Улууспут биир бастыҥ бөрөһүтэ Николай Леонтьев бэрт сыралаах сонордоһуу кэнниттэн, биир ардай аһыылааҕы хапкааныгар үктэттэ.
Бөрөлөр сэлиэнньэттэн чугас баар Кыакамдаҕа сылгы базатын таһыгар биир дьөһөгөй оҕотун тутан, кэлэ-бара аһылыктана сылдьыбыттар.
Николай этэринэн бөрөлөр иккилэр эбит. Соторутааҕыта кинилэри дьон Бүлүү трассатыгар Кировскайтан чугас көрбүт видеолара тарҕаммыта. Билигин булчут кутталы үөскэтэр соҕотох хаалбыт сиэмэҕи эккирэтиһэр былааннаах.
Вячеслав Алексеев