Удамыр уонна хаачыстыбалаах

Россельхозбаан Саха сиригэр каркаас-паныал технологиятынан тутуллар дьиэлэр тустарынан кэпсиир

Итиини тутар каркаас билиитэ, собуокка бэлэмнэммит дьиэ кэмпилиэгэ, дьиэлэри, барнхаустары, А-фреймалары, гараастары тутарга туттуллар экологияҕа буортута суох матырыйаал – паныал – Саха сирин олохтоохторугар үгүстүк көстөр буолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык дьиэлэр дьэндэһэн, дьон болҕомтотун тардаллар. “Төһө ичигэс буолуохтарай, сыаната төһөнүй, ханнык тэрилтэ дьарыгырарый?” диэн үгүс киһи ыйытар. 

“ЭкоСтройИнвест” хампаанньа 2022 сыллаахха бастакы дьиэ кэмпилиэктэрин аҕалан туруортаабыта. Күн бүгүнүгэр диэри бу дьыаланан ситиһиилээхтик дьарыгырар. Тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Уһун Илин эрэгийиэнигэр соҕотох. Икки сыллаах үлэ түмүгүнэн маннык дьиэлэр эрэллээхтэрэ бигэргэннэ, тутуллар технологиялара сылтан сыл аайы тупсан иһэр. “ЭкоСтройИнвест” оҥорор өҥөтө элбэх, ол иһигэр дьиэни “под ключ” хаачыстыбалаахтык тутарын чорботон бэлиэтиэххэ сөп. Манна сири тэҥнээһин, дьиэ акылаатын туруоруу, буруустан эбэтэр каркаас-паныал технологиятынан оҥоһуллубут дьиэ кэмпилиэктэринэн дьиэни тутуу, хоруобуйа, уу сүүрэр систиэмэтэ, дьиэ истиэнэтин изоляциялааһын, ититии, түннүктэр, ааны таҥыы, муоста уонна дьиэ үрдэ, уопсайынан, дьиэни тутарга сыһыаннаах үлэ бары көрүҥэ  киирэр.“ЭкоСтройИнвест” хампаанньа 2020 сылтан Россельхозбааҥҥа аккредитациялаах. Сыл аҥаарын аайы төһө эрэллээҕэ, үпкэ-харчыга төһө бигэ туруктааҕа бэрэбиэркэлэнэр, контрагеннары кытта тэрээһиннээхтик үлэлиирэ, үлэтин кэмигэр толороро бэлиэтэнэр. Хампаанньа европалыы хаачыстыбалаах сыаналаах тэриллэрдээх, ону туһанан тутууга аналлаах оҥоһуктары (изделиелары) түргэнник, хаачыстыбалаахтык оҥорор, анал конструкциялартан дьиэлэри туруорар. Ол түмүгэр бэрт кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаах саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр”, – диэн Россельхозбаан Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Василий Тимофеев кэпсиир.

“СахаСтройИнвест” салалтатын ыҥырыытынан Василий Тимофеев тэрилтэ үлэлиир базатыгар сырытта, маһы бэлэмнээһинтэн саҕалаан конструкцияны тиэйэргэ-таһарга тиийэ дьиэ кэмпилиэктэрэ бэлэмнэниллэр технологияларын түһүмэхтэрин билистэ. Ол түмүгэр бу тутуулар үрдүк хаачыстыбалаахтарын, эрэллээхтэрин биллэ. “ЭкоСтройИнвест” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Шигабудинов хампаанньа уонна тэрилтэ мэктиэлэрин туһунан кэпсээтэ.

– Хампаанньа туhунан кыратык кэпсээҥ. Тоҕо чуолаан дьиэ кэмпилиэктэринэн дьарыктанарга быһаарыммыккытый?

– Биһиги хампаанньабыт 2008 сылтан саҕалаан үлэлиир. Бастаан чааһынай дьиэлэри тутар этибит. Ол кэннэ тимир конструкциялары – чааһынай дьиэлэргэ сиэптиги, олбуору, гарааһы оҥорон таһаарар буолбуппут, дьиэ тутарбытын тохтоппотохпут. 2013 сыллаахха 6 га иэннээх базаланан, ыстааппыт улаатан, тимир конструкциялары оҥорор, дьиэлэри тутар кыахпыт өссө улааппыта. 2017 сыллаахха ыстаныактары атыыласпыппыт, анал оҥоһуулаах бурууһу бэлэмнээн таһаарар буолбуппут. Ол кэннэ “Сила” сыып оннугар анал куруһуна уонна “межвенцовай” диэн аныгылыы ньыманан ититии дилерэ аатын ылан  итинник дьикти буруустары атыылыыр кыахтаммыппыт. Ити сылга хампаанньабыт “Саха сирин тутааччылара” түмсүүгэ киирбитэ.  2021 сыллаахха мас сыаната эмискэ үрдээн каркаас дьиэлэри тутар толкуй киирбитэ. Маһы туттары аҕыйатар кыһалҕа үөскээбитэ, ол гынан баран хаачыстыбаны өссө өрө тутар сорук турбута. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бу технологияны туһанан дьиэлэри хайдах тутары үөрэтэн барбытым. ХИФУ учуонайдарын кытта сүбэлэһэн, үгүс чинчийиини, литератураны ааҕан баран бу технология биһиги эрэгийиэммитигэр барсар, нэһилиэнньэ кыһалҕатын хааччыйар эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

– Каркаас-паныал технологиятынан оҥоһуллубут дьиэ кэмпилиэктэрэ төһө ичигэстэрий? Биһиги тыйыс кыһыммытыгар барсаллар дуо?

– Саамай чараас халыҥнаах маннык паныал буруус дьиэтээҕэр быдан ичигэс уонна удамыр сыаналаах буоларын быһаардыбыт. Холобур, буруус дьиэни уонна биһиги 200-паныалбытын тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, панел дьиэ 4 төгүл ичигэс буолара дакаастанна. Маннык дьиэ хамсаабат, баһаар өттүнэн улахан куттала суох, истиэнэтэ көнө буолар. Итиэннэ икки төгүл түргэнник тутуллар буолан, тутааччыларга эбии харчыны төлөөбөккүн. Сороҕор сакаасчыт бэйэтэ тутар, биһиги быраактыкабытыгар оннук түгэннэр бааллара.

– Дьиэлэри тутууну таһынан эһиги хампаанньаҕыт өссө туох өҥөнү оҥороруй?

– Биһиги профилированнай бурууһу, үчүгэй көстүүнү биэрэр (“погонажнай”) оҥоһуктары, ол эбэтэр дьиэни, дьиэ үрдүн бүрүйэргэ туттуллар бурууска маарынныыр тутуу матырыйаалын, муостаҕа тэлгэнэр анал хаптаһыны оҥоробут. Маны таһынан резервуардары, саҥа ыстаал сиэптиги, олбуору, киирэр ааны, кэлииккэни оҥоробут.

– Дьиэ кэмпилиэктэрин төһө кэм бэлэмниигитий?

– Ол дьиэ кэмпилиэгэ төһө уустугуттан, кээмэйиттэн тутулуктаах. Биир дьиэ кэмпилиэгин ортотунан 2-3 күн оҥоробут. Холобур, 100 кв.м. иэннээх орто кээмэйдээх дьиэ, акылаата бэлэм түгэнигэр, 1,5-2 күн туруоруллар. Дьиэ кэмпилиэктэригэр түннүктэр, ааннар турар сирдэрэ эрдэттэн быһыллан бэлэм буолаллар. Наадалаах туттарар тэриллэр, ититии матырыйааллара эмиэ кэмпилиэккэ холбуу бэриллэллэр. Дьиэ акылаата туох баҕарар буолуон сөп, бэл, лапыакка эбэтэр турбаҕа турар. Тутуһуллар усулуобуйаны барытын тутустахха, маннык дьиэлэр ортотунан 60 сыл тураллар.

– Чэпчэтиилээх ипэтиэкэ бырагыраамаларын туһанан маннык дьиэлэри туттарыахха сөп дуо?

–  Сөп, Россельхозбаан Тыа сирэ уонна Дьиэ кэргэн чэпчэтиилээх ипэтиэкэлэрин туһанан туттарар кыахтааххыт. Биһиги бааммыт итиннэ аккредитациялаах.

– 2023 сылга төһө дьиэни бэлэмнээбиккитий? 2024 сылга туох интэриэстээххитий?

– 2023 сылга 40 кэриҥэ дьиэни бэлэмнээбиппит. Быйыл 23 дьиэ кэмпилиэгин оҥордубут, ол эбэтэр сыл аҥаардааҕы былааммытын номнуо куоһаран олоробут.

– Матырыйаалларгытын хантан атыылаһаҕытый? Арассыыйа ханнык эрэгийиэннэриттэн? Тас дойдулартан эмиэ ылаҕыт дуу?

– Биһиги туттар матырыйаалбыт барытын бэйэбит оҥоробут эбэтэр Арассыыйаҕа оҥоһуллубуттары атыылаһабыт. Матырыйаалларбыт бары экологияҕа, дьоҥҥо буортулара суох, ону таһынан хаачыстыбаны мэктиэлиир бары анал сэртипикээттээхтэр.

– Дьиэ бырайыагын оҥороҕут дуо? Киэн туттар, дьон сэҥээриэн сөп интэриэһинэй түгэниҥ кэпсиэххит дуу?

– Дьиэ бырайыагын анал бырагырааманы туһанан бэйэбит оҥоробут, бэйэбит бас билэр бырайыак оҥорор бюролаахпыт. Манна былаан бэлэмниибит, чөртүөс оҥоробут. Каркаас тутуу технологията ураты архитектурнай быһаарыылары ирдиир. Каркаас тутуу акылаата хамсаабат, ол иһин дьиэ иһин да, таһын да ханнык баҕарар матырыйаалынан бүрүйүөххэ сөп. Былырыын бэрт интэриэһинэй бырайыагы толкуйдаабыппыт: тутуу матарыйаалларын оҥорон бэлэмнээбиппит, туруорбуппут уонна икки дьиэни сэдэхтик туттуллар ураты матырыйаалынан бүрүйбүппүт. Бу дьиэлэр улахан түннүктээхтэр, аныгы истиилинэн тутуллубуттара.

– Улуустары кытта үлэлэһэҕит дуо? Дьиэ кэмпилиэгин хайдах тиэрдэҕитий? Логистикаҕыт хайдаҕый?

– Биһиги кэмпилиэктэрбитин туох да уустугу суох тырааныспарынан тиэрдиэххэ сөп. Ханнык массыынанан илдьэринэн көрөн матырыйаалларбытын онно сөп түбэһэр кээмэйдээх гына бэлэмниэхпитин сөп. Чэпчэки ыйааһыннаахтар. Сыаната логистикаттан тутулуктаах, ол гынан баран тутуу матарыйаалыттан үрдээбэт. Матырыйаал чопчу ааҕыллан-суоттанан барар буолан ордук хос ыйааһын эбиллибэт. Ол эмиэ улахан экэниэмийэни оҥорор.

– Мэктиэ биэрэҕит дуу? Ол туохха сыһыаннааҕый?

– Дуогабарынан официальнай мэктиэ бэриллэр. Өскөтүн дьиэни биһиги туруорар буоллахпытына, дьиэ туох баар элэмиэнигэр үс сылга мэктиэ биэрэбит. Онтон кэмпилиэги оҥорон баран килийиэҥҥэ туттарар буоллахпытына (биһиги инструкциябытынан килийиэн бэйэтэ туруорар), конструкцияҕа биир сыллаах мэктиэни көрөбүт. Маны таһынан соторутааҕыта ISO сэртипикээтин ылбыппыт, мантан кэннэ панелларбытын бэйэбит сертификациялыыр кыахтанабыт. Паныал бары нуормаҕа, ГОСТ ирдэбилигэр эппиэттиир, чопчулуур буоллахха, халыҥа, итиини тутара, баһаар өттүнэн куттала суоҕа о.д.а.

– Инникитин туох былааннааххытый?

– Биһиги сүрүн былааммыт – быйыл базабыт үлэлиир кыаҕын күүһүрдүү. Ыскалаат тутууларын үлэҕэ киллэрэр санаалаахпыт, бу оҥорон таһаарар тэтиммитин түргэтэтиэҕэ. Итиэннэ каркаас дьиэлэри тутууга улахан сыалбытын эттэххэ, үлэбит күүһүн-кыаҕын улаатыннаран, ыйга муостатынан аахтахха, уопсайа 1600 тыһ. кв.м. иэннээх дьиэлэри тутар баҕалаахпыт.

«Үлэ күүһэ».