Биир күн анаан, кэккэлэһэ сытар Октябрьскай нэһилиэгэр олохтоох арыы сыаҕын үлэтин-хамнаһын билсэ арыы-сыаҕын маастарын Анна Иванованы көрүстүм. Сарсыарда 8 ч ааһыыта номнуо үүт туттарааччы дьон тоҕуоруһан кэлбиттэрэ, көрөргө олус үчүгэй. Киһи эрэнэ саныыр, тыа сиригэр ынах-сүөһү, сылгыны иитиитин ыһыктыбакка сылдьан, үлэлээтэххэ, бэйэ иҥэмтиэлээх аһын күннэтэ аһаатахха, чөл туруктаах доруобуйа да тупсара биллэр.
Октябрьскай нэһилиэгэр оҕолуун-уруулуун 556 киһи олохсуйан олорор. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон элбэх. 1990 с. ыһыллыы кэмигэр, сөптөөхтүк дьаһанан, сүөһүлэрин, сылгыларын ыспакка, илиилэрин үлэттэн араарбакка күн бүгүнүгэр диэри ылсан үлэлииллэр.
Нэһилиэк иһинэн түөрт тэриллиилээх бааһынай хаһаайыстыба, 20 ыал бэйэ дьарыктаах буоланнар үүт туттараллар. Самаан сайыммыт силигилээн кэлэн, күөх чээлэй от чэлгийэ үүнэн, ынахтар мэччирэҥҥэ көҥүл көччүйэн, тото-ханан аһаан, үүттэрэ биллэрдик эбиллэн, күҥҥэ 1 тн үрүлүйэр үүтү эрийэллэр. Быйыл 120 ынах төрөөтөн этэҥҥэ диэххэ сөп.Кыргыттар Анна Иванова маастарынан, Марианна Романова, Лариса Жиркова арыы сыаҕар ылсан үлэлии сылдьаллар. Үүт сыаҕар үлэ судургута суох. 40 кг иһиттээх бидоннары көтөҕүү, кутуу, сууйуу о.д.а. үлэ баһаам.
Кыргыттар ыарахан, чэпчэки диэбэккэ күннэтэ үөрэ-көтө үлэлииллэр. Үүтү эрийэн, оҥорон таһаарбыт үрүҥ астарын СХППК “Горнай Ас” тэрилтэтигэр туттараллар. Уруй Айхал, үлэ дьонугар! Үтүмэн үтүөҕүт, өҥөҕүт иһин махтанабыт.
Валентина Яковлева