Улахан оҕолорбут кыраларга холобур буолаллар

Горнай улууһа олох хаамыытынан тэтимнээхтик сайдыы суолунан бигэтик үктэнэн хаамсан иһэр. Бэрдьигэстээххэ сыл ахсын олорор дьон ахсаана элбээн, саҥа дьиэлэр тутуллан көрүөххэ астык. Ордук эдэр дьон сөбүлээн олохсуйар. Биир оннук ыалынан Надежда Николаевна Прудецкая уонна Петр Андреевич Сивцевтар буолаллар

Аҕа баһылык 1986 с. Мытаахха төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн спордунан дьарыктана улааппыта. Алын кылаастан кинини тренер Владимир Кириллин көҥүл тустуу көрүҥэр угуйан, эчийэн, РФ спордун маастарыгар тиийэ үүннэрбитэ.  Петя 6 кылаастан олоҕун спорка анаары Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа уонна Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищеҕа үөрэммитэ, дьарыктаммыта.

Үөрэҕин кэмигэр улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттара. Дьаныардаах дьарыга таах хаалбатаҕа. Кини норуоттар икки ардыларынааҕы элбэх күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттара. Россия биир бастыҥ бөҕөһө буолбута. Чаҕылхай көрдөрүүлэринэн өрөспүүбүлүкэ чемпиона Европа нацияларын Кубогын (2011 с.), Нью-Йорк Атлекс клуб (2010 с.), Бурятия Президенин бирииһин (2010 с.), Францияҕа ыытыллыбыт, Дмитрий Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа, Россия чемпионатын боруонса призера (2010 с.) буолбутун ааттыахха сөп.

Эдэр уол үүнэр көлүөнэ ыччаты спорка угуйар баҕата баһыйан, 2011 с. Максим Аммосов аатынан ХИФУ физкультурнай институтун ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Чаҕылхай көрдөрүүлээх уолу элбэх сиргэ ыҥыра сатаабыттара. Ол эрэн кини төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар кылааппын киллэрдэрбин диэн баҕа санаалаах Бэрдьигэстээххэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуолаҕа тренер быһыытынан кэлэн, оҕолору спорка угуйа, дьарыктыы сылдьар.

Ыал күн күбэй ийэтэ Надежда Николаевна 1986 с. Намҥа күн сирин көрбүтэ. Кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн улууһун Томтор сэлиэнньэтигэр улааппыта. IX кылааска диэри Томтор орто оскуолатыгар үөрэммитэ. Музыкальнай оскуола выпускницата. Үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Спорт көрүҥнэриттэн волейболу талбыта. Оскуола чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ.

IX-XI кылаастарга Дьокуускайга кэлэн, 23 №-дээх медицинскэй хайысхалаах кылааска үөрэнэн, ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Үөрэппит учууталлара эдэр кыыска инники олоҕун суолун ыйан, сирдээн биэрбиттэрэ. Дьоҥҥо туһаны аҕалларбын диэн баҕа санаалаах, быраас идэтин баһылаары М.К.Аммосов аатынан СГУ медицинскэй институкка 2004 с. туттарсан киирбитэ. 2013 с. интернын көмүскээн, терапевт быраас дипломнаах Горнай улууһун киин балыыһатыгар идэтийбит быраас быһыытынан үлэтин саҕалаабыта.

Үлэтин бастакы күннэриттэн дьон-сэргэ киниэхэ тардыспыта. Эйэҕэс майгылаах эдэркээн кыыһы олохтоохтор тутатына ылыммыттара. Хас биирдии кэлбит киһини кытары истиҥник кэпсэтэн, сөптөөх диагноз туруоран, доруобуйаларын тупсаралларыгар сүбэ-ама биэрэн, билиилээҕин-көрүүлээҕин көрдөрбүтэ.

Надежда Николаевна уонна Петр Андреевич харахтарынан таптаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, 2007 с. ыал буолбуттара. Уҕараабат тапталларын биһигэ түөрт кыыс, үс уол оҕолоро буолаллар.

Улаханнара Снежана 2007 с. күн сирин көрбүтэ. Иккис кыыс Айгыына 2009 с. төрүөх.  Эмма 2012 с. төрөөбүтэ. Кыргыттар бары улууспут биир киэн туттар киһитэ Василий Филиппов аатынан улуустааҕы гимназияҕа ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Үөрэхтэрин кэнниттэн спортивнай дьарыктарга, куруһуоктарга сылдьаллар. Спорт көрүҥнэриттэн Снежана оҕунан ытыынан, дуобатынан, Айгыына остуол тенниһинэн умсугуйан туран дьарыктаналлар. Кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Ону таһынан,  IT эйгэтин сэҥээрэллэр. Кыра кыыс  Эмма эдьиийдэрин курдук үөрэҕин кэнниттэн, иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарга кыһаллар. Араас оҥоһуктары оҥорорун сөбүлүүр. Улахан эдьиийинээн Людмила Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинигэр АйБио, АйТик куруоһуоктарыгар сылдьаллар.

2014 с. бастакы уол Харысхан төрөөбүтэ. Саха норуодунай поэта Семен Данилов аатынан оскуолаҕа үөрэнэр. «Этигэн тыл» куруһуогар дьарыктанар. Кини билиэн-көрүөн баҕата олус күүстээх. Эбии үөрэхтээһин киинигэр сылдьар. «Марсианскай оонньуулар» спортивнай робототехника күрэхтэһиитин лауреата. Ону таһынан, кини араас конференцияларга кыттан, дакылаат ааҕар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурустар лауреата. Семен Данилов аатынан ааҕыыларга I степеннээх дипломан буолары ситиспитэ.

Регионнар икки ардыларыгар ыытыллыбыт Сергей Королев аатынан научнай ааҕыыларга «Космоюниоры» диэн хайысхаҕа финалга тахсары ситиспитэ. 11 регионнааҕы «Виноградовскай ааҕыылар» көрдүүр-чинчийэр конференцияҕа киирии туурун ааһан, салгыы кыттарга бэлэмнэнэр.  Алын кылаас кэнниттэн, эдьиийдэрин курдук улуустааҕы гимназияҕа туттарсан киирэр баҕа санаалаах.

Кыралар Айхаан 2017 с.,  Нюргуяна 2020 с. төрөөбүттэрэ. «Сардаана» уһуйаан иитиллээччилэрэ. Спорду олус сэҥээрэллэр. Хайыһардыылларын ордороллор. Ыллыылларын-туойалларын да олус сөбүлүүллэр. Бэйэлэрин саастыылаахтарын ортотугар номнуо ситиһиилээхтэр. Ыал кыра оҕото Арчын билигин дьиэҕэ олорор. Эдьиийдэрин-убайдарын батыһан, билиҥҥэттэн билиигэ-көрүүгэ тардыһар.

Хайа баҕарар эдэр ыал сүрэхтэрин холбоотохторуна туспа дьиэ уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, тэнитэн нус-хас олоҕу баҕараллар. Петр Андреевич, Надежда Николаевна хас эмэ сыл устата дьиэ куортамнаһан олорбуттара. Кэлин уһаайба ыланнар, икки этээстээх дьиэ туттан үс сыллааҕыта киирбиттэрэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн хас биирдии оҕолоругар үөрэнэллэригэр, сынньаналларыгар бары усулуобуйаны көрөннөр, дьиэлэрин аныгы кэм ирдэбилинэн толору хааччыллыылаах гына оҥорбуттара.

Иэримэ дьиэлэрин барытын бэйэлэрин күүстэринэн, туораттан көмө көрдөспөккө туппуттара. Ол эрэн дьиэ хаһаайына “бэйэбит эрэ буолбатах төрөппүттэрбит, аймахтарбыт, доҕотторбут бары илиилэрин уурбуттара” диэн махтана бэлиэтиир. Кырдьык даҕаны, эдэр дьиэ кэргэн уруулара-аймахтара олус түмсүүлээхтэринэн биллэллэр. Бары үлэҕэ олус көхтөөхтөр, сатабыллаахтар. Кыһалҕалаах дьону мэлдьи өйүүллэр. “Эдэр оҕолор буоламмыт бастаан эрэ ыарырҕатар этибит. Дьоммут улаханнык көмөлөһөллөрө. Билигин оҕолор улаатан бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр. Улахаттар кыралары кытары бүөбэйдэһэллэр. Дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстаҕастар. Барытын бэйэлэрэ толоро сатыыллар. Оҕо оҕоттон үөрэнэр диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол иһин улахаттарбыт кыраларга холобур буолаллар. Онон билигин биһиги арыый холкубут”, – диэн Петр Андреевич санаатын үллэстэр.

Улууспут биир киэн туттар дьиэ кэргэнигэр иэримэ дьиэҕит сылаас, оҕолоргут дьоллоох-соргулаах, ситиһиилээх, үлэҕит-хамнаскыт тахсыылаах буоллун, уҕараабат тапталгыт уостубатын диэн Алгыс тылларын аныыбыт.

Вячеслав Алексеев.