Улууспутугар спорт маассабай көрүҥнэриттэн футбол биир улахан сэҥээриини ылар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Спорт бу көрүҥүнэн оҕо болҕомтотун тардарыгар үгүс үлэ барда. Бара да турар диэн чорботон бэлиэтиэх тустаахпыт. Футбол сайдыытыгар сыаналаммат өҥөлөөх киһинэн биһиги Юрий Романовы киэн тутта ааттыыбыт. Ааспыт сыл бүтэһик ыйыгар кини 60 сааһын бэлиэтээтэ. Үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, футбол бастакы сайдыыта хайдах барбытын туһунан кэпсииригэр көрдөстүм:
– Уол оҕо айылҕатын оҥоһуутунан сүүрэр-сырсар, киирсэр-хапсыһар кыдьыктаах буолар, хамсааһыннаах оонньууга-күрэххэ тардыһар, оннукка умсугуйар буолар. Футбол оонньуу биһиги улууспут киинигэр, үрэх уҥуор сүүрэргэ-көтөргө олус табыгастаах парковай зона баар буолан, ыччат ортотугар биһирэнэрэ ырааппыт курдук, XX-с үйэ 50-с сыллар бүтэһигэр оскуола оҕолоро Степан Скрыбыкин капитаннаах хаартыскаҕа түспүттэрэ баар. Футболунан ыччат үлүһүйүүтэ ааспыт үйэ 90-с сылларыгар диэри дириҥээтэр дириҥээн испитэ.
Мин футбол оонньууну кытта билсиһиим 1973 с. сайын буолбута, II кылаас кэннэ. Биир үтүө күн «Пром» түөлбэ оҕолорун “баһаага” Тима Петров этэрээтин хомуйан, Бэрдьигэстээх киинин диэки илдьэ барда. Арай киһибит кулуупка тохтообокко паарка диэки биһигини илтэ. Онно тиийбиппит оҕо бөҕөтө тоҕуоруспут, күрэхтэһии буола турар эбит, футбол диэн оонньуу. Күрэх бүтэн кыайыылаахтары наҕарадалааһын буолла, үөрбүт-көппүт оҕолор капитаннара, убайым Спартак Захаров, чемпион Кубогын өрө туппутунан табаарыстарын кытта Маатта муостатынан дьиэлээтилэр. Дьэ, ол кэрэ көстүү этэ, ымсыырбыт оҕо хараҕар.
Кэлин улаатан баран, бэйэм сайынын үлүһүйэн туран үөлээннээхтэрбин кытта футбол оонньуур буолбутум, үксүн “восьмилетка” оскуола иннигэр баар хонууга, биитэр “Якутмебель” аттыгар баар спортплощадкаҕа сүүрэрбит-көтөрбүт.
Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үлэһит буолан баран, футбол оонньуу күрэҕин тэрийсэр буолан барбытым. Хас сайын саҕаланыытын аайы улуус таһымнаах улахан футболга күрэх ыытар буолбуппут, энтузиастар бөлөхтөрө. Үөһээттэн дьаһал буотах этэ, барытын бэйэбит дьаһанарбыт. Ол 90-с сыллар саҕаланыыта этэ. Ити кэмнэргэ тэрээһиннэргэ тэҥҥэ сүүрбүт-көппүт улахан тэрийэр дьоҕурдаах доҕорум Аркадий Васильев уонна футбол улахан фаната, аҕа табаарыһым, суоппар Николай Иванов күн бүгүҥҥэ диэри футболу тэрийсэ, көҕүлүү сылдьаллара миигин олус үөрдэр.Билигин өйдөөтөххө, дойдубут үрдүнэн ыһыллыы-сатарыйыы сылларыгар биһиги ыччат ортотугар улахан социальнай суолталаах үлэни ыыппыт эбиппит, спорка угуйан, түмсүүлээх буолары ситиһэ сатаан.
Хомойуох иһин, төһө да өйдөтөр үлэ ыыта сатаа-тарбыт сорох табаарыстарбытын куһаҕан дьаллыктар оборчолоруттан кыайан орообокко хаалбыппыт,1999 с. Бэрдьигэстээххэ тыа улуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ буолбута. Онно биһиги Мэҥэ Хаҥаластарга уонна Уус Алданнарга күппүллүү хотторбуппут. Ол кэннэ миэхэ оҕолору кытта үлэлэһэр санаа киирбитэ. Хата, дьолго, оҕолор ол саҕана түөлбэлэринэн оонньууллар этэ, олору тэрийиэххэ эрэ наада этэ. Бастаан түөлбэм оҕолорун түмэн, ПМК-алары кытары оонньоторум, Мытаахха илдьэн оонньоппутум, оттон улахан дьон күрэҕин быыһыгар оҕолор киирсиилэрин кыбытары ситиспитим. Оннооҕор икки сайын Октябрьскайга ыһыахха тиийэн, футболлаан турардаахпыт.
Оҕолор тэрээһиннээхтик күрэхтэһэллэрин уонна оҕолору куоракка кытары илдьэн оонньотор буолбуппун көрө-билэ сылдьар, ол саҕана оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Иван Павлов миэхэ ДЮСШ иһинэн оҕолору футболга дьарыктыырбар чаас биэрэн үөрдүбүтэ. Онон Иван Ивановичка махталым муҥура суох. Кини киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир мындыр салайааччы этэ.
Онтон ыла оҕолорбут футболлара сайдан барбыта, кыайыылар кэлитэлээн барбыттара, 2002 с. кэрчигэр уолаттарбыт мэҥэлэри уонна уус алданнары кыайталыыр буолбуттар. Бу мин ыра санаам этэ.
«Үрдэл» диэн оҕо футбольнай кулууба баар буолбута. Хамаанда уолаттарын бары өттүнэн сайдыылаах гына такайа сатыырым, кинилэри эбии көҕүлээри оннооҕор хамаанда веб-сайтын оҥорбутум. Ити 2001 с. этэ. Оннук сайт дойду үрдүнэн да сэдэх этэ. Үөрэрим диэн хамаандам оҕолоро лаппа баһыйар өттүлэрэ спортсмен, личность да быһыытынан дьон бэрдэ буола улааппыттара. Үксүлэрэ үрдүк үөрэхтэнэн, Ийэ дойду иннигэр ытык иэстэрин төлөөн, ыал буолан, сорохтор салайар үлэҕэ үлэлиир буолбуттарыттан олус диэн үөрэбин.
Муҥутуур астыныым 2014 с. буолбута. Онно Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар Горнай футболистара түөрт финалист хамаандаларын истэригэр киирэри ситиспиттэрэ. Бу улахан кыайыыны «Үрдэл» оҕо футбольнай хамаанда тутаах оонньооччулара Алексей Григорьев, Федор Трофимов уонна Сергей Антонов уһаарыспыттара.
Билигин Горнайга оҕо футбола лаппа сайдыбытыттан олус үөрэбин, сүүсчэкэ оҕо оҕо спортивнай оскуолатын иһинэн дьарыктанара улахан ситиһии. Элбэх Горнай ыччаттара өрөспүүбүлүкэ, ону ааһан дойду да таһымыгар оонньуур буоллулар. Түгэнинэн туһанан «Үлэ күүһэ» хаһыат директор-редактора Василий Алексеев мин дойдубуттан тэйбитим кэннэ оҕо футболугар улаханнык ылсан, үлэлэһэн улууска футбол сайдыытыгар бэйэтин улахан кылаатын киллэрбитин бэлиэтиэм этэ.
Тус бэйэм туһунан кэпсээтэхпинэ, Дьокуускайга олоробун, оскуолаҕа үлэлиибин. Горнайтан көһөн баран, алта сыл Өктөмҥө Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Николаев патронажтыыр лицейыгар үлэлээбитим. Онно тиийэн оҕолору космическай хайысхаҕа үөрэтиибин Михаил Ефимович олус диэн сэҥээрбитэ уонна өйөөбүтэ. Онтон ыла оҕолору эбии үөрэхтээһиҥҥэ ол хайысхабын тутуһан үлэлиибин. Оҕолорум араас күрэхтэргэ, конференцияларга ситиһиилэхтик кыттыбыттара, кытталлар да.
Биэс сиэннээх эһээ буолабын. Иллэҥ кэммэр айа-тута сатыы-бын, тимиртэн араас механическай тэриллэри оҥоробун, иэйии киирдэҕинэ хоһоон айабын, суруйабын. Сааһыран эрэр киһи быһыытынан былыргыны үөрэтэ, билэ сатыыбын, Арҕаа Хаҥалас диэн краеведческай хайысхалаах ватсап-группалаахпын.
60 сааспын туолан баран, олохпун ыччаты иитиигэ анаан табылынным дии саныыбын. Элбэх дьоҕурдаах оҕолорго олохторун аартыктарын сөпкө буллардым быһыылаах диэн испэр үөрэ саныыбын.
Ити 70-80 сылларга улааппыт оҕолор олус көхтөөхтөр эбит. Спорт маассабай көрүҥнэринэн бары олус үлүһүйэн туран оонньуулларын, билигин сэдэх хаартыскалар туоһулуулларын киһи салла көрөр. Хоккей катогун, футболлуур боруоталарын, былаһааккаларын бары мустаннар бэйэлэрэ ыраастыылларын, оҥороллорун астына кэпсииллэр. Аны таҥастарын, көмүскэнэр щитоктарын эмиэ бэйэлэрин күүстэринэн, толкуйдарынан, тигэллэрин биир бэйэм сөҕө истэбин.
Вячеслав Алексеев