Ыччаттарбытын сыһыаран үөрэтиэҕиҥ

Муҥха-саха омук мууһу аннынан балыктааһынын биир ньымата буолар. Хаһан да буоларын курдук баччаҕа улууспут нэһилиэктэригэр муҥха тэриллэр. Ону эрдэттэн, хаһан ханна муҥха тэриллэрин истиһэн билэбит, бу туспа сиэрдээх-туомнаах тэрээһин.
Сэтинньи 3 күнүгэр анаан-минээн өрөбүл күн түбэһэн уонна тиэхиникэ көстүбүччэ дьүөгэбинээн Сайдыына Нарыйаана Уус Кыыһынаан Аһымаҕа билэр дьоммутугар, аймахтарбытыгар муҥхалыы айаннаатыбыт.


Суоппарбыт уопуттаах суоппар Руслан Парфенов бэркэ илдьэ сырытта, Аһыматтан чаас курдук айаннааммыт, сахалыы эйээркэй ырыаҕа уйдаран, Сааба алааһа диэн сиргэ тигинэтэн кэллибит. Бу сир Улуу Күөл диэн дьон бары ытыктаан ааттыыр күөллээх. Биһиги манна номнуо иккис кэлээһиммит буолар, онон кыра да буоллар муҥхалыы уопуттаах дьон курдук сананан тиийдибит. Биһигини бу сир хаһаайыттара Владимир Денисович, балта Туйаара Васильевна Оленовтар уонна аймахтара сайылык дьиэлэрин оһоҕун оттон, үөрэ-көтө көрүстүлэр, сылаас чэйинэн, сыалаах саҥа өлөрүллүбүт убаһа этинэн күндүлээтилэр, тигинэччи оттулла турар оһоҕу аан бастаан арыылаах алаадьыннан айах туттубут уонна Байанайбыт күндүлүүрүгэр көрдөстүбүт.
Сотору соҕус буолан баран киирии-тахсыы элбээн, түөрдуонча киһи тоҕуоруста. Кэлбит дьон бары сайылыгы өҥөйөн иттэн , хаһаайка итии чэйин иһэн тахсаллар.
Ханнык баҕар тэрээһин алгыстан саҕаланар, ол курдук улууспут биллэр алгысчыта Степан Петрович Терентьев кыра кулуһун оттон алгыс тылын эттэ, арыылаах алаадьыннан айах тутта.


Муҥханы биллэрин курдук сиэри-туому тутуһуннарар, ытыктанар киһи тэрийэр, ол курдук бу тэрээһини Аһыма нэһилиэгин Аҕа баһылыга Савва Иннокентьевич Данилов бэйэтинэн, бииргэ төрөөбүт убайынаан Иннокентий Иннокентьевич Даниловтыын иилээн-саҕалаан, дьону салайан ыыттылар. Күммүт да туран биэрдэ, күөх халлааҥҥа сааскылыы күн кылбаарыйа тыкта. Күөлү үрдүнэн суор обургу элиэтээтэ, хаста да хахаарда уонна кэтэспиттии чугас тииккэ баран сөксөллөн олордо.
Сотору соҕус муҥхаҕа кэлбит дьон орун-оннуларын булан үлэлээбитинэн бардылар. Чардаат алларан муҥханы түһэрдилэр. Анньыыһыттар уонна нырыыһыттар туспалар.Биһиги кэрэ аҥардар үлэбит диэн нырыылааһын үлэтэ. Хамаанда биллэрилиннэ даҕаны нырыыбыт маһын туппутунан хаһыытаабытынан ойбонтон ойбоҥҥо сүүрэн тиийэн буккуйбутунан барабыт,бытааран кыратык сэмэлэнэн да ылар баар суол. Эр дьон үксэ ойбон алларыытыгар, муҥха хостооһунугар, күүстээх үлэҕэ сырыттылар.


Үлэ барыта оҥоһуллубутун кэннэ дьэ муҥха хостооһуна буолла. Байанайбыт дьэ күндүлээтэ!

Муҥха ийэтин айаҕар балык бөҕө өрүтэ мөхсөн тахсан үлэһит дьон үөрүүтэ үксээтэ, сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Балык бөҕөнү өрө баһан таһааран, күрдьүллүбүт хаарга куттулар. Суорбут көтөн кэлэн биир балыгы уобан ылан, бу мин өлүүм диэбиттии көтөн күпсүйэ турда. Дьэ бу курдук өрөбүлбүт биир күнүн олус туһалаахтык атааран, Байанай бэлэҕиттэн бэрсиһиннэрэн, үөрэн-көтөн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах халлаан хараҥарыыта тарҕастыбыт. Бу курдук саха омук үгэспитин өрө тутан, былыргыттан кэлбит муҥхабытын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдиэҕин, ыччаттарбытын сыһыаран үөрэтиэҕиҥ диэн баҕа санаабын этэбин.

Айталина Олесова-Айталыына.
Сэтинньи 4 күнэ 2024 с.