Бүгүн Россияҕа Полиция участковай үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Участковай сүрүн үлэтэ улууска буруйу оҥорууну профилактикалааһын, буруй тахсыбатын сэрэтии, учуокка турар дьиэлэри, дьоннору кытта ыкса үлэлээһин буолар. Полиция отделын биир тутаах үлэһиттэринэн участковайдар буолаллар. Хас биирдии вызов киирдэҕинэ, итирии-кутуруу, этиһии-охсуһуу, уорааһын-талааһын, ыкка ытыттарыы барыта кинилэр нөҥүө ааһар.
Ааҕааччыларбытыгар анаан идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээн туран, участковай сулууспа начаалынньыга Алексей Осиповтыын кэпсэттибит. Бу ыйытыыларга биһиги ааҕааччыларбыт эмиэ кыттыстылар. Сүрүннээн кинилэр интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдибит.
1.Улуус үрдүнэн хас участковай үлэлиирий? Нэһилиэккэ барытыгар бааллар дуо?
– Улуус үрдунэн уопсайа 5 участковай уонна 1 участковай көмөлөһөөччүтэ баар.
2. Күҥҥэ хас вызов киирэрий?
– Күҥҥэ ортотунан 5-6 вызов киирэр. Бырааһынньык кэмигэр уонтан тахса киириэн сөп.
3. Ордук элбэх туох буруй оҥоһулларый?
– Ордук элбэх буруйу оҥоруу биллэн турар, аһыы утаҕы иһэртэн тахсар. Ол барыта киһиэхэ эт-хаан эчэйиитин оҥоруу, итирик массыынаны ыытыы, дьиэ иһинээҕи айдаан буолар.
4. Профилактика үлэтэ хайдах быһыылаахтык ыытылларый?
– Күннэтэ дьиэнэн сылдьан, иһэр-аһыыр, учуокка турар дьону көрөбүт, уулуссаҕа, общественнай сирдэргэ итирик дьон бэрээдэги кэһэр түгэннэригэр миэрэҕэ тардабыт.
5.Хас киһи учуокка турарый?
– Улуус үрдунэн уопсайа 86 киһи профилактическай учуокка турар.
6.Статистика көрдөрөрүнэн туох эбиллэр, туох тупсар?
– Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 10 ый түмүгүнэн уопсай буруй оҥорооһуна 22 % түстэ. Ол курдук, ыарахан көрүҥнээх буруй оҥоруута 25 % , уоруу 40 %, урут сууттана сылдьыбыт дьонунан буруй оҥоруута 54,5 % тустүлэр. Арыгы иһэн баран буруй оҥоруута былырыыҥҥыны кытта тэҥ. Общественнай миэстэҕэ буруй оҥоруута 120 % үрдээтэ, бу үксэ аһыы утаҕы иһэн баран, хаттаан уруулга олорууга үрдээтэ.
7.Арыгы атыылыыр «точкалар» билигин бааллар дуо? Бутлегердар?
– Арыгы атыылыыр “точкалар” суохтар, бэлиэтэнэ иликтэр. Бутлегердар бааллар, олору кытта үлэлэһэбит. Быйыл биир бутлегер тутуллан, дьыала оҥоһуллубута.
8. Хас киһи ыкка ытыттарда?
– Сыл саҕаланыаҕыттан уопсайа 14 киһи ыкка ытыттарда.
9.Түөлбэнэн араараҕыт дуо, ордук хайа түөлбэҕэ буруйу оҥоруу тахсарый?
– Буруйу оҥорууну түөлбэнэн араарбаппыт. Улууска уопсайа 5 учаастак баар, Бэрдьигэстээххэ икки уонна нэһилиэктэргэ үс учаастак. Буруй оҥоруутун ити этиллибит учаастактарынан ааҕабыт.
10. Ааҕааччыларга, нэһилиэнньэҕэ баҕа санааҥ, сүбэҥ-амаҥ
– Бу сылга 10 ый түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо мошенниктарга 800 мөлүйүөнтэн тахса харчыны ыыттылар. Күннэтэ бу угаайыга киирэн биэрэ олороллор. Онон сибээстээн, харчы операциятын оҥорорго сэрэхтээх буолуҥ! Өссө биирдэ санатабыт, полиция, прокуратура, банк үлэһиттэрэ эһиэхэ эрийбэттэр, инвестициянан харчы үлүннэрээһин эмиэ албын буолар, барытыгар итэҕэйэн иһимэҥ.
“Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү” бырагырааманан Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо саҥа, таас дьиэлэргэ көстө. Манна уопсай дьиэлэргэ киэһээҥҥи өттүгэр дьон бокуойун кэстэххэ, Саха сирин административнай кодексатын 3.5 ыстатыйаҕа эппиэккэ тардыллыахха сөп. Ол эбэтэр киэһэ 21 ч сарсыарда 8 чааска диэри тыаһыа-ууһуо суохтааххын, үҥсүү киирэр түгэнигэр миэрэҕэ тардыллаҕыт. Онон бэйэ-бэйэҕитин убаастааҥ, бэрээдэги кэһимэҥ диэн ыҥырабыт.
Саалаах дьоҥҥо туһаайан этэбит, өскөтүн эһиги административнай арест көрүллэр ыстатыйатынан протоколланар түгэҥҥитигэр сааҕыт былдьанар. Икки сылга сааланаргын быһыллар. Эр дьон ону өйдүөххүтүн наада. Дьиэлэригэр айдааран, кэргэнигэр илиитин көтөҕөн, элбэх киһи саата былдьанна.
Дьон-сэргэ олоҕо чуумпу, уоскулаҥ буоларыгар үлэлэһэ сылдьар улууспут участковайдарын идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибит. Улууска, хас биирдии нэһилиэккэ буруйу оҥоруу ахсаана күннэтэ кыччаатын, буруй төрүөтэ буолар аһыы утаҕы иһээччи аҕыйаатын, дьиэ кэргэн олоҕо дьоллоох-соргулаах буоллун.
Күннэй Алексеева