Тыа сирин дьоно-сэргэтэ сөптөөх усулуобуйаҕа олороллоругар Россия, өрөспүүбүлүкэ салалталара анал бырагыраамалары олохтооннор, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир баараҕай тутуулары тэрийдилэр.
Горнай улууһун дьоно-сэргэтэ нус-хас олохтоохторун туһугар сөҕүмэр үлэ ыытыллан кэллэ. Аҥаардас Бэрдьигэстээххэ кылгас кэм иһигэр саҥа “Кэнчээри” оҕо уһуйаана, “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көрөрүү” бырагырааманан “38 кыбаартал”, “Сэргэлээх”, “МСО” түөлбэлэригэр саҥа таас, толору хааччыллыылаах дьиэлэр, дьэндэйэн таҕыстылар.
Киэн туттар дьоммут Сэмэн, Софрон Даниловтар, норуодунай худуоһунньук Афанасий Осипов төрөөбүт, улааппыт дойдуларыгар Мытаахха хас эмэ сыл устата “тоҥоруллан” турбут бырайыак нэһилиэнньэ туруорсуутунан сөргүтүллэн, тиһэҕэр тириэрдиллэн, билигин Саха сирин эрэ буолбакка Россия, тас дойдулартан кэлбит ыалдьыттар сөбүлээн сылдьар түмэллэрэ буолла.
2021 с. XXI Манчаары оонньуулара Горнайга ыытылларын туһунан быһаарыы улуус олохтоохторун барыларын үөрдүбүтэ. Нэһилиэнньэ өрөспүүбүлүкэ биир улахан спортивнай тэрээһинин үрдүк таһымҥа ыытарга бары көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Манчаары оонньууларын хайысхатынан саҥа элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс, 50 миэстэлээх интэринээттээх “Бэргэн” стрелковай тиир тутуллан, 1000 киһи олорор трибуналаах “Чыпчаал” стадион, ипподром саҥардыллан үлэҕэ киирдилэр. Спортивнай объектар нэһилиэнньэ иннигэр аанын арыйыаҕыттан, чөл, доруобай олоҕу, спорду сэҥээрээччи дьон ахсаана биллэ эбилиннэ. Олимпийскай спорт эрэ көрүҥнэрэ буолбакка, спорт национальнай көрүҥнэрэ киэҥ сэҥээриини ылла. Оҕолор спортивнай ситиһиилэрэ үрдээтэ. Ону норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларын, Россия, өрөспүүбүлүкэ чемпионнара үүнэн тахсыбыттара туоһулуур.
Үөрэх-билии чэрчитинэн оскуоларга араас научнай, аныгы технологияны арыйар хайысхалаах кабинеттар, “Точка Роста”, “Цифровой үөрэҕирии эйгэтэ”, “Умная школа” кииннэр үлэҕэ киирэн, оҕолор билиилэрэ хаҥыыр. Оскуоларга анал бырагырааманан оптуобустар кэлэннэр, оҕолор араас куоҥкурустары, күрэхтэһиилэри көтүппэккэ кыттар кыахтаннылар. Биир баараҕай тутуунан 550 миэстэлээх таас саҥа оскуола үлэҕэ киирэрин, олохтоохтор долгуйа күүтэллэр. Саҥа объект өрөспүүбүлүкэ бүттүүн киэн туттар поэта Сэмэн Данилов аатын сүгүөҕэ. 98 кырачаан оҕо сылдьар “Кэнчээри” уһуйаана киэҥ-куоҥ, сырдык, толору хааччыллыылаах дьиэлэнэн оҕолор, төрөппүттэр үөрүүлэрэ муҥура суох.
Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа ураты болҕомто ууруллан көхтөөх тэрээһиннэр мэлдьи ыытыллаллар. Биир улахан ситиһиинэн куһаҕан тобоҕу уонна иһэр ууну ыраастаан таһаарар станциялар тутулла тураллара дьон доруобуйатын, айылҕаны харыстыырга туһаайыллыбытын ааттыах тустаахпыт.
Биир ураты, улахан үлэ Атамай нэһилиэгэр ыытыллар. Ол курдук, 2021 с. турбут ойуур баһаара Бэс Күөлэ бөһүөлэгэр киирэн улахан ороскуоту оҥорбута. Барыта 32 олорор дьиэтэ күл, буруо буолан халлааҥҥа көппүтэ. 191 киһи кыстыгы аһаҕас халлаан анныгар көрсөр кутталламмыттара. Иэдээҥҥэ түбэспит дьон кыһалҕатын Саха сирин олохтоохторо бэйэлэригэр ылынаннар, ким тугу кыайарынан көмөлөспүтэ. Дьиэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо толору хааччыллыылах саҥа дьиэлэр тутуллубуттара. Улууспут биир бастыҥ хаһаайыстыбалаах Алексей Петров хотоно кэмигэр түмүктэнэн, билигин ынах сүөһү ахсаана эбиллэр кыахтанна.
Бэс Күөлүн олохтоохторо хас эмэ сыл устата туруорсубут Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов аатынан оскуола, сынньалаҥ киинин боппуруостара быһаарыллан, билигин икки баараҕай тутуулар бара тураллара нэһилиэк кэскиллээҕин көрдөрөр.
Горнайга күөх төлөн киириитэ күүтүүлээх үлэ буолар. Бэс Күөлэ, Күөрэлээх, Аһыма сэлиэнньэлэрэ толору гааһынан хааччыллан, билигин үлэ улуус киинин хааччыйыытыгар салаллан турар. Үгүс ыал, улахан хочуолунайдар гааска киирэннэр сылааһынан сыдьаайа тураллар.
Доруобуйа харыстабылыгар сөптөөх үлэ барар турар. Дьон-сэргэ туругун кэтээн көрөр, эмтиир сыаллаах киин балыыһаҕа компьютернай томография, электрорефрактометр, электротонометр, флюорография, рентген аппарата кэлэн, доруобуйа харыстабылыгар саҥа сүүрэннэр киирдилэр. Нэһилиэктэр суһал көмө массыыналарынан хааччылыннылар. Кэптиҥҥэ саҥа амбулаторнай балыыһа тутуллар. “Земскай доктор” бырагырааманан аҕыс киһиэхэ үбүнүнэн толуйуу оҥоһулунна.
Баһаарынай сулууспа үлэтин тупсарар туһуттан олохтоох этэрээт аныгылыы оҥоһуулаах саҥа “Камаз”, “Нива”, ойуур баһаарын умулларыыга анаммыт “фермер” массыыналарынан хааччылынна. “Якутлесресур” ГАУ Горнайдааҕы филиалыгар “Агромаш” тыраахтар, “Садко-Некст”, “Урал” трал, уу баһар массыыналар, “квадроцикл” кэлэннэр, үлэ миэстэтэ тахсан, тэрилтэ бигэ туруктанна. Ону таһынан Ис дьыала министиэристибэтин хайысхатынан полиция отдела саҥа массыыналары тутан, нэһилиэнньэ куттала суох буоларыгар сөптөөх үлэ барда. Тэрилтэлэр материальнай-техничэскэй баазалара тупса турар.
Горнай олохтоохторо олорор сирдэрэ-уоттара тупсууларыгар ураты болҕомтону уурар буоллулар. Ол туһуттан улуус, нэһилиэк салалталара РФ, СӨ салалтата тэрийэн ыытар куоҥкурустарыгар олус ситиһиилээхтик кытталлар. Хас эмэ сыл устата элбэх үптээх-харчылаах Граннарга кыттаннар, кыайыылаах үрдүк аатын ыланнар, сөптөөх үлэҕэ туһаайан, үөрдэ тураллара хайҕаллаах. Улуус киинигэр “Эйэ” сквера, Маҕараска “Аартык” мини-парка арыллан, дьон-сэргэ, оҕо-аймах үөрүүтэ үгүс. Түөлбэлэринэн үлэ тохтообот. Хас сыл ахсын тупсарыы үлэтэ барара дьон хараҕын үөрдэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит сирдэри оҥорон, саҥа дьиэлэр сыллата киирэ тураллар.
Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар ынах сүөһү, сылгы ахсаанын элбэтиигэ, сир оҥорон, элбэх сыллаах оту үүннэрэн, өлгөм үүнүүнү ылааһына хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо улахан тирэх буолар. Үүт харчыта үрдээһинэ, биирдиилээн ыал куурусса, сибиинньэ индюк, куруолук иитэллэригэр көрүллэр субсидиялар дьиэ кэргэн экономикатыгар сүрүн оруолу ылар буоллулар. Мытаахха Чемезовтар хаһаайыстыбылара кэскиллээх агро-турзм сайдыытыгар күүскэ үлэлэһэр баҕалаахтар. Үрүҥ ас бородууксуйатын дэлэтиигэ саҥа арыы сыаҕа тутуллар.
Суол – олох төрдө диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьокуусккай – Бэрдьигэстээх хайысхата “Бүлүү” федеральнай суолугар киирэн, толору аспаалланан, олох-дьаһах тупсарыгар ураты суолтаны ылар. Биһиги улууспут Бүлүү бөлөх улуустары ситимнээн, ыраах айаҥҥа туруммут дьон сынньалаҥнык, түргэнник тиийиэхтээх сирдэригэр булан, суолга эрэйи көрсүбэт буолбуттарын бэлиэтииллэр.
Былааҥҥа ылыллыбыт үлэ тохтообот. Инникитин “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” бырагырааманы олоххо киллэрэр туһуттан бары нэһилиэктэргэ үлэ саҕаланна. Сэлиэнньэлэрбит кэрэ көстүүлээх буолалларын ситиһэргэ сөптөөх үлэ барар. Гаас ситимэ киирбэт сэлиэньэлэри сылааһынан хааччыйарга “Дьиэ, уот коммунальнай хаһаайыстыбата” ГУП кытары бииргэ үлэлэһэллэр. Саха ыччатын бырамыысаланнаска сыһыарар туһуттан былааннах үлэ барар. Көмүс, алмаас, чох хостуур тэрилтэлэргэ ыччаттарбыт кыайа-хото үлэлииллэр.
Төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар туһаайыллыбыт бырайыактарга Россия, Саха сирин бииргэ үлэлэһиилэрин былааннара сүрүн оруолу ылар, тирэх буолар диэн бэлиэтиэх тустаахпыт.
Вячеслав Алексеев.