Тулуур, дьулуур кыайыыга кынаттыыр

От ыйын 10 күнүгэр “Үлэ күүһэ” хаһыат пресс-киинигэр «Дыгын оонньуулара» национальнай многоборье күрэхтэһиитин муҥутуур кыайыылааҕа Дьулустан Ноговицын суруналыыстары, спорт бэтэрээннэрин, С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын «Оскуола куолаһа» медиа-киинин эдэр кэрэспэндьиэннэрин кытары көрүстэ.

Көрсүһүүгэ кэргэнэ Виолетта Ноговицына, кыыстара Амелия, ийэтэ Людмила Михайловна кыттыыны ыллылар. Кэлбит ыалдьыттар Сахабыт сирин биир улахан күрэстэһиитин кыайыылааҕын кытары атах тэпсэн олорон, кэпсэппиттэриттэн олус диэн долгуйдулар, астыннылар. Ааҕааччыларбыт, аҕам саастаах дьон араас ыйытыылары биэрэн, көрсүһүү бэрт сэргэттик буолла.

Спорда суох олохпун көрбөппүн

– Мин Одунуттан төрүттээхпин. Маҕарастан Аан дойдуга киэҥник биллибит спортсменнар, убайдарым ини-бии Герман, Станислав, Александр Контоевтар бааллар. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн спордунан сөбүлээн дьарыктанабын. Оҕо эрдэхпиттэн спорт үгүс көрүҥэр бэйэбин боруобаланан көрбүтүм. Тренерим Иван Горохов спортивнай күрэхтэһиилэргэ кытыннарара. ХИФУ-га физическэй култуура уонна спорт институтугар устудьуоннуу сылдьан, күүскэ ылсан туран дьарыктаммытым. Спорда суох олохпун сатаан көрбөппүн, толкуйдаабаппын даҕаны.

– Спорка сүрүн сыалгыт-соруккут туһунан кылгастык сырдатыаххыт дуо?

– 2013 с бастакыбын «Дыгын оонньууларыгар» холонон көрбүтүм. Быйыл онус сылбын «Дыгын оонньууларын» күрэҕэр туруулаһан, дьаныһан туран кыттан, кыайыы өрөгөйүн билбиппиттэн дьоллоохпун. Миэхэ хаһан да барыта тутатына табыллыбат. Дьаныардаах дьарык, сыра-сылба кэнниттэн ситиһии кэлэр. Аан маҥнай кыттарбар бэйэм күүспүнэн, баҕа санаабынан кыттыбытым, тренерим игин суох этэ. 2016 с. «Дыгын оонньууларын» хас да төгүллээх кыайыылааҕа, биллиилээх мадьыны, ыччаты спорка угуйар, көҕүлүүр Иван Белолюбскайга тиийэн, миэхэ тренердииригэр көрдөспүтүм. Бу мин «Дыгын оонньууларын» аатын ылар улахан баҕа санаам этэ. Тренербэр Иван Белолюбскайга махталым муҥура суох.

Инникитин даҕаны сыал-сорук, былаан элбэх. Кылгастык эттэххэ, Манчаары оонньууларыгар мас тардыһыытыгар чөмпүйүөннүөхпүн баҕарабын. Аан дойду чемпионатыгар өссө биирдэ кыттар баҕа санаалаахпын.

– Спортивнай эрэсиимин хайдаҕый?

– Нэдиэлэҕэ биэстэ-алтата дьарыктанабын. “Дыгын оонньууларын” иннигэр күҥҥэ иккитэ күүстээх дьарык буолар. “Дыгын оонньууларыгар” кыттарга сүүмэрдиир күрэхтэһиилэри ааһан, араас күүстээх-уохтаах ыччаттары кытары күрэстэһэн, кыттар чиэскэ тиксэҕин. Спортсмен хас кытыннаҕын ахсын бэйэтин сыыһаларыттан үөрэнэр, араас методикалары тутуһар. Быйыл кыттарбар сүүрүүгэ, хапсаҕайга сүрүн болҕомтобун уурбутум.

– Тренердиир былааннааххын дуо?

– Билигин бэйэм дьарыктанар, күрэхтэһэр буоламмын бириэмэм суох. Бэйэҥ дьарыктана сылдьаҥҥын киһини сатаан дьарыктаабаккын. Баҕар кэлин, аҕыйах оҕону дьарыктыахпын сөп.

– 10 сыллаах улахан кыайыы кэнниттэн хайдах сынньана сылдьаҕыный?

– Маннык тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ олус үчүгэй. Бэрдьигэстээххэ улахан тутуулар ыытыллан, сайдыы баран иһэрин бэлиэтии көрдүм. Үчүгэйдик сынньана да иликпин. Көрсүһүүлэргэ ыҥыралларыгар үөрүүнү кытта көтүппэккэ сылдьа сатыыбын. Дьону кытта көрсөн, билсэн, алгыстарын ылан, инникитин да спордунан дьарыктанарбар күүһү-уоҕу биэриэ.

– Дыгын оонньууларыгар өссө кыттыаҥ дуо? Биһиги спортсменнарбытыттан Дыгын оонньууларыгар ким кыттыан сөптөөх дии саныыгыный?

– Мин сыалбын-сорукпун ситтим, билиҥҥитэ кыттар былааным суох.

Улууспутугар национальнай многоборье сайыннарыахха сөп дуо?
– Билигин элбэх улууска улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Бүлүүгэ «Бүлүү Боотура», Чурапчыга “Тоҕус Томтор оонньуулара” дьон сэҥээриитин ылаллар. Биһиги улууска эмиэ тэрийдэххэ ыччат многоборьенан көрүҥэр тардыһыа этэ. Инникитин “Дыгын оонньууларыгар” Горнай аатыттан национальнай ыстаныыларга Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа Кай Адамов бэйэтин күүһүн холонуон баҕарар. Үчүгэйдик дьарыктаннахха, сыал-сорук туруоруннахха барытын ситиһиэххэ сөп. Эдэрдэр киирэн иһиэхтэрин наада. Эрэнэбин, күүтэбин.

Мин өйөбүлүм – дьиэ кэргэним

Төрөппүттэриҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан.
– Ийэлээх аҕам төрүт горнайдар. Ийэм Людмила Михайловна, аҕам Петр Петрович. Хомойуох иһин, аҕам аҕыйах сыллааҕыта Күн сириттэн күрэммитэ. Ийэлээх аҕам чөл олоҕу, спорду өрө туппут дьон буолаллар. Аҕам мас тардыһыытынан, ийэм чэпчэки атлетиканан дьарыктаналлара. Биһиги бииргэ төрөөбүт иккибит. Евгения Петровна диэн эдьиийдээхпин. Кини «Мисс Горный», «I вице-мисс Якутия» буолбута. Кэргэннээх, күтүөтүм Кэбээйиттэн төрүттээх.

Кэргэним Виолетта Одунуттан төрүттээх. Кини Сергей Зверев-Кыыл уола аатынан үҥкүү национальнай театрын балет артыыһа буолар. Үс оҕолоохпут.

– Виолетта, оҕолоргутун спорт көрүҥэр биэриэххит этэ дуо?
– Биир кыыс, икки уол оҕолоохпут. Кыыһым аҕатын холобур оҥостор, киэн туттар.
Кыыспыт «Мин аҕам курдук спортсмен буолуохпун баҕарабын» диир. Билигин тхэквондонан сөбүлээн дьарыктанар, ох саа спордун сэҥээрэр. Аҕата чэпчэки атлетикаҕа биэриэн баҕарар. Уолаттарбыт кырачааннар, көстөн иһиэ. Орто уолбут икки саастаах, кырабыт 11 ыйдаах.

Дьулустаан төрүттэригэр күүстээх-уохтаах дьон баар үһү диэн ахтан ылла. Эһэтэ Тыка Бүөтүр миэтирэ 80 см үрдүктээх толору эттээх-сииннээх киһи эбитэ үһү. Дьон кэпсииринэн былыргы хараабыл дьаакырын көтөҕөн, үгүс дьону соһуппут. Онон кини ыараханы көтөҕүүтэ хааныгар баар буолуон эмиэ сөп.

Анабыл хоһоон

Көрсүһүүгэ Уус Алдантан төрүттээх, айар куттаах Полина Победа Дьулустаан Ноговицыны анаан-минээн көрсө, анабыл хоһоонун ааҕа кэлбит. Кинини биир дойдулаахпыт, идэлээхпит, дьүөгэтэ Павлина Уйгурова арыаллаан илдьэ кэлбит. Павлина Уйгурова Дьулустан Ноговицыны үрдүк кыайыытынан эҕэрдэлээтэ, «Комсомол кынаттаан, партия эрчимнээн» кинигэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлэх туттарда. Биир дойдулаахпыт Ылдьаа кыыһа Кээтии Дьулустан Ноговицыҥҥа анаабыт хоһоонун долгуйан туран аахта. Биһиги Дьулустан Ноговицыҥҥа «Чыпчаал» кинигэни, халандаары бэлэх ууннубут.

«Дыгын оонньуулара» күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Дьулустан Ноговицын бириэмэ буолан, биһиэхэ ыалдьыттаабытыгар кэлэктииппит, ааҕааччыларбыт ааттарыттан махтанабыт.