Савва Иванович Тарасов 90 сааһын көрсө аҕыйах тылынан кинини ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым
Улуу киһи буоларгын
Уруургуу истэрбит
Умсугуйан ааҕарбыт
Умнуллубат айымньыгын.
Мин Солоҕоннооҕу сынньанар кииҥҥэ үлэлиир кэммэр нэһилиэк баһылыгынан Алексей Захаров бастакы талыллыытыгар, кулуупка дириэктэр Татьяна Корякина уонна уус-уран салайааччы Игорь Иванов үлэлииллэрэ. Мин үһүс исписэлииһинэн үлэлээбитим. Бу үлэлиир кэммитигэр нэһилиэкпит төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан тэрээһиннэр ыытыллан үлэҕэ кииртэрэ.
Алексей Николаевич көҕүлээһининэн Солоҕонтон төрүттээх саха норуодунай поэта Савва Иванович Тарасов аатын үйэтитэн, төрөөбүт дойдутугар музей-дьиэ тутуллан киириитигэр улахан үлэ ыытыллыбыта. Кылгас кэмҥэ күүстээх үлэ баран музей-дьиэ нэһилиэк киинигэр дьэндэйэн тахсыбыта.
Дьэ, манна матырыйааллары, маллары булууга-түмүүгэ миигин сорудахтаабыттара. Ол кэмҥэ Савва Ивановичтыын хаһан да сирэй көрсүбэтэх киһи толло-долгуйа санаабытым. Эрдэттэн сибээстэһэн үлэбин саҕалаабытым, хас да төгүл төттөрү-таары айаннаабытым.
Кэргэнинээн Акулина Христофоровналыын миигин олус истиҥник, үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Савва Иванович дьоммун билэр буолан, бэйэтин кыыһа кэлэрин курдук олус күүппүт, музейга барыан сөптөөх диэн саҥаттан саҥаны бэлэмнээбит буолара. Ол саҕана аҕам тыыннаах буолан бэйэ-бэйэлэригэр сонуннарын ыытыһаллара. Мин аҕам эдэригэр куоракка хайыһар күрэхтэһиитигэр оройуонун чиэһин көмүскүү киирэн билэр ыала суох буолан Савва Ивановичтаахха хонон-өрөөн ааспытын олус истиҥник саныыра.
Савва Иванович: “Линаа, кыыспыт сылайда буолуо, чэйгин бэлэмнээ”, – диирэ сотору-сотору. Чээйдии олорон бэйэ-бэйэбит олохпут туһунан олус истиҥник сэһэргэһэрбит. Ол кэпсээннэриттэн бу үлэһит дьиэ кэргэн ааспыт олох ыарахан кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэн, дьоһун олоҕу олорбуттар диэн өйдөбүлгэ кэлбитим.
Ыраах олорор буолан суолбут-ииспит мөлтөҕүттэн Савва Иванович музейыгар анаан ыыппыт кинигэлэрин, малларын олус кичэллээхтик тиэйэн аҕалан, түүннэри-күннэри үлэлээн, музей-дьиэ Солоҕоммут төрүттэммитэ 100 сылын көрсө от ыйын 3 күнүгэр 2010 с. үлэҕэ киирбитэ. Музей-дьиэ үлэҕэ киирэригэр ыаллыы Мытаах нэһилиэгиттэн аймахтара Михаил Кириллин салайааччылаах биригээдэ, кииннэммит библиотека, олохтоох дьахтар сэбиэтэ, дьаһалта үлэһиттэрэ санааларын түмэн үлэлэспиттэрэ. Поэт хаан-уруу быраата Александр Тарасов ис дууһатыттан кыһаллан туран, аймаҕын аатын үйэтитэр дьиэ олоххо киирэригэр элбэхтик сүбэ-ама буолан сүүрбүтэ.
Ити курдук бэрт кылгас кэмҥэ да буоллар суолталаах үлэни оҥорон, улуу киһилиин алтыһан ааспыппыттан олус дьоллоохпун. Олохтоох библиотека тэрийэр “Тарасовы ааҕабыт” марафонугар Савва Иванович хоһооннорун үөрэтэн ааҕар, кыттар ытык иэһим дии санааммын айымньыларын үөрэтэ сылдьабын.
Марина Павлова,
Солоҕон нэһилиэгин олохтооҕо.