Орто Дойду зоопаркатын адьырҕа кыыллар отделларын сэбиэдиссэйэ Оксана Кузьмина:
-Колымана үһүс төгүлүн былырыын ахсынньы 4 күнүгэр икки игирэлэммитэ. Кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэллэр. Ийэлэрэ тугу аһыырын барытын амсайаллар, эмиий эмэллэр.Туруктара этэҥҥэ. Колымана бу кэмнэргэ оҕолорун таһырдьа таһаартаата.
Эһэчээннэр тыһылара, атыырдара быһаарылынна. Орто Дойду зоопарката кырачааттарга аат биэриигэ эмиэ куоҥкурус биллэрдэ. mishki.malyshki@mail.ru электроннай почтаҕа аатын ыйан туран ыытыаххытын сөп( тиэмэтигэр холобур Лоокуут-Ньургуһун).Куоҥкурус түмүгэ муус устар 13 күнүгэр ВДНХ «Роснефти» павильоҥҥа биллиэҕэ.Биллэн туран, сахалыы ааттаналларыгар баҕа санаалаахпыт.
2012 с. Колымананы Орто Халыматтан «Медвежьи острова» диэн сиртэн тулаайах хаалбыт, үс ыйдаах оҕону Москваттан көҥүл ылан аҕалбыттара. Ол күнтэн ыла, түүннэри-күнүстэри эмтээн, аһын рационун талан, көрөбүт-истэбит.Колымана биир сааһын туоларыгар Ленинград зоопаркатыттан биир саастаах атыыр Ломоносов диэн ааттаах эһэ оҕотун аҕалбыттара. Тэҥҥэ улаатан үчүгэй паара буоллулар.
Колымана 2016 с. бастакы оҕотун төрөппүтэ, куоҥкурус түмүгүнэн Хаарчаана диэн ааттаммыта. Билигин Ленинградскай зоопаркаҕа баар. Иккис оҕотун 2019 с. төрөппүтэ, атыыр Алмаз диэн сүрэхтэммитэ. Билигин Хабаровскайга баар. Онтон бу игирэлэрэ саха сиригэр бааллар.
Нина Сутакова