Горнайга дьөһөгөй оҕотун иитээччи дьон үгүс. Маҕараска биир бөдөҥ, тирэх хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэн Контоевтар буолаллар. Ыал аҕа баһылыга Борис Степанович сааһын тухары улууска сылгы ахсаана элбииригэр үгүс сыратын биэрбит дьоннортон биирдэстэрэ буолар.
Билигин кини суолун уола Степан салгыыр. Кинилэр Кылыс учаастагар сылгы баазатын туттаннар, 89 дьөһөгөй оҕотун иитэн-аһатан тураллар.
Кэнники сылларга сылгыларын ахсаана өссө эбиллиэн, ардай аһыылаах буулаан кэккэ ыарахаттары көрсөллөр. Ол курдук, хас сыл ахсын үстүү-түөртүү биэни сүтэрэллэр.Ол иһин кинилэр сонор суолугар тахсан, бөрөнү бултаһарга күһэллэллэр.
Инники сылларга Борис Контоев бэйэтэ сылдьан эккирэтиһэр эбит буоллаҕына кэлин сааһыран, бултуур албаһын уолугар Степаҥҥа иҥэрбит.
Степан сылгыларын көрө-истэ сылдьан, кыыл суолун мэлдьи үөрэтэр. Табыгастаах сиргэ хапхааннары уурталаан, бөрөнү үктэтэр. Кини бу сезоҥҥа сэттис кыылын ылан, санаата көтөҕүллэ сылдьар. Төһөнөн сиэмэх кыыл аҕыйыыр да, кыыл-сүөл эрэ буолбакка, хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх ахсаана элбиир кыахтааҕа саарбаҕа суох.
Вячеслав Алексеев