Ыччаттарым көрө сылдьыахтара

Горнай улууһугар Солоҕон нэһилиэгэр биир быйаҥнаах күөлүнэн Лаахыгыр буолар. Олох соторутааҥҥа диэри, собото эмиһинэн, минньигэһинэн, миинэ хоргуннааҕынан ханна да тэҥэ суоҕа. Сэрии уот кураан сылларыгар, нэһилиэк дьонун бу күөл собото быыһаабыта, аһаппыта-сиэппитэ. Ити саҕана муҥхаһыт Саха сирин биир биллиилээх олоҥхоһута, үтүөкэннээх киһи Сэмэн Григорьевич Алексеевка-Уустарабыска махтанааччы олус элбэх этэ. Кыһын муҥханы кини тэрийэрэ. Саас хоргуйан өлөөрү гыммыт дьону, бу күөл аттынааҕы ыалларга тиэйэн илдьэн,  Уустарабыс көҕүлээһининэн куйуурдаан, ураты минньигэс собону хостоон, элбэх киһини өлөр-өлүүттэн быыһаабыта диэн, инники тахсыбыт кинигэлэргэ суруллубута.

Ааспыт үйэҕэ сайын буоллар эрэ, балыксыттар бу күөлгэ матасыыкылынан, массыынанан араас нэһилиэктэртэн  тиийэн илимнээн, собо бөҕөнү ылаллара. Олус баай соболооҕо. Оттон күөл тулатын, өтөхтөрүн оттуон баҕалаах элбэх буолара. Студенныы сылдьан, мин эмиэ бииргэ үөрэммит доҕорбун Матвей Семенович Захаровы кытта, сопхуоска ый аҥара курдук оттоон турардаахпыт. Оттон муҥхатыгар сүүһүнэн киһи мустара. Хас муҥхаланнаҕын аайы кэлбит эрэ барыта, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ хастыы эмэ куул соболоох баран, кыстыыр аһылыктарын мантан булунан үөрэллэрэ-көтөллөрө.

Дьэ бу манна, 1989 с. норуот худуоһунньуга Афанасий Николаевич Осипов муҥхаҕа сылдьыбыта. Муҥха сүрүн дьаһайсар дьонун харандааһынан уруһуйдаабыта, билигин музейга көрдөрүүгэ баар. Онно уруһуйдаммыт дьонтон, мин үөлээннээҕим Дмитрий Дмитриевич Егоров, оччотооҕу таптал аатынан “Сааҕынатар” дэнэр киһи, билигин Бэрдьигэстээххэ олорор. Киниттэн оччотооҕу кэми санаан-ахтан ыларыгар көрдөстүм:

– Мин ол саҕаттан Уустарабыска ылгын уол буолан сылдьабын. Кини биһигини үөрэтэр, сүбэлиир-такайар, мөҕөр-этэр да. Мин сарсыарда эрдэ туонна үктээһинигэр барсабын. Үс-түөрт муҥха ханан түһүөхтээҕин, хайдах айанныахтааҕын, ханан тахсыахтааҕын кээмэйдэһэбин. Онтон үүтээҥҥэ кэлэн, чэйдээн баран күөлгэ хаттаан киирэн, муҥха түһэрсэбин, анньыыһыттары, нырыыһыттары хамаандалыыбын. Муҥха таһаарыыта биир эппиэттээх үлэ. Кыната эриллэн тахсыбатын көрөбүн-истэбин, кыраадьыналыыбын, лүҥсүүрдьүтү, самахсыты дьаһайсабын. Оо, балык да бөҕө кэлэр этэ. Сороҕор уонунан туонна. Муҥха тахсыан иннинэ, ортоку сүрүн муҥхаҕа олорооччу Уустарабыс күрдьэҕэ көтөҕүлүннэҕинэ, дьэ ыһыы-хаһыы, эккирээһин  бөҕө буолар. Оччотооҕу дьон үөрэрэ-көтөрө, махтанара олус да үчүгэйэ!

 

Оннук биир муҥхаҕа Афанасий Осипов кэлэ сылдьыбыта, биһиэхэ эмиэ биир туспа үөрүү этэ. Хас эмэ күн сылдьыспыта быһыылаах. Күөлгэ киирэн уруһуйдуур, муҥха айанын батыһа сылдьар. Киэһэ үүтээҥҥэ тахсабыт. Н.П.Васильев, маннааҕы балаҕан умайбытын кэннэ, ампаары үүтээн гына оҥостубута, кыараҕас да баҕайы буоллар, хас да киһи хонор. Онно Афанасий Николаевич биһигини кытта чэйдэһэр. Дьэ уонна “муҥха тойотторун уруһуйдуубун” диэн харандааһынан уруһуйдуур. Дьараасканы, Сахаары, Ньукулай Бөтүрүөбүстээҕи үүт-үкчү гына уруһуйдаабыта. Миигин эмиэ быһаҕынан кырбастаах сыалаах эти сии олордохпуна, аҕыйах мүнүүтэ тардыалаан кэбиспитэ. Эппэккэ эрэ диэх курдук.  “Оннук олор, маннык гын” диэбитин өйдөөбөппүн. Бөтүрүөбүһү күлэр этибит: “Тугу эрэ куолулаары, уоскун чорбоппуккун кытта олох үүт үкчү оҥорбут”, –  диэн. Ыраах сиринэн тэлэһийбит худуоһунньук, үтүөкэннээх киһи эбит этэ диэн, өйбөр хатанан хаалбыт. Элэккэйэ, билэрэ-көрөрө элбэҕэ, кэпсиирэ үчүгэйэ, судургута, боростуойа. Ньукулай Бөтүрүөбүстүүн былыргыны, Эргистээҕи аймахтарын кэпсэтэллэрэ. Иккиэн да билэр баҕайы этилэр.

Орто күөлүгэр кэлэ сылдьарыгар, мин эмиэ баарым. Суорун Омоллооннуун кэлбиттэр этэ. Михаил Ефимович Николаев, оройуон тойотторо эҥин бары бааллара. Олус улахан муҥха этэ. Күөл тулатыгар 70-ча балаакка турбута. Киэһэ оһуокайдыыллара ээ. Суорун Омоллоон миигин хаартыскаҕа түһэрбитэ. Кэрийэ сылдьан устара. Онно сылдьыбыт дьон ити улахан хартыынатыгар баалларын көрөн үөрэллэр.

Мин, көннөрү киһи,   хата, сөптөөх түгэҥҥэ түбэһэн, улахан худуоһунньук хартыынатыгар киирбиппин кэнники ыччаттарым, билэр дьонум көрө сылдьыахтара диэн, киэн туттуох санаа кэлэр.

Василий Алексеев кэпсэттэ.

В.И.Алексеев «Төрөөбүт дойдуттан иэйии ылан» кинигэттэн