Бүгүн Бэрдьигэстээхтэн Мытаахха тахсыы айан суолугар баар Улуу үрэх күргэтэ саҥардыллан, үөрүүлээх арыллыыта буолла. Саҥа тутуу тимир, 32 м уһуннаах, 40 тн уйуктаах, биир массыына ааһар кыахтаах. Инникитэ муостата мас буолан халаан уутуттан, улахан кыамталаах тиэхиньикэ сырыытыттан түргэнник айгырыыра. Өрөмүөн ыытылларыгар аҕыйаҕа суох үп-харчы көрүллэр. Онон сыллата ороскуотурбат туһугар, биирдэ хаачыстыбалаах үлэни ыыппыт табыгастааҕын бары билэбит.
Муоста арыллытыгар кыттыыны ылбыт СӨ транспорка уонна суол тутуутун миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов үчүгэй бөҕө-таҕа оҥоһуулаах тутуу икки нэһилиэги эрэ ситимнээбэккэ, улууспутугар туризм сайдыытыгар улахан суолтаны ыларын бэлиэтээтэ. Муосталары харыстыыр, уһуннук туһалыылларын ситиһэр туһуттан кыһыҥҥы кэмҥэ тиэхиньикэлэри объезд суолунан ыытарга сүбэлээтэ. Инникитин Көҥкүстээх үрэҕин уҥуордуур күргэни оҥорорго былаан баарын эттэ.
Улуус баһылыга Никита Андреев урбаанньыт Надежда Дьяконоваҕа биригээдэтэ ыыппыт түргэн-тарҕан, ыйыллыбыт кэми тутуһан үлэлээбиттэрин бэлиэтээтэ. Байыаннай хайысхаҕа туттуллар муоста, эйэлээх да кэмҥэ туһалыан сөптөөҕүн эттэ. Бу маннык быһыылаах объект Мытаахтан Солоҕоҥҥо барыыга баара биллэр. Улуус үрдүнэн үрэхтэри туоруур күргэлэри тутууга киэҥ хабааннах үлэ барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Быйыл Солоҕоҥҥо Чыра үрэҕи туоруурга саҥа муоста тутуллуутугар олохтоохтор туруорсуулара, спонсордар көмөлөрө төһүү күүс буолбутун, Маҥаны – Маалтааны айан суолун үрэхтэригэр улахан турбалар ууруллан, нэһилиэнньэ сырыытыгар табыгастааҕынан ааҕар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муоста тутуутун көҕүлээн ыытар Ил Дархан Айсен Николаевка, СӨ транспорка уонна суол тутуутун министиэристибэтигэр махталын биллэрдэ.
Тутууну ыыппыт Кирилл Дьяконов саха дьонун быһыытынан бастатан туран кулуһун оттон, алаадьынан күндүлээн, Үрдүк Айыылартан Алгыстарын ылабыт диэн кэпсиир. Маннык дьарыктаналларын үс сыллааҕыта саҕалаабыттар. Бастаан мас муосталары туталлар эбит. Кэлин бырайыактар уларыйаннар, саҥаҕа ылсыбыттар. Тимир муостаны тутарга олус табыгастаах диир. Түргэн-тарҕан, бөҕө-таҕа, үйэлээх буоларынан дьоҥҥо-сэргэҕэ да наадалаах. Бу үлэлэрин сэтинньиттэн саҕалаан баран, бу күн тиһигин ситтэ.
Вячеслав Алексеев.