Биир дойдулааҕым, урбаанньыт Владимир Осипов төлөпүөнүнэн тахсан: «Бу күннэргэ бүрээт доҕорбунаан Сергей Чимитовтыын, кини дойдутугар, Забайкальскай кыраайга массыынанан айанныахтаахпыт. Эн, суруналыыс киһи, биһигини кытта аргыс барсан, онно олорор төрүт омук олоҕун-дьаһаҕын көрүөҥ-истиэҥ, сатанар буоллаҕына ыстатыйа суруйуоҥ этэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах диэн Мытаахтан Михаил Павловка этии киллэрбиппэр быһа гыммакка сөбүлэстэ. Инньэ гынан бүтүн делегация курдук буолуо этибит» диэн кэпсэтэ түһэн баран, утарытынан ыйытар буолла. Толкуйдаан, сүбэлэһэн баран, бары да биир нэһилиэк олохтоохторо буоларбытыттан уонна онтон көрсүбэтэхпит да ырааппыт буолан, барсарга быһаарынным…
Айан
Сиринэн Дьокуускайтан Читаҕа диэри 2000 тахса км. Уһун айаҥҥа тэринии, бэлэмнэнии биир туспа сүпсүлгэн. Киэһэ аҕыс саҕана айаммытыгар туруннубут. Өскө, былааннаабыппыт курдук бардахпытына, сарсын киэһэтигэр тиийиэхтээхпит. Киэһэ аҕыс чаас. Дьыбары бүрүммүт Дьокуускай куорат уоттара өрүс уҥуор туманыра көстө хаалла. Иннибитигэр айан. Тохтоло суох айан…
Забайкальскай кыраай
Забайкальскай кыраай 2008 с. икки эригийиэнтэн, Читинскай уобаластан уонна Агинскай-Бурятскай автономнай уокуруктан холбоон тэриллибит субъект буолар. Нэһилиэнньэтэ быһа холуйан, Саха сирин кытта тэҥ сыһа (992 429 киһи). Бу кыраай биир уратыта, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар нэһилиэнньэ 80 %-на кэтэх хаһаайыстыбаҕа тирэҕирэр эбит. «Мин санаабар бу ураты көстүү. Маннык дьаһанан олоруу, ону таһынан ол оҥорон таһаарбытынан бэйэтин бэйэ хааччыныы үтүө уопут», – диэн Владимир Осипов айаммыт сүрүн соруга туоххатын быһаарбыта.
Хаһаайыстыбалар. Ононскай оройуон
Бу Монголияны кытта кыраныыссалаһа сытар эригийиэн биир уһук нэһилиэнньэлээх пууна эбит. Номоххо кэпсииллэринэн, бу сиргэ Улуу Чыҥыс Хаан кистэммит Ытык сир эбит. Красная Ималка дэриэбинэҕэ тиийдибит. Хаһааҥҥыта эрэ сопхуос буолан сайдан турбут 600-кэ олохтоох дэриэбинэттэн уонча эрэ ыал хаалан олорор. Аргыспыт Сергей Чимитов төрөөбүт дэриэбинэтэ мантан чугас буолан, Красная Ималканы бэркэ билэр сирэ. «Оо, урут, оҕо эрдэхпинэ, манна сайдыы бөҕө этэ. Улахан, кыахтаах сопхуос баара. Тэбиэҥҥэ тиийэ иитэллэрэ», – диэн ол оҕо саас кэмин санаан өрө тыынан ылар. Биһиги манна сүөһү ииттэн олорор Пунцок, Сергей Самбуевтарга сылдьыахтаахпыт. Кураанахсыйбыт дэриэбинэ уһук дьиэтигэр тиийэн тохтоотубут. Сэттэ уончатыгар чугаһаабыт киһи тахсан, биһигини эҕэрдэлии көрсөн, дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырда. Остуолга хойуу үүттээх чэй кутуллан, нэлэгэр иһиккэ хоторуллубут кырбастаах эт өрөһөлөнөн турар. «Айан дьоно чэйдэһиҥ. Барыта бэйэбит аспыт. Кэргэмминээн Пунцоктуун хаһаайыстыба тэринэн олорбуппут ыраатта. Кэлин, сааһыран, ыарырҕатар буолан, ынахтарбыт ахсаанын лаппа аччаттыбыт. Билиҥҥитэ 55 төбөнү тутан турабыт. Чэ тугу үгүһү кэпсээн… Билигин тиийдэхпитинэ бэйэҕит көрүөххүт буоллаҕа» диэн дьиэ хаһаайына Сергей сэһэргиир.
Ыалбыт хаһаайыстыбалара дэриэбинэттэн үс биэрэстэлээх сиргэ, истиэп ортотугар баар эбит. Уһуга көстүбэт, нэлэмэн истиэп устунан массыына ахсымнык айанныыр. Томтордор тэллэхтэрин анныттан сотору-сотору, массыынаттан үргүбүт дьиэрэҥнэр үөрдэрэ хонуу куйаар устун элэстэнэллэр. «Бу сирдэр Даурскай заповедник сиригэр-уотугар киирсэллэр. Инньэ гынан дьиэрэҥнэри бултааһын көҥүллэммэт. Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыллар. Урут, 2000 сс. саҥалара, чахчы, лаппа аҕыйыы сылдьан баран, кэлин элбээтилэр», – диэн аргыспыт Сергей бастаан харахтаан көрөр дьикти кыылларбыт туһунан кэпсиир. Массыынабыт өр гыммакка истиэп ортотугар турар хаһаайыстыбаҕа тиийэн тохтоото. «Быйыл хаарбыт элбэх» хаһаайын бэрт дьоһуннук туттан туран саҥарар. Биһиги бачыыҥкабытын уллуҥун эрэ сабар хаары көрөн сонньуйан ыллыбыт. «Ээ, арба, эһиэхэ хаар дойдута буоллаҕа» киһибит эппититтэн кыбыстыбыттыы бытыгын иһигэр мүчүк гынан ылла. «Дьэ, бу биһиги хаһаайыстыбабыт. Инники 300-чэкэ ынах сүөһүгэ тиийэ ииттэ сылдьыбыппыт. Билигин, сааһыран лаппа аччаттыбыт. Биэс уонча калмыцкай боруоданы тутан турабыт. Ыабаппыт. Эккэ эрэ диэн иитэбит. Ыан да, оччо элбэх үүтү ханна гыныахпытый? Манна үүт соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр суохтар» диэн, биһиэхэ Саха сиригэр үүт туталларын истэн сөхпүттүү төбөтүн быһа илгистэр.
«Хаһаайыстыбабытыгар икки үлэһити тутабыт. Үрдүттэн олорон ынахтары маныыллар. Бу дойдуларга бөрө элбэх. Инньэ гынан бостуук мэччийэр сүөһүлэрин, хараҕын араарбакка кыраҕатык манаатаҕына эрэ бүтүн сылдьаллар. Сааспыт ыраатан, хаһаайыстыба тутартан тохтуур санаалаахпыт. Көрөргүт курдук барыта истиэп дойду. Оттук мас кэмчи. Биир бортовой массыына мас 25 тыһ. солк тиийэр», – диэн баччаҕа диэри саҥарбакка сылдьыбыт Пунцок кэпсэтиигэ кыттыһар. «Сылын аайы тохтуохпут дэһэбит да, бу үлүгэр хаһаайыстыбаны эһэн кэбиһэр тустаахха эмиэ ыарахан курдук. Туох да диэбиппит иһин үйэбит тухары дьарыктаммыт дьарыкпыт буоллаҕа»,– ыал ийэтэ Пунцок өрө тыынан ылар. Бу кэпсэтэ тураммыт, хайдах эрэ бары да кэри-куру буолан ыллыбыт. Ханна да буолтун иһин кырдьар саас кыһалҕата биир курдугуттан. Дьоммутун кытта ирэ-хоро кэпсэтэн баран, айан дьоно салгыы суолбутугар туруннубут.
Агинскай оройуон
2008 с. диэри Арассыыйа туспа эригийиэнин быһыытынан сылдьыбыт. Манна сүрүннээн бүрээттэр олохсуйан олороллор. Тылларын, дьарыктарын ыһыктыбатахтар. Сүрүн итэҕэллэрэ буддизм эбит. Айаннаан иһэн көрдөххө, үрдүк сирдэргэ дацаннар ыраахтан көстөллөр. Маннык дьиэлэри бүрээттэр ытык сирдэргэ туталлар эбит. Ону тэҥэ айан суол аартыктарыгар сэргэлэр тураллара, бу былыргы таҥара итэҕэллээхтэрин санатарын олохтоохтор ахталлар.
Биһиги бу оройуоҥҥа Эрдем диэн эдэр урбаанньыт уолу көрсүөхтээхпит. Сарсыарда, үлэспит кэммитигэр киһибит төлөпүөннээн, гостиницабыт айаҕар номнуо кэлэн турарын иһитиннэрдэ. Киппэ көрүҥнээх эдэр киһи биһигини истиҥник эҕэрдэлии көрүстэ. Билсэн бараммыт Эрдеммит хаһаайыстыбатыгар айаҥҥа туруннубут. Бу айаннаан иһэн билбиппит, Эрдем олох да сахалар уруубут буолан таҕыста. Новосибирскайга устудьуоннуу сылдьан, саха кыыһын кэргэн ылбыт эбит. Бэйэтэ үрдүк үөрэхтээх землеустроитель идэлээх.
«Дьоҥҥо сир докумуоннарын оҥорор этим. Ол сылдьан, үгүс сир хаһаайына суоҕун бэлиэтии көрбүтүм. Хаарыаны, бачча үчүгэй сирдэргэ ынах сүөһү дэлэппит киһи диэн санаа үөскээбитэ. Өр саарыы барбакка, урбаанньыт буолан, 300 хойу ииттэ ылбытым. Онтум үс сыл иһигэр 500-кэ тиийэ элбээбитэ. Хойу ииттии биир сүрүн уустуга, кинилэри кыраҕатык кэтиэххэ наада. Холобур, маныы олорон бүнүөкүлүнэн уҥуор көрдөххө, эн бараргын кэтэһэн талах кэннигэр бөрө саһан сытар буолааччы. Дьэ, кини бу дойдуларга алдьатыылаах кыыл. Кыраҕаҕын кыратык сүтэрдиҥ да тута хойдоргун мэлиппитинэн барар. Кэлин бу ынах сүөһү итиитигэр көстүм. Билиҥҥитэ 200 төбөнү көрө сылдьабын. Оттуур сирим уонна мэччирэҥим 400 гаа сир. Хаһаайыстыбабар аймахтарым көмөлөһөллөр. Былырыын 12 мөлүйүөҥҥэ скотобойня туттубутум», – диэн сэһэргээтэ.
«Эригийиэн саҥа саҕалааччы хаһаайыстыбаларга көмөлөһөр. Скотобойнябын тыа хаһаайыстыбатын салаатын нөҥүө үбүлэтэн туттубутум. Инникитин былаан элбэх. Хотуобай бородууксуйаны оҥорон таһаарар сыах туттуохтаахпын», – санаатын үллэстэр. Барыта дьип-дьап оҥоһуулаах тутуулар, күрүө-хаһаа турар сиригэр тиийдибит. Халлааммыт сааскылыы ылааҥы буолан, күн да күн. Таһырдьа 6 кыраадыс эрэ тымныы, онтон дойдубутугар 40-тан тахса тымныы сатыылаан турдаҕа. Ынах сүөһү үөрэ ыраах, сыһыыга холку бэйэтик мэччийэ сылдьар. «Тыый, бачча үтүө дойдуга киһи эрэ сүөһү-ас тутан олоруох» диэн хайгыы саҥа аллайбыппытын билиминэ да хааллыбыт.
Улетовскай оройуон
Ураты дьон баар буолааччылар. Киирбит-тахсыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит. Кинилэр таарыйбатах, билбэтэх эйгэлэрэ диэн суоҕун кэриэтэ. Маннык дьону «уол оҕото аҕыс кырыылааҕа» диэн сөҕө-махтайа ааттааччылар. Биһиги билсибит киһибит Даба эмиэ оннук дьон ахсааныгар киирсэр. «Бу бүгүн сарсыарда Амурскайтан кэллим. Нэдиэлэ бүтэһигэр Бодойболоотум. Күн былдьаһыга…» кылгас билсиһиибит кэнниттэн тута кэпсээн-ипсээн куппутунан барда. Биһиги да сэргэх киһилиин көрсүбүппүтүттэн көх-нэм буола түстүбүт. «Бастаан куорат таһынааҕы базабар бара сылдьыахпыт, онтон федеральнай суол аттыгар турар кафебар чэйдиэхпит, ол кэннэ хаһаайыстыбабын көрдөрүөм», – Дабабыт биир күннээҕи сырыыбытын биир этиинэн быһаара охсон кэбиһэр киһи буолан биэрдэ. Улан-Үдэлиир трассаттан туораан, иһирдьэ барбахтыы түстүбүт. Өр гыммакка хаһаайыстыба турар сиригэр тиийдибит. Салайааччыларын көрсө үлэһиттэрэ утары таҕыстылар. Быһыыта Даба суох кэмигэр боппуруос бөҕө мунньуллубут курдук. Тугу эрэ суолталааҕы бэйэлэрин тылларынан кэпсээн илиилэрэ өрө күөрэҥниир. Даба ону барытын дьоһуннанан туран истэр. Төбөтүн тоҥхоторунан, биитэр илгистэринэн сэрэйдэххэ, сороҕун сөбүлэһэр, атыттарын аккаастыыр курдук. Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ тыыннарын таһаарбахтаан баран биһиги, атын дьон кэлэн турарбытын дьэ өйдөөн көрбүттүү эҕэрдэлээтилэр. Салгыы хаһаайыстыба управляющайа Мансур үлэ хаамыытын көрдөрөр буолла.
«Билиҥҥитэ 200-тэн тахса сибиинньэ тутан турабыт. 50-тан тахса ынах сүөһүлээхпит. Уонна түргэнник ситэр куурусса, индюк кыыллары иитэбит. Бэйэбин таһынан түөрт үлэһиттээхпин. Сибиинньэ үксүн уотурба аһылыктаах. Бурдук үүннэрэр хаһаайыстыбалартан чэпчэкилии мэлиллибэтэҕинэн туораах атыылаһан, дробилкабытыгар мэлитэбит. Инньэ гынан бу өттүгэр ороскуот кыра диэххэ сөп. Маны тэҥэ Чита куорат бородуукта маҕаһыыннарыттан атыыга барбатах оҕуруот аһын, фруктаны күн ахсын кэриэтэ хомуйан аҕалан сиэтэбит. Ол эмиэ эбиискэ быһыытынан олус үчүгэй. Чопчулаатахха, олору босхо ылабыт» диэн Мансур кэпсиир. Чахчы, ити кэмҥэ тыраахтар хомуоһунан оҕуруот аһын, фруктаны толору баһан аҕалан сибиинньэлэр хоруудаларыгар таҥнары кутта. Дьаабылыка ытырыылаах, виноград уойуулаах сибиинньэлэри көрөр көрүдьүөһүттэн күлсэн ыллыбыт. Салгыы Даба айан суол кытыытыгар турар кафетыгар тиийэн чэйдээтибит.
«Бу кафены туппутум уонча сыл буолла. Дьон хото сылдьар. Бородууктабыт үксэ бэйэбит киэнэ. Ити билигин сылдьыбыт хаһаайыстыбабытыттан эттэнэн, сымыыттанан олоробут. Инньэ гынан аспыт өрүү сибиэһэй. Бу кафены тэҥэ Чита куоракка ресторан тутан олоробут. Онно эмиэ бэйэбит бородууксуйабыт киирэ турар. Бу кафе аттыгар «Кука» диэн, уруккута Сойуус таһымнаах, билиҥҥитэ үс сулустаах санаторий үлэлиир. Кинилэри кытта өрүү үлэлэһэбит. Санаторий уратыта, кини сир анныттан тахсар минеральнай уу буолар. Бу уу куртах, сүһүөх ыарыытын бохсор ураты састааптаах. Инньэ гынан дьон тиһигин быспакка сылдьар», – Даба бууза диэн ас кытыытын быһа ыстаан ылан баран, иһигэр баар миинин сыпсырыйа олорон сэһэргиир. «Харчы ханна, туохха баҕарар баар. Сүрүнэ дьаныһан туран үлэлиэххэ эрэ наада» диэн тус санаатын үллэстэр.
Читинскай оройуон
Биһиги хой ииттэр дьону кытары көрсөр, кэпсэтэр баҕалаахпытын туһунан Дабаҕа иһитиннэрбиппит. Чугаһынан оннук дьон аҕыйах, баар да буоллахтарына соло, бириэмэ суоҕунан аккаастаан истилэр. Ол ахсын биһиги ыксыы, ыгылыйа быһыытыйабыт. Кэлбит сорукпут туолумаары гыммытыттан. Ол эрэн «көрдүүр көмүһү булар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Читаттан 100 биэрэстэлээх сиргэ 1000 хойу тутан турар хаһаайыстыба баара билиннэ. Даба төлөпүөнүнэн ол дьону кытта кэпсэтэн баран, «Дьоммут көрдөрөргө сөбүлэстилэр» диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ. Тута онно айанныыр буоллубут. «Бу ураты бырайыак Арассыыйа буддистарын көҕүлээһининэн үөскээбитэ. Бүрээт омугун төрүт дьарыга сүппэтин инниттэн Хамбо лама саҥа тэринэр хаһаайыстыбаҕа 300 хойу буор босхо биэрэр. Манна биир сүрүнэ хойдору ииттэр дьон биэс сылынан ылбыт 300 төбөлөрүн салгыы атын хаһаайыстыбаҕа биэриэхтээхтэр» диэн айаннаан иһэн киһибит кэпсиир.
Булгунньах үрдүгэр ыраахтан хас да дьиэ, күрүө-хаһаа көһүннэ. Бостуук үөр сүөһүнү үүрэн атын үрдүттэн олорон һайдыыра иһиллэр. Дьип-дьап тутуулаах дьиэттэн хаһаайыстыба управляющайа Олег диэн киһи биһигини көрүстэ. Син ону-маны кэпсэтэ, билсэ түһэн баран хойдор турар сирдэрин тиийэн көрдүбүт. Кэҥэс соҕус хаһааҕа 1 тыһыынча хой турарын бастакыбытын көрөр дьон сөҕүүбүт баһаам. «Сарсыарда хаһааттан мэччитэ таһаарабыт. Бостуук күнү супту батыһа сылдьан маныыр. Киэһэ төптөрү киллэрэн баран уотурба, эбии аһылык биэрэбит. Улахан бырыынчыга суох кыыллар диэххэ сөп. Хойдору таһынан 150-ча ынах сүөһү уонна 30-ча сибиинньэ тутабыт. Кыһыҥҥы кэмҥэ биир күҥҥэ үс 300 кг рулоннаах оту сиэтэбит. Оттуур сир баар. Атырдьах уонна балаҕан ыйыгар оттуубут. Ходуһабыт оол көстөр», – диэн Олег тэйиччи соҕус сытар бааһынаны көрдөрөр.
Отторун үксүн бэйэлэрэ ыһаллар эбит. Маннааҕы от, истиэп буолан, кылгас гына үүнэрин бэлиэтииллэр. «Саха сиригэр хойдору иитэр хайдах буолуой?» диэн ыйытыыбытыгар киһибит тута баһын быһа илгистэр. «Мин сэбиэскэй кэм саҕана икки сыл Саха сиригэр тутууга үлэлээбитим. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар. Эһиэхэ хойдору иитэр кыаллыбат, биитэр олус уустук буолуо. Бастатан туран, хааргыт халыҥа бэрт. Хойдор өрүү мэччийэ сылдьар кыыллар. Иккиһинэн, тымныыгыт сүр буоллаҕа. Аны хотон иһигэр уһуннук туттахха, сииккэ тириилэрэ бааһырар». Олег, чахчы, Саха сирин тымныытын этинэн-хаанынан билбит киһи буолан, лоп-бааччы эппиэттиир. «Бу хаһаайыстыбаны саҕалыырбытыгар Хамбо лама 300 хойу биэрбитэ. Билигин онтукпут 1 тыһыынча ахсааннанна. Бу хойдортон саҥа саҕалааччыга 300 биэриэхтээхпит. Бу олус туһалаах уонна кэскиллээх көмө диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Билиҥҥитэ икки дьиэнэн уонча үлэһит олоробут. Улахан дьиэҕэ икки ыал дьон олорбут. Бары бииргэ аһыыбыт. Усулуобуйа табыгастаах» диэн сэһэргэһээччибит кэпсиир. Биһиги санаабытын сиппит, хойдору көрбүт дьон салгыы айаннаатыбыт.
Чернышевскай оройуон
Билиҥҥи сайдыы кэмигэр эдэр дьон, ыал тыа хаһаайыстыбатыгар сысталлара, олохторун аныыллара сэдэх көстүү диэтэххэ бука сыыспатым буолуо. Итини үксүн сэбиэскэй кэм ыһыллыытын саҕанааҕы олох-дьаһах уустуга тиэртэ диэн араас кэпсэтиилэргэ этээччилэр. Манна, Забайкальскай кыраайга да оннук өй-санаа барбыт эбит. Сергейбыт «Биһигини оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, үчүгэйдик үөрэммэтэххитинэ чабанныы барыаххыт диэн куттуур буолаллара. Оччолорго баҕар итинник санаа барбатаҕа буоллар, билигин ыччат дьон тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх буолуо эбитэ дуу?» диэн мунаахсыйа бэлиэтээбитэ. Ол да буоллар «көрдөөбүт көмүһү булар» дииллэр. Биһиги эмиэ эдэр ыал хаһаайыстыба тутан олорорун кытта билистибит.
Ольга, Денис Гашковтар Чернышевскай оройуон кииниттэн 30-ча биэрэстэлээх сиргэ дьиэ-уот, хотон туттан олороллор эбит. Тиийбит кэммитигэр ыал ийэтэ Ольга эрэ баар буолан биэрдэ. «Сааһым 25-им, кэргэним Денис 30-та. Үс оҕолоохпут. Улахаммыт начаалынай кылааска үөрэнэр. Билиҥҥитэ 15 хой, 30 ынах сүөһү тутан олоробут. Былырыын сир арендалаһан, оройуон кииниттэн саҥа көһөн киирбиппит. Бэйэм да, кэргэним да киин сиргэ улааппыт дьоммут. Ол да буоллар маннык олорорго быһаарыммыппыт. Сүрүнэ бэйэ аһа, үүтэ уонна онтон сибиэһэй салгын буоллаҕа. Оҕоҕо онтон ордук үчүгэй, туһалаах туох кэлиэй? Кэргэним оҕолорун үөрэх кэмигэр күн аайы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа илдьэтэлиир. Массыынаҕа чугас. Таарыйа бородуукталаан кэлэр» ыал ийэтэ хото кэпсэтэр. «Инникитин 700 төбөҕө диэри элбэтэр баҕалаахпыт. Арай биир уустукпут, мэччирэҥ, ходуһа сирдэри билиҥҥитэ арендаҕа эрэ биэрэллэр. Бу үп өттүнэн ороскуоттаах соҕус. Ол да буоллар санаабыт бөҕөх. Быйыл скважина хастарыахтаахпыт. Оччоҕо уубут үрдүттэн буолуо этэ. Техникаттан биир толору сэбилэниилээх тыраахтардаахпыт. Онтубутунан оттуубут-мастыыбыт. Хойдору, ынахтары тэҥэ түргэнник ситэр көтөрдөрү иитэбит. Инньэ гынан сымыыт, эт, үүт барыта бэйэбититтэн» , –диэн сэһэргиир.
Үрүмэ, саламаат…
Санаабытын ситэн дойдулаары тэристэр сүпсүлгэнэ буолла. Арай Сергейбит «Ийэлээх аҕабар күүлэйдээн ааһыаххайыҥ. Эһигини ыҥырбыттара. Биһиги диэки ыалдьыты ыҥырыы ытыктабыл бэлиэтэ» диэбитин быһа гыммакка, саҥа доҕорбут дьонугар күүлэйдии бардыбыт. Урукку коммуналка тутуулаах дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыраҕа киирдибит. Уолларын өр көрсүбэтэх төрөппүттэр үөрүүлэрэ баһаам. Цыцык, Баир Чимитовтар биэнсийэҕэ тахсыахтарыгар диэри Ононскай оройуоҥҥа тыа дьонун тэҥэ үлэлээн-хамсаан олорбуттар. Кэлин ыччат дьон тыаттан баран, чуҥкуйан үөс сиргэ кэлбиттэр эбит. «Сааһырбыт дьоҥҥо аҥаардас уута-хаара үрдүттэн буолара абырал. Эһиги кэлэн остуолга олорун», – диэн аҕа баһылык Баир ыҥырда. Мааны остуолга туох суох этэй диэххэ дылы. «Бу үрүмэ диэн ас. Кыынньыбыт үүт үрдэ. Сир аһын кытта булкуйабыт. Онтон бу саламаат диэн. Бурдуктан оҥоһуллубут хааһы. Маннык хааһыны улахан бырааһынньыктарга, дьоро күннэргэ буһарабыт» ыал ийэтэ Цыцык сэһэргиир. Биһиги чугас ыалбытыгар ыалдьыттыы олорор курдук сананныбыт. Остуолга кырбаһынан эт, үрүмэ, саламаат… «Көр, бу түөрт күн устата атын эрэгийиэҥҥэ сырыттыбыт даҕаны, санаабар олох бэйэм аймахтарбар сылдьар курдукпун. Туора сиргэ сылдьабын диэн санаа да киирбэтэ», – диэн Михаил Павлов эппитин бары астына, ылына иһиттибит.
Ити курдук, Забайкальскай кыраай биэс оройуонугар сылдьаммыт бу сиргэ олорор дьон олохторун, дьарыктарын билистибит. Биир сырыыга төһө да барытын хаба охсубатарбыт, ордук тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр туох-хайдах олороллорун удумаҕалаттыбыт. Биири энчирээбэттик биллибит: «Ис сүрэҕиттэн үлэлиир киһи ханна баҕарар дьоһуннук олорор эбит» диэни.
Василий Тимофеев, М.Е.Тимофеев аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл