«Ырыаларым ымыыларым» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэһэ

Бэрдьигэстээххэ Сэмэн уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинигэр СӨ култууратын норуодунай артыыһа, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, тапталлаах киэн туттар ырыаһыппыт Раиса Захарова 70 сылыгар анаммыт V-с төгүлүн “Ырыаларым ымыыларым” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэһэ тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Кини ырыаһыт быһыытынан эрэ буолбакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө майгытынан, чугас дьонугар сылаас-истиҥ сыһыанынан, тулуурдаах, дьүккүөрдээх үлэтин үтүө түмүктэринэн өйдөнөн хаалбыт буолуохтаах.

Кини ылбаҕай нарын ырыаларын сөбүлээбэт киһи суоҕа буолуо. Чахчыта даҕаны Раиса куолаһа сааскы сүүрүк курдук ыраас, сыккыс уутунуу дьэҥкир, күөрэгэй чыычаахтыы лыҥкыначчы дьиэрэйэр киэҥ-холку уонна олус уратытык кэрэтик иһиллэр, киниэхэ эрэ баар кэрэ куоластаах этэ. Сахалыы ырыа уратытын табан, нарын кылыһаҕы холбоон ураты тыыннаан, көрөөччү сүрэҕэр ырыа алыбын иҥэрэр ырыаһыт этэ.

12 улуустан, Дьокуускайтан барыта 60 киһи кытынна. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската, Суорун Омоллоон аатынан опера балет театрын солистката, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Анна Дьячковская, Саха телевидениятын ыытааччыта, СӨ култууратын туйгуна Георгий Белоусов, СӨ норуодунай артыыһа Александр Бурнашов уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтоохторо Тамара Кесарева, Данил Санников дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.

Күрэх икки бөлөҕүнэн ыытылынна. Дьүллүүр сүбэ үлэтин түмүгэр күрэх кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

Бастакы бөлөххө 18-35 саастарыгар диэри кыттыылаахтарга:

I ст. лауреат – Ким Осипов (Нам)

II ст. лауреат – Иоганн Матвеев (Бүлүү)

III ст. лауреат – Рустам Слепцов  (Дьокуускай)

I ст. дипломант – Евдокия Фомина  (Уус Алдан)

 II ст. дипломант – Артем Тюкянов  (Нам)

 III ст. дипломант – Линда Захарова  (Мэҥэ Хаҥалас)

 

Иккис бөлөххө 35-тэн үөһээ саастаах кыттааччыларга:

I ст. лауреат – Иван Аммосов  (Сунтаар)

II ст. лауреат – Вера Фадеева  (Мэҥэ Хаҥалас)

III ст. лауреат – Надежда Румянцева  (Горнай)

I ст. дипломант – Николай Макаров  (Хаҥалас)

II ст. дипломант – Надежда Захарова  (Мэҥэ Хаҥалас)

III ст. дипломант – Иван Иванов  (Дьокуускай)

 Анал ааттар ананнылар:

«Көрөөччү биһирэбилэ» – Михаил Санников (Дьокуускай)

«Дьиэ кэргэн истиҥ махтала» – Айталина Макарова (Кэбээйи)

«Кэрэ куолас» – Арианна Соловьева (Дьокуускай)

«Бастыҥ эр киһи куолаһа» – Владимир Дакаяров (Дьокуускай)

«Раиса аатын үйэтитээччи» – Елена Сивцева (Чурапчы)

«Ырыаҕа таптал» – Екатерина Егорова (Ньурба)

«Кэскиллээх ырыаһыт» — Анастасия Черноградская (Дьокуускай)

«Эдэр кэскиллээх баянист» – Дьулустан Васильев

«Бастыҥ доҕуһуолдьут» – Георгий Попов

«Чуор куолас» – Вероника Быганова (Хаҥалас)

«Эйээркэй куолас» – Анна Торохова (Хаҥалас)

Күрэс КЫАЙЫЫЛААҔЫН үрдүк аатын Владимир Жирков Таатта улууһуттан ылла уонна 100 тыһ. солк. уу харчынан бириэмийэлэннэ.

Күрэс биир тыынынан ыытыллан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла дии саныыбыт. Тэрийээччилэргэ Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтатыгар, Солоҕоннооҕу Сынньалаҥ Киинин, библиотекатын үлэһиттэригэр, күрэх тэрээһинигэр, үбүлэниитигэр күүс-көмө буолбут тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр, биир дойдулаахтарыгар барҕа махтал буолуохтун.

Аныгыс үбүлүөйдээх күрэс Раиса Захарова Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа, онно өссө үчүгэй бэлэмнээх ырыаһыттар тоҕуоруһа түмсүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Кэм кэрдии аастар ааһан истэҕин аайы Раиса Захарова ырыатыгар сүгүрүйээччи элбээн иһэр. Кини толорбут ырыалара норуот өйүгэр-санаатыгар бигэтик хааллахтара, кини бигэнэн улааппыт көлүөнэ төрөөбүт дойдутугар таптала, итэҕэлэ, тирэҕэ тиит мастыы күүстээх, силистээх буолуоҕа.

Раиса Захарова ырыалара киэҥ куйаарынан эҥсиллэн үйэттэн үйэлэр тухары ыллана, дьиэрэйэ туруохтара, сахабыт ырыатын чыпчаалтан чыпчаалга дабата туруохтара.

Виктор Семенов, Солоҕон дьаһалтатын хаартыскалара

Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета