Уот киһи хараҕар көстүбэт

Үтүө үгэс быһыытынан ахсынньы 22 күнүгэр биһиги Энергетиктар күннэрин бэлиэтиибит. Биһиги улууска Бэрдьигэстээхтээҕи электро-станция тэрилтэтэ биир сүрүн, тыын боппуруоһу быһаарар тэрилтэ буолар.
Бэлиэ күнү көрсө БРЭС начаалынньыгын Любомир Марковы көрсөн, үлэ-хамнас туһунан сырдатарыгар көрдөстүм.

Санатан эттэххэ, Любомир Егорович улууспут эдэр салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Улахан эппиэтинэстээх тэрилтэни салайбыта номнуо 10 сыл буолбут. Үлэтин Бэрдьигэстээххэ монтерунан саҕалаабыта. Онон тэрилтэ ис-тас үлэтигэр эриллэн, биир идэлээхтэрин убаастабылын ылбыт киһи.

– Любомир Егорович, үтүө күнүнэн. Кылгастык ааһан эрэр сылга туох үлэ ыытыллыбытын билиһиннэриэххэ.

– Хас сыл ахсын бэлиэ даатаны көрсө биһиги үлэбит түмүктэрин ырытан көрөбүт. Тэрилтэ бу сыллааҕы уот ситимин хапытаалынай өрөмүөнүн, оборудованиелары саҥардыыга былааны 100 % толорон олорор.

Ол курдук, биир улахан үлэ «Аһыма – Орто Сурт», «Бэрдьигэстээх – Аһыма», «Харыйа» учаастактарыгар хайыһан барда, онно 35 кВ аналлаах анкернай уонна промежуточнай опоралар уларыйдылар. Ону таһынан, бэдэрээтчит тэрилтэлэр «Техэлектроснаб» ХЭТ «Аһыма – Орто Сурт» линиятыгар, «СУ-77» ХЭТ Орто Сурт сэлиэнньэтин иһинээҥҥи уот ситимин саҥардыыга баараҕай үлэни ыыттылар. Бу кэмҥэ Бэрдьигэстээххэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн түөлбэлэригэр «Мегастрой», «Фалькон», «ЭнекоИнжиниринг» тэрилтэлэрэ уот ситимин киллэрэллэр. Ону таһынан, «Дьиикимдэ – Өрт» үрдүк күүрүүлээх уот барар ситимин хайысхатыгар үүммүт мастары кэрдиитин, ыраастааһынын «Премьерэнерго» ХЭТ ыыта сылдьар.


Бэрдьигэстээх иһигэр уот ситимин саҥардыы үлэтэ сыллата барар. Ол курдук, быйыл 2,5 км уһуннаах анал бүрүөлээх боруобат уларытылынна. Ону таһынан саҥа тутуллубут биирдиилээн ыаллары, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри, социальнай объектары холбоотубут.

– Остуолбаларга саҥа счетчиктары туруоран эрэҕит.

– Биир саҥа сүүрээн быһыытынан тас остуолбаларга саҥа, билиҥҥи олоххо ирдэбил быһыытынан киирэн эрэр счетчиктары туруора сылдьабыт. Ити счетчик туһанааччыга табыгастаах буоллун диэн оҥоһуулаах. Бэйэтэ туспа пультаах. Дьиэлээх хаһаайын ону даҕайан төһө уоту туһаммытын билэр. Итинник счетчик баар сирдэригэр РЭС үлэһитэ дьиэҕэ киирэн, счетчиккытын көрө барбат. Оттон ыаллар урукку курдук туспа счетчугу ылан, туруоруналлара наадата суох. Онон хайа да өттүттэн табыгастаах.Манна биири бэлиэтиэм этэ. Бастаан саҕалыырбытыгар сорох дьон ити счетчугунан остуолба уотун эмиэ төлүүбүт дуо? диэн мунаахсыйбыттара. Ол оннук буолбатах, уулуссалар уоттарын биирдиилээн ыал төлөөбөт.

– Хайа баҕарар тэрилтэ киэн туттар дьонноох.

– Кырдьык оннук. Биһиги үлэбит тахсыылаах буоларыгар үлэһиттэрбит эппиэтинэстээх сыһыаннара, барыта дьон-сэргэ туһугар кыһамньылаах үлэлэрэ инникигэ кынаттыыр. Киэн тутта ааттыа этибит, өр сыллар устата биһиэхэ күүс-көмө буолбут маастардарбытын П.П.Большаковы, А.П.Михеевы, Е.Е.Лукины, электромонтердары Е.Г.Лукины, М.А.Пестеровы, К.К.Егоровы үрдүктүк сыаналыыбыт. Эдэр эрчимнээх уолаттарбыт И.В.Лукин, Г.В.Андросов, П.П.Аргунов, С.С.Аргунов, В.В.Константинов, А.Н.Саввин, А.М.Охлопков, А.Д.Васильев, В.В.Максимов, З.Н.Никифоров инники кэскиллэрбит буолаллар. Хайа баҕарар бөдөҥ тэрилтэҕэ тиэхиньикэ үчүгэй туруктаах, быыстала, алдьаныыта суох сүүрэригэр суоппардар, тырахтарыыстар Н.Т.Тулемушев, С.П.Мамаев, Г.Г.Лукин, В.А.Петров, Д.В.Хихлун, В.Н.Арбыкин, А.Н.Тарасов, В.З.Павлов, Е.И.Данилов үтүө өҥөлөөхтөр. Хас эмэ сыл устата илдьэ кэлбит билиилэрэ-көрүүлэрэ кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы куйааска, суола-ииһэ суох сиргэ ыытыллар үлэҕэ төһүү күүс буолаллар.

Биир ураты болҕомтону нэһилиэктэрбитигэр уурабыт. Горнай үгүс сэлиэнньэлэрэ саҥа анал бүрүөлээх боруобакка көстүлэр. Онон сэлиэнньэ иһигэр уот тупсан турар диэн этиэх тустаахпыт. Онно үлэлиир монтердарбыт Одунуга М.Н.Максимов, Солоҕоҥҥо А.А.Григорьев, Маҥаныга Г.И.Алексеев, Октябрьскайга М.Е.Петров, Баппаҕаайыга А.Н.Тарасов, Маалтааныга Е.С.Заровняев үлэлэрин өрө тута сылдьалларыттан үөрэбит эрэ. Саҥа объектар үлэҕэ киирэллэригэр суот-учуот үлэтин инженер А.Д.Старостин кыһамньылаахтык оҥорор. Араас түгэннэргэ уот барар түбэлтэтигэр машинистар Д.А.Васильев, А.Ю.Габышев, Ф.Ф.Ложников, маастар В.В.Кириллов дизель-генератор мэлдьи бэлэм турарын хааччыйаллар. Көхтөөх, тохтоло, куттала суох үлэ барарын диспетчердэр М.Н.Андреев, П.П.Исаков, А.И.Петров, В.С.Леверьев, А.И.Махаров хонтуруолга тута сылдьаллар.

Тэрилтэбитигэр элбэх эдэр уолаттар бааллар, бары үлэлэригэр бэриниилээх дьон буолан, инникигэ кэскиллээхпит диэн бэлиэтиэм этэ. Олус түмсүүлэхпит. Улууска, «Якутскэнерго» ПАО иһинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Кыайыыбыт-хотуубут аҕыйаҕа суох.

– Уоту араараллар диэн үҥсэргиир түгэн элбэх буолла дии. Ордук оттук сезонугар дьон долгуйар.

– Биһиги үлэбит барыта дьон туһугар буолар. Уот араарар түгэннэрбит ыытыллар үлэ куттала суох барарыгар туһаайыллар. Барыта былааҥҥа киирэр. Нэһилиэнньэни эрдэттэн сэрэтэбит. Уһун кэмҥэ арахсар буоллаҕына, дизель-генератор хайаан да үлэлиир. Нэһилиэктэринэн, түөлбэлэринэн тыыран холбуубут. Ону тэҥэ уот күүрэр, мөлтүүр кэмигэр ыаллар электрооборудованиелара, уот ситимэ алдьаныан сөп. Ол инниттэн уот кыамтатын хонтуруоллуурга итинник үлэ ирдэнэр. Түгэнинэн туһанан биһиги өҥөбүтүнэн туһанааччыларбытын болҕомтоҕут, тулуургут, үлэбитин өйдүүргүт иһин махталбытын биллэрэбит.

– 2021 с. ойуур баһаарыгар уот линиятыгар улахан эмсэҕэлээһин тахсыбыта. Чөлүгэр түһэрии үлэтэ хайдах барда?

– Остуолба бөҕөтө уларыйбыта. Инникитин инник быһылааннарга сэрэхтээх буолар туһуттан элбэх үлэ барта. Ойуур баһаарын кэнниттэн үрдүк күүрүүлээх уот барар ситимигэр ойуур маһын ыраастааһыныгар үлэ күүскэ ыытыллар. Быйыл дьоннор көҥүлэ суох уоту ыытаннар Орто Сурт – Илбэҥэ хайысхатыгар саахалы таһаараннар остуолбалар эмсэҕэлээбиттэрэ. Бу маннык быһылааҥҥа түбүктээх үлэ барарын өйдүөх тустаахпыт. Уһуо-кэҥиэ. Нэһилиэнньэ хас эмэ күн устата уота суох олоруон сөп. Онон сиргэ-уокка сылдьан сэрэхтээх буоларгытын умнумаҥ.


– Нэһилиэнньэҕэ туох баҕа санаалааххын.

– Улуус олохтоохторо Энергетика объектарын харыстыаххайыҥ, билиҥҥи тэтимнээх олох сайдыытыгар ханнык да үлэ көрүҥэ уоттан улахан тутулуктаах. Араҕыстаҕына үлэ бытаарар, тохтуур. Уот киһи хараҕар кыайан көстүбэт, сыта-сымара суох. Онон олус кутталлаах. Сэрэхтээх, болҕомтолоох, ирдэнэр быраабыланы тутуһар наадалаах. Туох баар боппуруостарга 4-14-43 төл (БердРЭС), эбэтэр 4-10-10 төл (ЕДДС) эрийэн билсиэххитин сөп.

Түгэнинэн туһанан, күндү биир идэлээхтэрбитин, улуус олохтоохторун кэлэн иһэр 2024 с. итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Саҥа сыл барыгытыгар үтүөнү эрэ тохсойдун, баҕа санааҕыт туоллун. Дьиэҕитигэр өрүү сырдык сылаас эрэ сыдьаайдын, дьоллоох, доруобай буолуҥ.

Вячеслав Алексеев