Уолбутугар эрэнэбит

Биһиги улуус инникитин эрэнэр бөҕөспүт Россия эдэрдэргэ үрүҥ көмүс призера, Бүтүн Россиятааҕы турнир, Саха сирин норуоттарын Спартакиадатын кыайыылааҕа Михаил Иванов көбүөргэ төнүннэ.

Кини икки сыллааҕыта санныгар улахан эчэйии ылан, ааспыт ыам ыйыгар Москваҕа уустук операция оҥорторбута. Быраастар сүбэлэринэн дьарыгын тохтоторугар күһэллибитэ. Онтон сыыйа дьарыгын саҕалаан, оргууй күрэхтэһиилэрин саҕалаата.

Ол курдук, алтынньы ортотугар Александр Крылов сырдык аатыгар ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы турнирга боруонса мэтээли ылан үөртэ. Ити күрэхтэһиигэ 61кг лидерэ Александр Авеловка эрэ сабырыттарбыта. Аны ахсынньы 9-10 күннэригэр Дьокуускай куорат чемпионатыгар 61кг ситиһиилээхтик кытынна. Бу ыйааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ бары лидердарын таһынан Монголия ааттаах-суоллаах тустууктара кытыннылар.

Михаил иккис эргииргэ Аан дойду боруонса призера Туменбилег Тувшинтулга утары таҕыста уонна сүрдээх тыҥааһыннаах киирсиигэ (+4:4) хотто. Салгыы үһүс эргииргэ Монголия чемпионун Ганхулуг Батнасаны ыраастык кыайда уонна финалга тахсар иһин хапсыһыыга Айаал Белолюбскайы 9:4 кыайда. Финалга Федор Постниковы ахсаанынан хотон иһэн, сыыһа-халты туттан кыайтаран хаалла. Ити күрэхтэһиилэринэн сиэттэрэн көрдөххө, уолбут көбүөргэ ситиһиилээхтик киирэн эрэр диэн эрэли үөскэттэ.

Михаил Иванов билигин СӨ үтүөлэх тренерэ Артур Константинов салалтатынан дьарыктанар. Киниэхэ Анатолий Сивцев көмөлөһөр. Салгыы уолбут тохсунньуга ыытыллыахтаах Николай Тарскай бирииһигэр 61 кг төрөөбүт улууһун аатыттан кыттарга бэлэмнэнэр. Михаилга кэлэр сыл соргулаах буоллун, ситиһиилэри баҕарабыт.

Николай Прохоров,
СӨ үтүөлээх тренерэ.