Улуус делегацията СВО-ҕа Ийэ дойду көмүскэлигэр сылдьар сылдьар уолаттарбытыгар биир дойдулаахтара бэлэмнээбит баһыылкаларын тириэрдиигэ миэстэтигэр түбүктээх үлэҕэ сылдьар.
Бу кэмҥэ кинилэр Запорожскай уобалас Гусаркатыгар баар танкистары кытары көрүстүлэр, сакаастарын туттардылар. Салгыы Куйбышево, Марьяновка, Сладководное, Червоноселовка, Новомлыновка, Розовка, Азовка, Красная Поляна сылдьан, Урзуфунан эргийэн Восточнай полигоҥҥа баар саллааттары көрүстүлэр.
Дойдуларыттан ыраах сылдьар дьоҥҥо төһөлөөх үчүгэй буолуой биир дойдулаахтарын кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр. Тапталлаах дьоно бэлэмнээбит кэһиилэрин тутан, амсайан дьиэҕэр бу киирэн тахсыбыт кэриэтэ буоллаҕа.
Уолаттар бары этэҥҥэ сылдьыҥ диэн Алгыспытын аныыбыт.
Вячеслав Алексеев