан санаалаах, тиэрэ кэмэлдьилээх дьахтар баар. Аҥардас ити дьахтар туһуттан бу олорор дьиэҕит «куһаҕан тыыннаах, сибиэннээх» аатырда. Кини Орто дойдуга олорор дьоҥҥо барыларыгар ымсыырар. Ол иһин олуһун мэһэйдэһэр. Ордук эһиги курдук эдэр кыргыттарга. Бэл, күрүлүүр күнүс оҕолор оскуолаларыгар ааһан истэхтэринэ, дьиэ иһигэр тыаһыыр-ууһуур, ол-бу буолар-буолбат малынан быраҕаттанар. Тыыннаах дьон кини бэйэтин акаарытыгар, атааҕыгар, тос-ту-туора тотон, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, бэйэтигэр тиийиммитигэр буруйдаахтарыгар дылы өстүйэр. Кини эһигини сөбүлээбэт. Тоҕо диэтэргит, эһиги эдэргит, эһиги тыыннааххыт, эһиги инники олоххутугар эрэллээххит, ыал тапталлаах ийэлэрэ, эбэлэрэ буолар аналлааххыт. Оттон ити дьол киниэхэ суох. Суох да буолуо. Ол иһин кини мэһэйдэһэн түүнүн куһаҕаннык утуйаҕыт. Кини дьоло суох, ханна да оннук була илик, аадка даҕаны кинини ылбаттар, ырайга да ытыарбаттар.
Куһаҕан куһаҕан курдук. Мин эһигини бу дьахтартан мэлдьи көмүскэһэбин. Ол туһуттан элбэхтэ этиһэбит, арыт охсуһабыт. Сүбэлиэм этэ, түргэнник бу дьиэттэн көһө охсуҥ, өр олоро сатаамаҥ. Оччоҕуна мин бу дьахтары кытары аахсыам, бу Орто дойдуну буулаабат гына атын сиргэ үүрдэриэм. Чэ, мин барар кэмим кэллэ. Эһиги дьоллоох буолуҥ. Уонна бу тэриэлкэ сүүрдүүтүн курдук куһаҕан дьарыккытын быраҕыҥ. Өлбүт дьону куттарын уйгуурдар туох даҕаны үчүгэйи аҕалбат. Төттөрүтүн, дьылҕаҕытын төттөрү төлкөлүөххүтүн сөп. Бу куһаҕан, улахан сэттээх-сэмэлээх, сэрэхтээх дьаллык. Манныгынан үлүһүйэн дьарыктанар киһи дьоло суох, сор суоллаах буолар. Ону өйдөөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ өйдөтүҥ. Кэлин оҕолоргутун эмиэ сэрэтиҥ. Этиэхпин эттим. Мин барар кэмим кэллэ. Бары дьоллоох олоҕу олоруоххут, ыал буолан оҕо-уруу төрөтөн, сиргэ кэлбит аналгытын толоруоххут», – диэн баран, «быраһаай» диэн суруктаах муннукка кэлэн туох да буолбатаҕын курдук турунан кэбиспит.
Кыргыттар итиччэ дьулаан, инчэҕэй эттээх, итии хааннаах киһи куйахата үмүрүтэ тыыппакка эрэ истибэт кэпсээнин, сэрэтиитин истэн баран, бу дьиэҕэ өр олорботохтор. Бары сүбэлэспит курдук, биир үтүө күн атын ыалларга дьукаах көһүтэлээн хаалбыттар.
Бу көспүттэрин кэннэ ситэри биир ый ааспатах. Олорбут дьиэлэрэ түүн умайан хаалбытын туһунан истибиттэр.
Сытыы бүргэһи хааһах иһигэр өр хаалыы сылдьыбаккын. Дьиэ «иччитэ» туох туһунан кэпсээбитэ уон оччонон үллэн-баллан, күүркэйэн, ыалтан ыалга «дьоһун» сонун буолан тарҕаммыт.
Сайыныгар умайбыт дьиэ сиҥнибит үгэҕиттэн киһи кырамтатын булан ийэ буорун булларбыттар.
Бу түбэлтэ кэнниттэн элбэх сыллар устар уу сүүрүгүнүү элэҥнэһэн аастылар. Ол эрээри ааспыт кэм түбэлтэлэрэ син умнуллан хаалбаккалар, кэмиттэн кэмигэр ким эрэ санатан, хантан эрэ иһиллэн, дьон сөҕө-бэркиһии истэр кэпсээнэ буолан тарҕана турдахтара…
Елена Дьячковская уруһуйа
Родион Саввинов.
“Сыккыс” сурунаал, 3 №-рэ, 2008 с.