Учуутал, тренер, бастыҥ общественник

Улуус Бочуоттаах олохтооҕо, спорт уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ спордун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин анал бэлиэ хаһаайката Е.Ф.Дунаева 1934 с. ыам ыйын 24 күнүгэр Ойуун Ууһун нэһилиэгэр Бардыалаах үрэҕэр күн сирин көрбүтэ. Оотой-тоотой оҕо саас барахсан кимиэхэ баҕарар олус күндү, ураты ахтылҕаннаах буоллаҕа оскуола, бастакы учуутал, алтан чуораан чугдаарар тыаһа эмиэ умнуллубат, өйтөн-сүрэхтэн хаһан да сүппэт сүдү аналлаахтар.
Мин кэпсиир дьоруойум Елена Филипповна 1941 с. кырыыстаах хара дьайдаах сэрии сылыгар Дьөгүөр Эбэтин начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини бастакы учууталын Д.Д.Яковлевы хаһан да умнубат, куруук иһирэхтик ахтааччы: «Биирдэ Баҕадьа диэки олохтоох оҕолору кытта аргыстаһан, өрөбүлгэ ийэбэр күүлэйдии барсыбытым. Тиийэммин ыалдьан хаалбытым. Төһө өр ыалдьан сыппыппын үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Оччотооҕуга билиҥҥи курдук, талбыккынан айанныыр көлөҥ да суоҕа. Биир эмит ат, оҕус көлө баар да буоллаҕына күн аайы фермаҕа от тиэйэллэрэ. Көр онно аһыныгас, үтүө санаалаах учууталым Дмитрий Дмитриевич үөрэхтэн матарымаары дуу, эбэтэр уруогу наһаа көтүппүтүм иһин дуу, сыарҕалаах атынан бэйэтэ кэлэн, оскуолабар илдьэ барбыта. Оо, онно үөрбүппүн билигин да, олох умнубаппын, куруук махтана саныыбын». Дьэ, ити курдук Елена Филипповна ыалдьа-ыалдьа үөрэнэн, 1949 с. Атамай сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ.
1956 с. салгыы Дьокуускайдааҕы педучилище физкултуурунай салаатын бүтэриэҕиттэн ханна да халбарыйбакка Дьиикимдэҕэ олохсуйан үлэлээбитэ, оҕо-уруу тэниппитэ. Ол усталаах туоратыгар начаалынай кылаас, физкултуура, ырыа учууталынан, интэринээт сэбиэдиссэйинэн өр сылга үлэлээбитэ. 1986 с. саҕалаан оскуолаҕа дуобат, саахымат тренеринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Елена Филипповнаны учууталлар учууталлара диэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, Дьиикимдэ орто оскуолатыгар уонна дьааһыла-саадка үксүбүт үөрэппит-такайбыт оҕолоро оҕо иитиитигэр үлэлии-хамсыы, сүбэ-ама буола сылдьабыт. Нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кытта сатыыбыт. Этэҥҥэ олордоххо, күн-дьыл барара түргэнэ, номнуо биһиги көлүөнэ аҕамсыйа быһыытыйдыбыт. Үксүбүт биэнсийэлээх учуутал аатырдыбыт. Елена Филипповна миигин физкултуура, ырыа уруоктарыгар үөрэппит умнуллубат үтүөлээх. Кини гимнастикаҕа училище саҕаттан разрядтаах буолан, кыргыттары гимнастикаҕа кыһаллан дьарыктыыра.
Оскуола уус-уран самодеятельноһын эмиэ кини иилээн-саҕалаан ыытара. Мандолинаҕа олус үчүгэйдик оонньуура, ырыаны нотанан үөрэтэрэ. Эргиччи салайар талааннаах буолан, кэлин интэринээт сэбиэдиссэйинэн уһуннук үлэлээбитэ. Елена Филипповна мин ийэм биир дойдулааҕа этэ. Биэнсийэҕэ тахсан олордоҕуна дуобакка Саха сирин бастакы маастардарыттан биирдэстэрэ С.С.Исаков Дьиикимдэҕэ оҕо спортивнай оскуолатын филиалын астаран, онно дуобат, саахымат тренеринэн үлэлэтэ ылан турар.
Ханнык баҕарар спорт көрүҥэ баҕалаах, дьоҕурдаах оҕону кытта үлэлиир ураты ньыманы, туспа сыһыаны эрэйэр. Үлэтигэр олус бэриниилээх, эбэлии эйэҕэс майгытынан, ийэлии иһирэх сатабылынан дуобакка эрчийбит-такайбыт оҕолорун ситиһиилэрэ сөҕүмэр. Ол курдук, тренер быһыытынан үлэлээбит үлэтин усталаах туоратыгар барыта 5 кандидаты, уонунан ааҕыллар спортивнай разрядтаахтары иитэн-үөрэтэн таһаарбыта элбэҕи туоһулуур. Филиал иитиллээччилэрин бастакы улахан ситиһиилэрэ 1990 с. кэлбитэ. Ол сайын улуус хамаандатын састаабыгар киирэннэр Подмосковьеҕа – Новай Бытка буолбут дуобат улахан фестивалыгар ситиһиилээхтик кыттаннар 16 хамаандаттан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн тураллар. Хамаанданы Елена Филипповна салайан илдьэ сылдьыбыта.
1994 с. икки бастыҥ дуобатчыттара Алена Николаева, Ася Кириллина өрөспүүбүлүкэтээҕи дуобат бэстибээлигэр эрэллээхтик бастаан тураллар. Дьэ, бу сылтан саҕалаан, Дьиикимдэ оскуолатын дуобатчыттара өрөспүүбүлүкэҕэ биллэн-көстөн барбыттара. Бастакы хараҥаччыларынан Алена Николаева, Ася Кириллина уонна Саргы Сенькина буолаллар. Кинилэр улуус чиэһин элбэхтик көмүскээбиттэрэ. Саамай чаҕылхай ситиһиини Европа таһымыгар тиийэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспит үөрэнээччитинэн Света Васильева буолар. Кини өссө иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, 13 төгүллээх СӨ чемпиона Н.Н.Саввинов бирииһигэр үһүс миэстэни ылан тренерин үөрдүбүтэ.
1999 с. бэһис төгүлүн ыытыллыбыт турнирга 30 кыыстан бастакы миэстэни ылан, Н.Н.Санников олохтообут бирииһин хаһаайкатынан буолбута элбэҕи кэпсиир. Ол саҕана Света бэһис кылааска эрэ үөрэнэрэ. Бу чаҕылхай ситиһии кэнниттэн Светаны дьоно С.С.Исаковка эрчийэ ыыппыттара. Ол биллэринэн үчүгэй өрүттээх буолбута. Ол курдук, олунньуга Санкт-Петербурга буолбут 100 харахтаах дуобакка биирдиилээн бастыыр иһин Россия оҕолорго чөмпүйэнээтигэр Света бэйэтин бөлөҕөр III миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ биир күүстээх оонньооччута буоларын дакаастаабыта. Бу чаҕылхай ситиһиитинэн Света Польшаҕа буолбут Европа чөмпүйэнээтигэр бэйэтин дуоскатыгар алтыс миэстэни ылан, куһаҕана суох түмүгү ситиспитэ. Ол оннугар түргэн оонньууга кыһыйан-абаран туран, ситиһиилээхтик оонньоон, иккис миэстэни ылан өрөгөйдөөбүтэ. Онон Света Васильева бэйэтин саастыылаахтарын ортотугар, сүүс харахтаах дуобакка мини-кадеттарга Европа призера буолар үрдүк чиэскэ тиксибитэ уонна элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх дуобатчыт буоларын өссө төгүл дакаастаабыта.
Елена Филипповна дуобаты таһынан оҕолору саахымакка эмиэ эрчийэрэ, үөрэтэрэ. Ол курдук, 2004 с. улуус оскуолаларын үөрэнээччилэрин ортотугар күрэхтэһиигэ Дьиикимдэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ алта чөмпүйүөннэнэн аҥаардастыы аатырбыттара. Күрэхтэһии түмүгүнэн тоҕус оскуолаттан 8,5 очкону хомуйаннар «Чыпчаал» кинигэҕэ киирэр чиэскэ тиксибиттэрэ. Елена Филипповна үөрэппит кыыһа дуобакка маастарга кандидат Саргы Сенькина хайа баҕарар солбуйар эрэллээх киһилээх. Елена Филипповна быһаччы сабыдыалынан, туруорсуутунан Саргы Чурапчытааҕы физкультурнай институту ситиһиилээхтик бүтэрэн, билигин үөрэммит оскуолатыгар саахымат тренеринэн үлэлиир.
Спорт уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ Елена Филипповна нэһилиэккэ биир бастыҥ үлэлээх уонна бастыҥ илиилээх оҕуруотчут быһыытынан биллэрэ. Үрдүк үүнүүнү ылыаххын баҕарар буоллаххына «кытайдар» курдук, күнү-дьылы аахсыбакка туран элбэхтик тиритэ-хорута оҕуруокка үлэлиэххин наада. Сир быйаҥа ампаардаах аска тэҥнээх. Кини дэгиттэр оҕуруотчут эрэ буолбатах, ону таһынан сибэкки арааһын сөбүлээн үүннэрэрэ. Туох да омуна суох Елена Филипповна уһаайбатыгар яблоко да түһэр миэстэтэ суох, барыта сөптөөхтүк көрөн оҥоһуллубут, аттарыллыбыт буолара. Уһаайбатыгар үс улахан теплица, киэҥ хортуоппуй сирэ, моркуоп, сибэкки кирээдэлэрэ тупсаҕайдык кэккэлэһэллэрэ. Кини оҕуруотун уонна күөх өлгөм үүнээйитин өссө 1980 с. Борго үлэлээбит фронтовик-учуутал Саха сирин суруналыыстарын аксакала Григорий Нынныров «Кыым» хаһыакка «Альбина арбуһа» диэн төбөлөөн, сөҕөн-махтайан суруйан турар. Онон Елена Филипповна улууска биир бастакынан арбуһу үүннэрбит өлбөөдүйбэт өҥөлөөх. Ол саҕана ким даҕаны теплицаҕа арбуһу үүннэрэ иликтэрэ. Нэһилиэккэ биир бастакынан 2000 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа ситиһиилээхтик кыттан, видеомагнитофонунан наҕараадаланан турар. Ол эрэ буолбатах 1999 с. ахсынньыга тыа хаһаайыстыбатын бастакы съеһигэр кыттан, СӨ Бастакы Президенэ М.Е.Николаевы кытта хаартыскаҕа түспүт дьоллоох.
Елена Филипповна дьоҕус оҕуруотуттан муҥутаан биир тн хортуоппуйу, 1 ц помидор арааһын, 3,5 ц моркуобу үүннэрэн ылбыта уос номоҕор сылдьар. Оҕуруот аһа үүнэр, үүммэт дьыллаах, кэмнээх-кэрдиистээх, айылҕаттан быһаччы тутулуктаах. Биир өлгөм үүнүүлээх сайын «Анна Герман» диэн помидор суордуттан, сыччах биир угуттан 42 устуука помидору үүннэрэн турардаах, онтукатын ыйааһыҥҥа уурбута 2 кг 400 гр буолбут этэ. Дьэ, бэйэтин туһугар киһи эрэ сөҕөр көрдөрүүтэ буолбат дуо!? Елена Филипповна төһө, хачча оҕуруот аһын үүннэрбитин кэпсиир анал тэтэрээттээх буолааччы. Онно сыллааҕы үүнүүтүн суруйан, бэлиэтэнэн иһэр идэлээх этэ.
Истиҥник саныыр, убаастабыллаах учууталым Елена Филипповна сааһырдым диэн баран быар куустан олорботоҕо, хайа да учууталлааҕар элбэхтик кэлэрэ-барара, айанныырын сөбүлүүр идэлээҕэ. Дуобатчыт оҕолорун кытта Дьокуускайга күрэхтэһиигэ сылдьарын эбэтэр Сиинэҕэ барбыт сураҕын эрэ истэн хаалаҕын. Педагогическай үлэ Бочуоттаах бэтэрээнэ Е.Ф.Дунаева биэс оҕо күн күбэй ийэтэ, 13 сиэннээх, 10 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ этэ. Сиэннэр бары үрдүк үөрэхтээхтэр, биир сиэнэ Айаан Александрович «Полярные авиалинии» АХ авиатехнигынан үлэлии сылдьар.
Учууталлар учууталлара, спорт ахсаабат пропагандиһа олоҕун саамай үтүө сылларын үлэлээн атаарбыт уонна учуутал быһыытынан маҥнайгы хардыылары оҥорбут Елена Филиппованы тапталлаах оскуолатын 95 сыллаах үбүлүөйүгэр Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын кэлэктиибэ иһирэхтик ахтан-санаан ааһыахтара диэн эрэнэбин.
Быйыл ыам ыйын 25 күнүгэр Дьиикимдэҕэ, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ спорт хамсааһына тэриллибитэ 90 сыла анал бэлиэ хаһаайката Е.Ф.Дунаева төрөөбүтэ 90 сааһыгар аналлаах нуучча дуобатыгар күүстээх маастардар уонна маастарга кандидаттар кыттыылаах аһаҕас турнир ыытыллар. Онно дуобат тумара толоонугар утары олорон көрсүөххэ диэри.
Владимир Парфенов,
Дьиикимдэ орто оскуолатын урукку учуутала, суруналыыс, кыраайы чинчийээччи.