Түөкүттэр 26 мөл.400 тыһ.солк албыннаан ылбыттар

Бу ааспыт нэдиэлэҕэ мобильнай түөкүттэртэн өрөспүүбүлүкэбит 20 олохтооҕо  албыннатта. Ол курдук, уопсай хоромньу 26 мөл. 400 тыһ. солк. албыннаан ыллылар.

Түөкүттэр албыннарыгар киирэн биэрдилэр: 2 балыыһа үлэһитэ, 2 биэнсийэҕэ олорор дьон, 2 үлэтэ-хамнаһа суох дьон, 3 охранник, 1 орто үөрэх кыһатын преподавателэ, 1 слесарь, 1 дьаһалта үлэһитэ, 1 тэрилтэ суоппара уо.д.а.

Бу харчыларын түөкүттэргэ ыыппыт дьон маннык албыннарга киирэн биэрбиттэр: баан, ФСБ, МВД үлэһитэ буолан, кубулунан мобильнай төлөпүөнүнэн эрийэн харчыларын ыыттарбыттар. Ону таһынан харчы үлүннэрээһин (схема инвестиции) чааһынан 1 киһи аҥардас 3 мөл. 664 тыһ. солк. түөкүттэргэ ыытта. Сымыйа кирэдьиит оҥорооһунунан 350 тыһ. ыыттылар, Госуслуга үлэһитэ буолан кубулунан албыннаан 350 тыһ. ыыттарбыттар, атыы-эргиэн биллэриилэринэн 48 тыһ. албыннаан ылбыттар, телеграмҥа бонус ылааһынынан 2 мөл. солк. албыннаан ыллылар.

Улууспут олохтоохторун өссө төгүл сэрэтэбит, түөкүттэр албын угаайыларыгар төрүт киирэн биэримэҥ, информационнай сибээс эйгэтигэр болҕомтолоох, сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт.

Горнайдааҕы полиция отделенията