«Үлэ күүһэ» хаһыат редакцията 100 % куоластаатыбыт!

Гражданскай ытык иэспитин толордубут, сөптөөх быһаарыныыны ыллыбыт диэн бүк эрэллээхпит.

Быыбар үс күн барара олус табыгастаах эбит. Быыбардыыр учаастактарга тэрээһин үчүгэй, дьон-сэргэ тоҕуоруһуута үгүс, ханна да көрдөххө элбэх киһи кэлбит.

Улууспут олохтоохторун өрөспүүбүлүкэбит, улууспут инникитин түстүүр быыбарга гражданскай ытык иэскитин толоруҥ, сөптөөх быыбары оҥоруҥ диэн ыҥырабыт!