Тыа сиригэр күннээҕи түбүк бүппэт

Сибиэһэй үрүҥ ас, бэйэ хаһаайыстыбата — тыа сиригэр күннээҕи түбүк бүппэт.

Түгэнинэн туһанан ааҕааччыларбытыгар уу сахалыы күн бириэмэтин хайдах саҥаралларын таһаарабыт.

✅Тыҥ хатыыта – сарсыарда халлаан быһах биитинии сырдыыра.
✅Суһуктуйуу – халлаан сырдаан эрэрэ.
✅Куораччыт кэмэ – сарсыарда 4 чаас.
✅Сарсыардааҥҥы ыам – сарсыарда 6 чаас
✅Күн ойуута – сарсыарда 9 чаас.
✅Күнүскү ыам – күнүс 11 чаас
✅Күн ортото – күнүс 12 чаас.
✅Тоҥ күөс быстыҥа – биир чаас кэриҥэ
✅Түөртүүр ыам – күнүс 4 чаас.
✅Киэһээҥҥи ыам – киэһэ 8 чаас.
✅Түүн үөһэ – түүн 12 чаас.
✅Күн киириитэ – күн киирэрэ.
✅Түүн үөһэ – түүн 12 чаас.
✅Биир ууну утуйуу – икки-үс чаас устата утуйуу.
✅Омурҕан устата – 4 чаас үлэлээһин.

Күннэй Алексеева.