Өбүгэм сиригэр чуҥкуйбаппын
Аҕыйах хонуктааҕыта биһиги хаһыаппыт ааҕааччыта Мытаах сиригэр-уотугар сылгыларын көрдүү сылдьан, Эргис Таалатыгар тиийэн, аҥаардас сыспай сиэллээҕи иитэн, көрөн-истэн, бүөбэйдэһэн кэлбит Уйбаан баазатыгар кэтиллэ түспүттэрин туһунан кэпсээтэ.
Уйбаан Көстөкүүнэп “Горнай” сопхуоска сылгыһыттыаҕыттан, күн бүгүҥҥэ диэри идэтигэр олус бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар.
Кини ойуурга соҕотоҕун олорбута 40-ча сыл буолбут. Урут үлэтин кэнниттэн, чүмэчинэн кинигэ ааҕан, араадьыйа сонуннарын истэн күнүн атаарар эбит. Билигин үйэ сайдыытынан телевизор көрөрүн ордорор. Күнтэн ылыллар станция нөҥүө уот-күөс баарыттан санаата бөҕөх. Дьон-сэргэ сылдьар буолан, сырыы да баар, ыйга биирдэ Бэрдьигэстээххэ “лааппылаан” киирэр. Саастаах киһи тоҕо киин сиргэ киирбэккин диэтэхтэринэ, “Мин кэлии киһи буолбатахпын, манна өбүгэм сирэ онон чуҥкуйбаппын,” – диэн бэрт холкутук эппиэттиир.
Уйбаан улууспут дьонун ситиһиилэрин «Чыпчаал» таһаарыыларыгар ааҕан, улуус историятын сэҥээрэр, билэр.
Вячеслав Алексеев