Соторутааҕыта Кэптин орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччилэригэр психологическай-педагогическай хайысхалаах кылаас арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Психологическай-педагогическай кылаас диэн үөрэнээччи эрдэттэн инники үөрэҕин таларыгар төһүү күүһүнэн буолар. Ону тэҥэ, педагог идэтин кытары билсэн, кылаас салайааччытыгар, салайааччы педагокка, лааҕыр үлэтигэр көмөлөһөр.
X кылааска уопсайа 13 оҕо үөрэнэр. Кылаас салайааччыта Алена Иннокентьевна Григорьева.
Психологическай-педагогическай таһымнаах кылаас настаабынньык учууталынан, Кэптин орто оскуолатын историяҕа уонна уопсастыбаҕа учуутала Саргылаана Владимировна Павлова ананна. Кини үөрэнээччилэргэ анаан маннык таһымнаах кылаас хайысхатын, үлэтин билиһиннэрдэ.
@maltany_admin