Быйылгы кыстык бэрт өр хатаан турар. 50 кыраадыстан кыратык түстэ да буоллар, кыһын аата кыһын тымныыта биллэр. Хас сыл ахсын дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ дьон-сэргэ сылаас дьиэҕэ кыһалҕата суох олороллорун туһугар бары кыһамньыларын уураллар.
Горнай улууһун үрдүнэн 23 хочуолунай баар. Олортон күөх төлөҥҥө – 11, чоххо – 8, күөх уматыкка – 4 холбонон турар. Бу объектар тымныы кыһын тохтоло суох үлэлииллэригэр тустаах тэрилтэ былааннаах үлэни ыытар.
Биһиги редакциябыт “ДьУоКХ” ГУП Горнайдааҕы филилалын кытары ыкса үлэлэһэр. Тыйыс тымныыга дьон-сэргэ туһугар, буһа-хата сылдьар дьон үлэтин сырдатар үтүө үгэстээхпит. Бу сырыыга кылаабынай инженер Петр Александров сүбэтинэн 2 №-дээх учаастак маастара Михаил Сидоровы көрсөн, хочуолунайдарга сырыттыбыт. Кини эппиэтинэһигэр алта объектаах. Олортон үс гааска, иккитэ газо-конденсакка холбонон турар. Биир чоҕунан оттуллар.
– Коллективпыт үчүгэй. Бары үлэлэригэр эппиэтинэстээх дьон. Үгүстэрэ эдэрдэр. Чоҕунан оттулар хочуолунайга сменаҕа иккилии буолан тураллар. Атыттарга биирдии киһи. Тымныы күннэргэ ураты үрдүк бэлэм буолуутун режимигэр киирэбит. Барыта кытаанахтык хонтуруолланар, – диэн Михаил Сидоров үлэтин туһунан билиһиннэрэр.
“БСОШ” объега чоҕунан оттуллар. Бүгүҥҥү сменаҕа Егор Иванов уонна Валентин Саввин оһохторугар чох быраҕа туралларыгар түбэстибит. Иккиэн аҕам саастаахтар. Бэрдьигэстээххэ бэркэ убаастаанар, үлэни-хамнаһы кыайа-хотор дьоннор. Дьөгүөр сылгыһыт. Балантыын мас тардыһыытыгар улуус аатын үгүс күрэхтэһиилэргэ элбэхтэ көмүскээбит киһи. Күн бүгүҥҥэ диэри хара үлэни ыһыктыбакка, өрө тута сылдьалларыттан киһи сөҕөр. Сэбиэскэй кэм оскуолатын ааспыт дьон хара үлэттэн толлубаттар.
“Бачча үлэ көстүбүтүгэр махтал. Оһохторбут этэҥҥэ буолалларын, слесарь уолаттар көрөллөр-истэллэр. Сылаас температураны түһэриэ суохтаахпыт,” – диэн сэмээр мичээрдээн ылаллар.
Күн устата күл быылын, тыас-уус ортотугар сотору-сотору түөрт аарыма оһоҕу чоҕунан аһатыах диэтэххэ, киһи сыанан аҕаабат.
“БСОШ” хочуолунайыгар холоотоххо “ЦРБ” уонна “38 кыбаартал” объектара уратылара харахха быраҕыллар. Ырааһын, киэҥин-куоҥун, чуумпутун тутатына бэлиэтиигин. Бастакы газоконденсатынан оттуллар. Эппиэтинэстээх Александр Ильин. Тэрилтэ биир аҕам саастаах тутаах үлэһитэ. Сааһын тухары ханна да халбарыйбакка биир хочуолунайы көрөн-истэн кэлбит. Мантан элбэх кыбартыыралардаах саҥа дьиэлэргэ уонна “Сардаана” оҕо уһуйааныгар сылаас эрэ буолбакка, иһэр уу эмиэ барар. Иккискэ “ДьУоКХ” тэрилтэтигэр 2006 с. слесарынан үлэтин саҕалаабыт Егор Степанов күөх төлөнүнэн оттуллар сылаас киириитин-тахсыытын хонтуруоллуур.
“Гаас буолан үчүгэй. Барыта этэҥҥэ. Бэйэтэ хонтуруоллуур. Ол эрэн, син биир көрө-истэ сылдьыахха наада,”– диэн Егор санаатын үллэстэр.
Тэрилтэ салалтата үлэһиттэригэр сөптөөх бары усулуобуйаны тэрийиигэ биир ураты болҕомтону уурарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Күн-дьыл кэмиттэн тутулуга суох, нэһилиэнньэ туһугар күн ахсын түбүктээх үлэ үөһүгэр сылдьар дьоммут үлэлэрэ тахсыылаах буоллун.
Вячеслав Алексеев