Улууспут сайдарын, киэркэйэрин туһугар сыл ахсын былааннаах үлэ ыытыллан иһэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Биир баараҕай бырайыак быһыытынан, Бэрдьигэстээххэ Кыайыы Болуоссатын саҥардан, тупсаран оҥоруу үлэтэ саҕаланан эрэр.
– Саҥа объекка улахан тутуу барыаҕа. Урукку сирэ үрдэтиллэн, уу иҥнибэккэ барар хоруулара оҥоһуллуохтара. Элбэх кумах, щебенка кутуллуоҕа. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут дьоммут, ытык бэтэрээннэр ааттара анал тааска суруллан, светодиоднай уотунан сырдатыллыаҕа. Болуоссат иһигэр фонарьдаах остуолбалар туруохтара. Ону таһынан, Саха сиригэр суох уоттаах-күөстээх билииккэлэр, сибэкки дьөрбөтүн кулуумбалара баар буолуохтара. “Үйэлээх уот” умайан турарыгар гаас ситимин тардыытын боппуруоһа быһаарылынна. Үлэни бэдэрээтчит быһыытынан урбаанньыт Родион Ефремов толоруоҕа. Кини архитектор идэлээх. Саха сирин үгүс улуустарыгар улахан тутуулары ыыппыт, баай уопуттаах. Барыта этэҥҥэ бардаҕына үлэ Бэрдьигэстээх күнүн көрсө түмүктэниэхтээх, – диэн Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтатын тупсаран оҥоруу кылаабынай исписэлииһэ Егор Винокуров сырдатта.
Дьоллоох олох туһугар олохторун толук уурбут, кыа хааннарын тохпут киэн туттар дьоммут сырдык ааттарын үйэтитэр биһиги ытык иэспит. Кыайыы Болуоссата өрөспүүбүлүкэҕэ хатыламмат көстүүлээх буоларыгар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата Бүтүн Россиятааҕы тупсарыллыбыт эйгэни тэрийии куоҥкуруһугар кыайан, 50 мөл. солк. ылан, улууспут киинэ кэрэ көстүүлээх буоларын ситиһэргэ улахан үлэни ыыппытын бэлиэтиэх тустаахпыт.
Вячеслав Алексеев