Тыа оҕотун көрүүтүгэр сүдү суолталаах айан этэ

Дьиикимдэ орто оскуолатыгар туризм 1958 с. саҕалаан утумнаахтык сайдан барбыта. Оскуолаҕа туристическай-краеведческай үлэни иилээн-саҕалаан үлэлэппит дьоннорунан оскуола дириэктэрдэрэ этилэр. Ол курдук Н.Н.Максимов, П.Т.Колодезников о.д.а.

1963 с. Синскэйгэ ыытыллыбыт Саха сирин оскуолаларын эдэр туристарын VIII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи слеттарыгар ситиһиилээхтик кыттан бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр 3-с миэстэни ылан тураллар (сал. П.Т.Колодезников). Мин бүгүҥҥү кэпсиир «геройум» оскуола бастыҥ туристарыттан биирдэстэрэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Бэрдьигэстээххэ олорор А.Г.Васильева (Парфенова). Кини 1999 с. суруйбут ахтыытын хайдах баарынан билиһиннэрэргэ сананным: «Мин 1963 с. от ыйыгар Советскай Союз Закарпатскай уобалаһыгар туристическай путевканан экскурсияҕа сылдьан кэлбитим. Маны мин оскуолатааҕы сырдык кэмнэрим саамай күндү, хаһан да умнуллубат бэлиэ түгэнинэн ааҕабын. Бу иннинэ биһиги Дьиикимдэ 7 кылаастаах оскуолатын туристара Покровскайга ыытыллыбыт 7-с оройуоннааҕы геолого-минералогическай туристическай слекка кыттан бастаабыта. Мин сигнализацияҕа (флажный семафор) манна оту-маһы, үүнээйини быһаарар күрэххэ эбээһинэстээҕим. Хамаандабыт салгыы Синскэйгэ күрэхтэһэ айаннаабыта, мин Дьокуускайдаабытым. Ол сайын биһиги куоракка көһөн киирбиппит, онон кэлээччини кытта тэрийэ охсон ийэлээх аҕам турстанцияҕа илдьэн туттарбыттара. Айанныахтаах бөлөххө Горнайтан төрдүө этибит: Вася Константинов, Таня Тарасова, Варя Михайлова уонна мин. Өссө Тааттаттан, Амматтан, Алдантан, Чурапчыттан, Хаҥаластан, Ленскэйтэн оҕолор баалларын өйдүүбүн. Ужгород Закарпатье киинэ, Уж өрүс үрдүгэр турар куорат. Онно поеһынан айаннаабыппыт. Уобаластааҕы оҕо туристическай-экскурсионнай станцияҕа тиийэн 2-3 хоннубут. Онтон зачетнай диэн ааттанар 145 км  уһуннаах 7 хонуктаах маршрутунан Кемерово туристарын кытта сындалҕаннаах походка туруннубут. Икки инструктор диэн  ааттанар омуктарынан венгр уонна румын дьоно, биир медик нуучча дьахтара салайан илдьэ  сырыттылар. Инструктордарбыт үчүгэй баҕайы дьон омуктарын акценынан олуттаҕастык нууччалыы саҥаралларын бэйэбит да мөлтөхтүк нууччалыы билэр дьон кыайан  өйдөөбөккө моһуогурар этибит. Рюкзакпытыгар суорҕаммытын, быстах аһыыр аспытын, суунар тэриллэрбитин, кумааҕыбытын, уруучукаларбытын хаалаан биир чаҕылхай күннээх сарсыарда Уж өрүспүт нөҥүө биэрэгэр туораан айаннаатыбыт. Өрүспүт олус күүстээх сүүрүктээх, киһини түөрэ охсуох курдук. Хата уолаттартан тутуһан этэҥҥэ туораатыбыт. Бу дойду айылҕата олус кырасыабай. Мастара, талахтара улахан, хойуу баҕайы. Хараҥа от күөх өҥнөөх мастар лабаалара хойуута сүр. Түүн туох да көстүбэт ыас хараҥа, иин иһигэр сылдьар курдуккун. Хонук сирдэргэ балаакка туруорунабыт. Инструкторбыт ыстаадаттан бараан аҕалан өлөрөн, ону астаан кулуһуҥҥа мииннэнэн аһыыбыт. Хойукка диэри кэпсэтэбит, оонньуубут, ыллыыбыт. Омуктарбыт сахалыы ырыалары наһаа сэҥээрэллэр этэ. Арыт сырдыкка бу дойду ойуурун көрөр баҕалаах этибит да, көҥүллээбэттэрэ. Ол дойдуга үөн-көйүүр элбэҕэ бэрт эбит. Эриэн үөн, араас дьааттаах хомурдуос эҥин. Арай биирдэ түрүлүөн бөҕө буолла. Кылаабынай балаакка таһыгар оҕолор бөҕө үмүөрүспүттэр. Онно тиийэн анньыалаһан оҥостон кэриэтэ көрбүтүм, Таатта кыыһа Соня Сысолятина сытар, бырааспыт хомурдуоһу хостуур эбит. Ол «клещ» үһү диэн буолла. Онтон ыла хонтуруол өссө күүһүрбүтэ. Сарсыарда ойон тураат да, киэһэ утуйуох иннинэ линейка ыыталлар, ол аайы перекличка. Куттанан ким да ырааппат. Полонин Ровная хайаҕа тахсыы биир сонун түгэн этэ. Эгэлгэ оттоох, хойуу сибэккилээх киэҥ нэлэмэн хонуу. Сугун дуу, черника дуу үүммүтүн дэлби сиэтибит. Олохтоох дьахталлар ыллыы-ыллыы сугуннуулларын, чабааннар барааннарын маныылларын сонургуу көрдүбүт. Закарпатье дэриэбинэлэрэ наһаа сырдык, ыраас көрүҥнээхтэр. Бары муус маҥан оппуохалаах дьоҕус дьиэлээхтэр. Сорох дьиэлэргэ араас өҥнөөх тааһынан мозаикалаан бөтүүк, кувшин, сибэкки ойуутун түһэрбиттэр, сорохторго лиана үүнээйи саба үүммүттэрэ сиэдэрэй, тупсаҕай көрүҥнээх буолар эбит этэ. Бу хайа муора таһымыттан 1482 м үрдүктээх. Мантан тула эргиччи көрдөххүнэ дьикти сөҕүмэр көстүү эн иннигэр тэлгэнэ сытар. Олох чугаһынан оччотооҕуга Чехословакия кыраныыссата ааһар. Биһиги ыраас күн буолан,  кыраныыссаттан чугас көстөр чехтэр биир дэриэбинэлэрин көрбүппүт. Бу хайаҕа хонор сирбит олус эрэйдээх соҕус этэ. Биирдэ түүн уһуктан кэлбитим, дьоннор күлсэллэр, атахпын токуччу анньа сатыыллар эбит. Балааккабыт эниэҕэ туруоруллубут буолан, быһаҕаспыт балаакка таһыгар тахсан сытар эбиппит. Уһуктан, атахпытын хомуна тутан салгыы утуйбуппут.

Поход кэлиҥҥи күннэригэр наар түһүү, сатаан хаампакка сороҕор сүүрэн дэлтэрийэбит. Ол да буоллар барытын көргө-нарга кубулутан, санаабытын түһэрбэккэ, элбэҕи билэн-көрөн, дуоһуйа сынньанан похуодпутун этэҥҥэ түмүктээбиппит. Ужгород куоратыгар турстанция үлэһиттэрэ зачетнай маршруту ситиһиилээхтик туораабыппытынан эҕэрдэлээтилэр. «Турист СССР» значогу барыбытыгар кэтэртилэр, элбэх үтүө тыллары, баҕарыылары эппиттэрэ. Сарсыныгар Уж өрүскэ сөтүөлээн, куораты, кинотеатрга «Три мушкетера» аатырбыт киинэни көрөн, астынан, киэһэ поеһынан дьиэбитигэр төнүннүбүт.

1961 с. атырдьах ыйыгар Закарпатьеҕа эдэр краевед-туристар Бүтүн Союзтааҕы слеттара буолбут. Онно Советскай Союз бары муннуктарыттан 2000 кэриҥэ оҕо 180 делегациянан кэлэн кыттыбыт. Оттон 1962 с. манна 3000 тахса эдэр турист сылдьыбыт, ол иһигэр Саха сириттэн эмиэ. Ол саҕана Закарпатьеҕа 920 тыһ. киһи олорор эбит. Бу дойду саамай үрдүк хайата Говерла 2058 м, оттон саамай улахан күөлэ Синеварское. Бу дойду бук 58,8 %, харыйа 25,4 %, пихта 3,7 %, дуб 7,9 , явор, клен, хатыҥ, тополь 4,2 % үүнэр. Өрүстэрэ – Уж, Лагорица, Боржава, Теребля, Тересва уонна Тиса.

Закарпатьеҕа айаннаан иһэн Львов, Киев куораттарга таарыйан ааспыппыт. Ити бэйэтэ туспа киэҥ ис хоһоонноох кэпсээн. Москва куоракка эмиэ хонон-өрөөн, күүлэйдээн сылдьыбыппыт. Оччотооҕуга тыа оҕотун көрүүтүгэр бу сүдү суолталаах айан этэ. Төннөрбүтүгэр пароходунан устубуппут. Онон биир сырыыга айан транспорын бары көрүҥэр олорон, айаннаан, билэн-көрөн, араас сири-дойдуну көрөн этэҥҥэ дойдубутун булбуппун.

А.Г.Васильева,

1955-63 сс. Дьиикимдэ 7 кылаастаах оскуолатын үөрэнээччитэ.

Александра Гаврильевна

ахтыытын бэчээккэ

Владимир Парфенов бэлэмнээтэ.