Бэрдьигэстээххэ күөх сайыны көрсөр Үрүҥ Тунах Ыһыах спортивнай тэрээһинэ өрө көтөҕүллүүлээхтик барда.
Мас тардыһыыта, хапсаҕай көрүҥнэригэр уолаттарбыт үчүгэй киирсиилэри көрдөрдүлэр.
Спорду таптааччыылара Горнай спордун оскуолатыгар буспут-хаппыт Манчаары Ильинов, Алексей Захаров, Вячеслав Ефремов, Семен Борисов, Илья Григорьев Манчаары оонньууларын призерун Христофор Христофоров киирсиилэрин астына көрдүлэр. Уолаттар бары да кэлбит дьон эрэллэрин түһэн биэрбэтилэр. Сытыы, тыҥааһыннаах хапсыһыылары бэлэхтээтилэр.
Күрэхтэһии кыайыылаахтара уонна призердара:
Хапсаҕай:
50 кг
1 Дмитрий Чуприн
2 Сергей Ефремов
3 Дима Сивцев
60 кг
1 Егор Иванов
2 Айсен Петров
3 Арылхан Третьяков
60 кг үөһээ
1 Коля Копылов
2 Миша Леонтьев
75 кг
1 Манчаары Ильинов
2 Айхал Крылатов
3 Алексей Захаров
85 кг
1 Вячеслав Ефремов
2 Эрхаан Соркомов
3 Михаил Сидоров
85 кг үөһэ
1 Христофор Христофоров
2 Семен Борисов
3 Борис Шарин
Мас тардыһыы
65 кг
1 Илья Григорьев
2 Егор Собакин
3 Антон Максимов
75 кг
1 Виталий Ефимов
2 Мичил Петров
3 Дьулус Егоров
75 кг үөһээ
1 Семен Борисов
2 Спартак Оленов
3 Айар Николаев
Тэрийээччилэр бастыҥ спортсменнарбытыгар Ыһыах маанылаах бэлэҕин мүһэни туттаран үөртүлэр.
Вячеслав Алексеев