Саха норуотун киэн туттуута, саха саарына, Арассыыйа худуоһунньуктарын чаҕылхай сулуһа, сомоҕо талаана, үс төгүллээх норуодунай худуоһунньук, сахалартан бастакы академик (1988 с.) А.Н.Осипов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх сыл ааһа оҕуста. Худуоһунньуктар ханныгын да иннигэр судаарыстыбаҕа улахан барыһы киллэрбэттэрин да иһин, кинилэр Аҕа дойду Албан аатын хаҥаталлар, тарбахтарын талаанынан, ол туохха да кэмнэммэт, тугунан да сыаналаммат сүдү баай. Барыта умнуллар, бүтүө, уостуо, быстах тыл-өс уолҕамчы туттунуу-хаптыныы, эмискэччи кэлбит баай-дуол. Ол эрээри хаалыахтара бар дьон, кэнэҕэски көлүөнэлэр көрүүлэригэр-истиилэригэр биһиги кэммит улуу «Джокондалара» уонна «Сикстинскэй капеллалара». Искусство айымньыта – хатыламмат, ханнык да харчынан кэмнэммэт күндү баай. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайытын кини улам тупсан, торолуйан, ыйааһыннанан иһэр курдук. Өскөтө чахчы дириҥ баай философскай ис хоһоонноох, кэрэ айымньы буоллаҕына чахчыта оннук. Академик А.Н.Осипов киһи мыыммат кэрэмэс, олус киэҥ далааһыннаах олоҕу олорон ааспыта биһиэхэ барыбытыгар холобур буолар. Кини 83 сааһын ааһыар диэри айар үлэнэн, кырдьарын умнан туран күүскэ дьарыктаммыта, айбыта-туппута. Бүтэһигин 2011 с. Францияҕа Анси куоракка тиийэн, утуйар уутун умнан туран 25 хартыынаны, этюдтары дьонугар-сэргэтигэр кэриэс кэриэтэ дьүһүйэн хаалларбыта. (Франциятааҕы серията).
Кыл киистэ талааннаах маастара А.Н.Осипов барыта омук дойдуларыгар (13 дойду) 25 төгүл тахса сылдьыбыта. Ол курдук, аҥаардас бырааттыы Монголияҕа биэс төгүл айар командировкаҕа сылдьыбыта да элбэҕи кэпсиир. Академикка аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэри барытын эридьиэстээбэккэ туран сорох омсолоох өрүттэригэр тохтуохпун баҕарабын. Санаа атастаһыытын быһыытынан. Ол курдук, Мытаахха буолбут үбүлүөйдээх Ыһыах тэрээһинигэр тохтуоҕу баҕарыллар. Биэс сылга биирдэ буолар үбүлүөйдээх ыһыахха СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтиттэн биир да тойон-хотун кэлбэтэҕэ киһини дьиксиннэрэр.
Хата биһиги дьолбутугар диэххэ дуу, национальнай художественнай музей биир үлэһитэ кэлэн, олох да илиибитин соттуох дьону, дууһабытын сылаанньыппыта махталлаах суол. Кэлиҥҥи кэмнэргэ ыһыахтарбыт наһаа хойутаан, уһаан-кэҥээн саҕаланар үтүө үгэскэ кубулуйда. Күлүк диэн суох сиригэр олорон, күн уотугар «ыһаарыланар» манан аҕай дьыала буолбатах, кэтэһэр да эрэйдээх, бэйэҕит билэҕит. Ыһыахтыыр сиргэ сарайдаах олорор сир ыалдьыттар олорор сирдэригэр эрэ баар. Онно да олорор сирэ кэмчи, кыараҕас. Кэлэр өттүгэр, көннөрү да ыһыаҕы ыытар буоллахха бириэмэтин булгуччу тутуһар гына дьаһаныахха баара…
Суруналыыс буоларым быһыытынан уонна академик тастыҥ быраата да буоларбынан А.Н.Осипов олоҕун, айар үлэтин туһунан 1994 с. ыла, сыал-сорук оҥостон тиһигин быспакка суруйан кэллим. Академик үбүлүөйдээх сылын өссө 2022 с. саҕалаабытым. Ол курдук, «Күрүлгэн» уус-уран альманах бастакы нүөмэригэр «Академик А.Н.Осипов Швейцариятааҕы серията» диэн дьоҕус ыстатыйаны бэчээттэппитим. Онтон 2023 с. «Күрүлгэн» иккис нүөмэригэр кылааһынньыгым П.Н.Уйгурова идеятын өйөөн, кини быһаччы кыттыытынан А.Н.Осипов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан бүтүн ыстатыйалар циклларын бэчээттээн таһаарбыппыт (11 илиистээх). Онон академик үбүлүөйүн илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрсүбүппүттэн сүрдээҕин үөрэбин уонна киэн туттабын. Киһи бэйэтин сэмэй үлэтиттэн дуоһуйа үөрэр буоллаҕына, ол кини дьоло, киэн туттуута.
Академик тыыннааҕар, кини олоҕун айар үлэтин туһунан икки эрэ сахалыы кинигэ тахсан турар. Биирэ, бу суруйа олорор ааптар «Сахалартан бастакы академик» 2013 с. киэнэ, иккиһэ В.А.Босиков (1998 с.) суруйуута. Академик олоҕун, айар үлэтин туһунан 1994 с. суруйдум ини, суруйбатым ини да 2023 с. буолбут үбүлүөйдээх ыһыаҕар саатар махтал суруктара баҕалаах. Куруук буоларын курдук музей үлэһиттэригэр эрэ наҕараада, чиэс-бочуот бэрилиннэ.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ академик А.Н.Осипов туһунан хаһыакка суруйуу тарбахха баттанар суоҕун да кэриэтэ. Оннооҕор тыыннааҕар бэчээккэ сурутуу олус сэдэх этэ. Атааннаах-мөҥүөннээх, айыылаах-харалаах, сэриилээх үйэбитигэр киһиэхэ кыра да наада ээ… Хаҥаластар ренессанскай таһымнаах уһулуччулаах учуонайдарыгар Г.В.Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылыгар анаан Бүтүн Арассыыйатааҕы үс күннээх билим кэмпириэнсийэтин киэҥ далааһыннаахтык тэрийэн ыыппыттара хайҕаныан эрэ сөп. Өссө эбиитин Г.В.Ксенофонтов аатынан институт тэриллэрин туруорустулар уонна резолюцияҕа биир санаанан киллэрдилэр.
Онтон биһиэхэ академик А.Н.Осипов биһигэ ыйаммыт сиригэр өйдөбүнньүк суруктаах мэҥэ тааһы да туруорбатыбыт (Бөтөҕөстөөххө). Улахан ситиһиибит диэн икки сиргэ академик бюһа уонна кини аатынан алмаас копията Мытаахтааҕы музей-галереяҕа үйэ-саас көрдөрүүгэ туруорулунна. Онтон Борго баар олорбут дьиэтигэр түннүгүн көннөрөн да оҥорботубут. Таалаҕа баар дьиҥнээх олорбут дьиэтигэр сууллаары турар үрдүн саҥардан, өрөмүөннээн биэрбэтибит. Сотору дьиэтин сарайа алдьанан, үрдэ сиҥнэр туруктаах.
Мин санаабар, академик 100 сааһыгар түбэһиннэрэн Хаҥаластар курдук, Монголия, Киргизия учуонайдарын түмэл үлэһиттэрин ыҥыран, Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэни эрдэттэн кэпсэтэн киэҥ далааһыннаахтык ыытыахха баара. Онно биллэринэн, Арассыыйа ХА үрдүк сололоох академиктарын, учуонайдарын ыҥырыахха наада. Биһиэхэ барыта академик үбүлүөйэ урукку сценарийынан барар буолан А.Н.Осипов сүдү аатыгар күлүк түһэрэр, таһымын намтатар. Саҥа сүүрээн, аныгылыы хайысха киириэн наада. Ол иһин улуустааҕы үбүлүөйдээх ыһыах уота-күөһэ суох барар буолбута ыраатта. Академик А.Н.Осипов сүүс сылга биирдэ кэлэн барар, уһулуччулаах сомоҕо талаан, айылҕаттан айдарыылаах айанньыт-худуоһунньук. Кэлэр да өттүгэр академик А.Н.Осипов курдук уһулуччулаах худуоһунньук төрүүрэ да биллибэт, Горнай сириттэн-уотуттан…
Онон кэлэр өттүгэр тумус туттар биллиилээх дьоннорбут үбүлүөйдээх Ыһыахтарын аатыгар эрэ буолбакка, уота-күөһэ суох ыытарбытын хайдах эрэ гынан тохтоппут киһи диэн баҕа санаалаахпын. Түгэнинэн туһанан этэр буоллахха, кыаллар буоллаҕына, сахалартан бастакы академик А.Н.Осипов аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтуохха баара. Суруйааччыларга Ойуунускайтан саҕалаан Судаарыстыбаннай бириэмийэ бөҕө баар, эдэрдэргэ анаан поэзия эйгэтигэр араас таһымнаах бириэмийэлэр, бэлиэлэр олохтоно тураллар. Онтон искусство эйгэтигэр ордук чуолаан худуоһунньуктарга аадырыстаммыт биир да бириэмийэ суох. Тоҕо манныгый, тэҥниэххэ баара. Тоҕо эрэ суруйааччылар ортолоругар биир да академик суох ээ, Үлэ Геройа эрэ баар.
Түмүктээри туран урукку Бэрэсидьиэн Е.А.Борисов хаһан эрэ эппит: «Үлэҕэ, олоххо кириитикэ наада, ол туһалаах, ону истэ үөрэниҥ. Кириитикэ инникигэ сирдиир» диэн кынаттаах этиитинэн түмүктүүбүн. Туох барыта үчүгэйдик умнуллубут былыргы.
Владимир Парфенов,
НГУо чилиэнэ, суруналыыс, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы чинчийээччи.