Атырдьах ыйын 2 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аска-үөлгэ политикатын сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа, кооперацияҕа уонна фермерствоҕа департаменын салайааччыта Николай Питимко Горнайга үлэлээтилэр.
Күн бастакы аҥаарыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Роман Филиппов, нэһилиэк баһылыга Александра Александрова уонна тустаах салайааччылар Өркө сааскы уу барыытын-кэлиитин хонтуруоллуур 1984 с. тутуллубут шлюз туругун көрдүлэр. 2007-08 с.с. халаан уута даамбаны улаханнык алдьатыаҕыттан, хаста даҕаны өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбытын үрдүнэн, уу тоҕу көппүтэ. Салайааччылар инникитин алдьаныыны сөргүтэргэ туох үлэ барыахтааҕын ырытыстылар.
Мытаахха саҥа тутулла турар арыы сыаҕын туһунан «Горнай Ас» ТХППК бэрэссэдээтэлэ Николай Ефремов, сыах салайааччыта Светлана Карпова сырдаттылар. Эбэҕэ бөдөҥ хаһаайыстыбалаах Снежана, Руслан Чемезовтарга ыалдьыттаан, үлэлэрин-хамнастарын билистэ. Россия тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн агро-туризмы сайыннарар соруктаах улахан куоҥкуруска кытта сылдьалларын олус сэргии иһиттэ. Инники былааннарын, бырайыактарын кэскиллээҕинэн сыаналаата. Кэрэ айылҕалаах сиргэ үлэ тахсыылаахтык барарыгар баҕа санаатын тириэртэ. Руслан Чемезов ходуһа ууларын ыытарга, үрэхтэри эргэ сууллубут мастары ыраастыырга былааннаах үлэ ыытылларыгар этии киллэрдэ. От үлэтэ этэҥҥэ баран иһэрин кэпсээтэ.
Михаил Никифоров сир-уот оҥоруутугар, бэйэ ыһыы от үүннэриитигэр болҕомто ууралларыгар сүбэ-ама биэрдэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ бороһуок үүттэн үрүҥ ас бородууксуйатын бэлэмниир табыгастааҕын эттэ. Инникитин тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үчүгэй өйөбүл баарын ыйан туран, түмсүүлээх буоларга ыҥырда.
Вячеслав Алексеев