Тирии хатырарыгар ити барыта эбиискэ буолар

Билсиҥ саҥа рубрика ыытааччыта: Биир дойдулаахпыт Алена Михайлова – урбаанньыт, Бэрдьигэстээххэ уонна Покровскайга «Skintime» косметика маҕаһыыннарын салайааччыта. Кини «Үлэ күүһэ» хаһыакка кэрэ аҥардарга анаан, «Кэрэ» рубриканы ыытан саҕалаата.

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар, чуолаан кэрэ аҥардарга Алена бу тымныыга сирэйбитин, кэрэ сэбэрэбитин хайдах көрүнэргэ сүбэлиир:

  • Сирэй тириитин, эт тириитин уонна баттаҕы сөпкө көрүнүү ньымалара,  сүрүн тутуллара куруук биир буолар. Ол эрэн, дьыл кэмэ уларыйарын, кыһыҥҥы эбэтэр сайыҥҥы салгын туругун аахсыахтаахпыт, бэйэ көрүнүүтүн онно эмиэ сөп түбэһиннэриэхтээхпит.

Дьэ, ол курдук, Сахабыт сирин тыйыс уһун кыһынын туоруур кэмҥэ хайдах сөпкө бэйэни көрүнэбит? Тугу сүрүннээн билиэхтээхпитий?

Кремы, лосьону субу таһырдьа тахсаары туран соттумаҥ. Тириигэ ситэри иҥпэтэх крем тымныы салгыҥҥа тахсан хам тоҥон хаалар уонна иҥпэт. Кыра көстүбэт уу кристалликтарын үөскэтэн, сирэйгит тириитин хам тоҥорор, тириигитин үлүтэн кэбиһиэххитин сөп. Кыччаабыта 1 чаас иннинэ соттон баран биирдэ таһырдьа тахсыҥ диэн сүбэлиибит.

Тымныы салгыҥҥа аһаҕас сылдьар тириини хайаан даҕаны күн аайы увлажняющай кремынан соттон сымнатыахха наада, илии тириитин эмиэ. Хас сууннаххыт, уунан таарыйдаххыт аайы, тириигититтэн харыстыыр липиднай бүрүөһүнүн чарааһытаҕыт. Ол түмүгэр, тириигит хатырарга ылларымтыа буолар, тоҕо диэтэххэ кини чарааһыыр. Уутун сүтэрэрэ 7 төгүл күүһүрэн биэрэр. Онно өссө эбиллэн биэрэр, дьиэни сылытар радиатордар салгыны куурдар дьайыылара. Тирии хатарарыгар ити барыта эбиискэ буолар.

  • Түүҥҥү кремы туспа анаан ылан туттуҥ. Бу кыһыҥҥы кэмҥэ бэйэни сөпкө көрүнэргэ эмиэ сүрдээх туһалаах ньыма. Тоҕо диэтэххэ, киһи этэ-сиинэ түүнүн ордук туһалаах элеменнары бэйэтигэр дириҥник иҥэринэр, айылҕабыт түүн устата клеткалары саҥардарга үчүгэйдик үлэлиир, ол кэмҥэ түүҥҥү крем туһата икки төгүл күүстээх буолар. Куурар-хатар тириигэ олус наадалаах.

  • Скрабтарынан, пилиннарынан тымныы кэмҥэ наһаа үлүһүйбэккэ, сэрэнэн туттар ордук. Нэдиэлэҕэ биирдэ туттаргыт сөп. Бу быраабыла эмиэ тирии липиднай бүрүөһүнүн харыстыыр туһугар суруллар. Наһаа хатыран тириигит аһыйа сылдьар кэмигэр скрабынан аалартан туттунуҥ. Бастаан сымнатар маасканан эбэтэр кремынан тириигитин үчүгэйдик сымнатан баран, 1-2 хонук ааспытын кэннэ биирдэ скрабтанар буолуҥ. Кэһэйэ сылдьар тириини эбии күүскэ аалан буорту кынымаҥ. Сорох кэрэ аҥаардар “сирэйим хатырык курдук буолбут”диэннэр хатырбытын устар санааттан, пилиннаа да пилиннаа буолаллар, кремынан соттору умнан кэбиһэллэр, тириилэр өссө күүскэ хатырар. Итинник гынар сыыһа.

Аныгы үйэ космецевтиката, тирии уутун тутарга, кинини сымнатарга сүрдээх элбэх араас ону-маны оҥорон таһаарар. Ол курдук, суумкаҕа илдьэ сылдьан ыстарынар убаҕастар, биирдэ туттуллар мааскалар о.д.а. Бэйэҕитигэр ол араас эгэлгэ быыһыттан биир сөптөөҕү талан, күннээҕи көрүнүүгүтүгэр киллэрэн биэрэн, тускутугар туһаныҥ.