Ааспыт өрөбүллэргэ Майаҕа төрүт оҕунан ытыыга Анатолий Никифоров 65 сааһыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолла. Барыта 11 улуустан, түөрт спортивнай кулууптан 202 киһи бастыҥ ааты былдьаста.
Бу күрэхтэһиигэ Горнайтан уон охчут кытынна. Биирдиилээн көрүҥнэргэ “куска”, “куобахха” – Родион Николаев иккис, “куска” – Саяна, Сергей Кондаковтар иккис, “куобахха” – Анна Кириллина үһүс миэстэни ыллылар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн спорт бу көрүҥэ улахан биһирэбили бигэтик ылан эрэр. Хамаандалар бары күүскэ дьарыктанан, хас күрэхтэһии ахсын кытаанах күрэстэһии барар буолла. Горнайдар үс иһигэр мэлдьи сылдьабыт. Хамаандабыт толору састаабынан кыттарбытыгар эр дьоммут тиийбэт.
Дьарыктанааччылар суохтар. Онон күүстээх аҥаардар кэлэн, бэйэлэрин күүстэрин холонон көрүөхтэрэ диэн эрэнэбит, – диэн тренер Зинаида Платонова санаатын үллэһиннэ.
Вячеслав Алексеев