Кэнники күннэргэ улууспутугар бэрт элбэх хаар түһэн, тыалыран суолу типтэ. Маҥаны нэһилиэгин сайдыытыгар бэрт тахсыылаахтык үлэлээбит, сахалыы көрүүлээх-истиилээх, хомойуох иһин билигин биһиги кэккэбитигэр суох Дмитрий Максимов салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, мындыр өйүнэн, толкуйунан биир дойдулаахтарын ортотугар улахан убаастабылы ылара.
Кини бэйэтин кэмигэр тыраахтарга холбонор дьоҕус грейдер таҥан оҥорон, нэһилиэк суолун-ииһин ыраастаан абырыыра. Дмитрий Дмитриевич хаалларбыт тиэхиньикэтэ күн бүгүҥҥэ кыра массыына, сатыы дьон сылдьарыгар туһалыы турара үөрдэр.
Ытык киһи дьон туһугар кыһамньылаах үлэтин, олохтоохтор махтана ахталлар. Бу күннэргэ балачча түспүт хаары тырахтарыыс Петр Степанов кылгас кэм иһигэр ыраастаан бүтэрдэ.
Вячеслав Алексеев