Ытык кырдьаҕас ыччаттарыгар анаан тапталын, ыал буолуутун туһунан кэпсээнэ

Мария Еремеева олоҕун туһунан кэпсээнин сэргээн ааҕыҥ. Суруналыыс Василий Алексеев сурукка тиһэн, ааҕааччыларбытыгар тириэрдэр.Бүгүн биһиги Мария Еремеева тапталын, ыал буолуутун уонна кэс тылын таһаарабыт.

Мария Еремеева (1933-2023) уруккутунан Арҕаа Хаҥалас билиҥҥинэн Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин Игидэй аҕа ууһун Дьаакынаптарыттан төрүттээх. Кини 1933 с атырдьах ыйын 10 күнүгэр Октябрьскай нэһилиэгин Дьөгүөр Эбэтигэр төрөөбүтэ.

Тапталбыт, ыал буолуубут

Ким Прокопьевичтыын манна, кини култуура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сырыттаҕына билсибиппит. Биир  эмэ  кэнсиэр буоллаҕына, дуэттыыр эрэ этибит. Онтон бу Горнай оройуонун 1963 с. Хаҥаласка холбоотулар. Оройуоммут биир да улахан тэрилтэтэ суох эстэн хаалла. Хрущев күннээн-күөнэхтээн, уҥа-хаҥас, түҥ-таҥ салайан эрэр кэмэ. Ол холбоһуунан салайааччы буолан, Ким  Хаҥаласка барда. Биһиги манна хааллыбыт. (Клавдия Егоровналыын  күлсэллэр). Мин мясомолпромҥа бухгалтердыы сылдьабын. Миигин  Күөрэлээххэ, Атамайга үүт жирноһын бэрэбиэркэлии бар диэн сорудахтаатылар. Күөрэлээххэ сорудахпын толорон баран, Бэс Күөлүгэр  тиийэн үлэм кэнниттэн,  ыһыахха сылдьаары Көстөкүүн Яковлевтаахха түһэ сытабын. Кэргэнэ  күтүөтүм  балта.

Арай ыһыах көрө бардыбыт. Дьэ, доҕоор, этиҥнээх ардах түһэн барбат дуо?! Курулаччы. Төннөн таҕыстыбыт. Дьиэҕэ аһаары бэлэмнэнэн эрдэхпитинэ, ырыаһыт  Лиза  Александрова киирэн кэллэ. Кулууп дириэктэрэ. Кэргэнэ Сыллас уола баянист Дьөгүөр. Киирээт да, «Машаҕа телеграмма кэлбит” диэтэ. «Бай, ол туох телеграмматай?” диэн соһуйдум. Ону “Били култуура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Ким Прокопьевич Еремеев Покровскайтан эйиэхэ телеграммма ыыппыт” диэтэ. “Бай, миэхэ туохха наадыйдаҕай?” дии санаатым. Ааҕан көрбүтүм, бэс ыйын хас эрэ күнүгэр барабын, күүт диэбит. Миэхэ тоҕо итинник телеграмма ыытар баҕайытай диэн соһуйдум аҕай. Соччо итэҕэйбэтим курдук. “Ким эрэ дьээбэлиир дуу?” диэх курдук санаа эмиэ баара.

Мария Георгиевна эбэтэ Ньыыма атыыһыт кыыһа Степанида уҥаттан бастакы олорор, эһэтэ Семен Григорьевич Тимофеев уҥаттан иккис турар.

Лиза «Машаны мин ыалдьыттата илдьэбин” диэтэ. Дьонум сөбүлээбэтэллэр да барыстым. Онно тиийбитим, арай Николай Михайлович Уйгуров баар. Күлэр аҕай. “Маша ыал буолаары гыммыккын дуу?” диир, үөннээх баҕайытык көрөр . «Ээ, суох, күлүмэ” диэтим. Уйгуров билбит буоллаҕына, дьоҥҥо, уолаттарга ыһа-тоҕо кэпсиэ диэн олох сөбүлээбэтим. Чайдаан баран төттөрү кэллим.

Бэс  Күөлүгэр  хаайтаран ый аҥара онно сыттым. Авиапортара бөһүөлэктэн 7 биэрэстэ курдук. “Баҕар, бүгүн кэлээрэй?” дии-дии күн аайы бара турабын. Арыт эмиэ самыырдаан мэһэйдиир. Аны эһэ, бөрө баара буолуо диэн Ылдьаанабын илдьэ барабын. Ый аҥарынан дьэ кэллим. Икки киһи олорор сөмөлүөтэ көтөрө.

Өлөөнө ыһыах этиттэн бэрсибитэ. Кэһиилээбитэ. Бэрдьигэстээххэ кэлэн остолобуойга баран эрдэхпинэ, арай утары Ким иһэр. Соһуйдум аҕай. Кини туһунан толкуй олох да суох, тугу да гыныахпын билбэт курдук буолан ыллым. Бу иһэр, кыбыһынным аҕай. Тугу эрэ кэпсэттибит быһыылаах. «Чэ, дьиэҕэ киирэ тур, мин остолобуойга тахса сылдьыам” диэтим. Кыра ас ылан баран, кэллим, чэйдэттим. Киһим этээччи буолла: “Мин эйигин ыла кэллим, Покровскайга барыахпыт”. Син сэрэйдэҕим дии, туох соруктаах ыла кэлбитин… Мин турдум да кыайан  барсыбаппын, командировкаттан саҥа кэлбиппин, отчуоппун оҥоруохтаахпын, салалтабын көрсүөхтээхпин, абаансабай эҥин оҥорорбун быһаара сатаатым. Син өр кэпсэтэн, иннибин ылла курдук.

Тэрилтэм  кылаабынай  бухгалтера Дьячковская Наталья Иннокентьевнаҕа  тиийэммин отчуоппун биэрдим, сүрүн кэлбит сорукпун кэпсээтим. Еремеев диэн киһи кэлбит, Покровскайга илдьэр үһү диэтим. Кэргэн тахсабын эҥин диэбэппин. Наталья соһуйбата, мичээрдиир эрэ, баҕар кимтэн эрэ истэн олороро буолуо, Уйгуров кэлэн кэпсээтэҕэ дуу.

Дьиэбэр кэлбитим, Ким баар. Кыратык киэһэ чэйдээн, кэпсэтэн баран күүтэбин.   Киһим  ханна да, атын сиргэ баран хонор санаата суох курдук. Мин олох кырдьыгы кэпсиибин. Ити 30 сааспар диэри биир да уолу таптаабатах, кимниин да сылласпатах, уураспатах, куустуспатах да баҕайыбын. Ол гынан баран син эр дьон бэтиэхэлэрин, сорохтор дьээбэлэрин, ким эрэ дьахтарга хабыр сыһыанын истэр буоллаҕым.  Хайыахпытый, утуйуу буолла. Мин ороммор Ким Прокопьевич утуйда. Бэйэм  бу сундуугум үрдүгэр утуйдум. Дьиҥэр, биир хоско Романова Варвара Дмитриевна баара. Ол кэмҥэ сыбаайбалыы барбыт кэмэ этэ. Кини оронугар да утуйуох баар эбит. Бука, атын  киһи  таҥаһыгар  утуйар  табыллыбатын  иһин, онно тахсыбатаҕым дуу.

Түүн этэҥҥэ ааста, туох да буолбата. Мин сундуукка олох баппаппын,  сууллуом диэн аанньа утуйбатым даҕаны. Хайата баҕарар. Аны тыытаары гыныа диэн эмиэ испэр куттанабын. Хайдах көмүскэниэхтээхпин толкуйдуу-толкуйдуу нухарыйдаҕым.

Сарсыарда эрдэ соҕус туран, эдьиийим аахха Мамаева Иэлэлээххэ таарыйдыбыт. Ынахтарын ыан иһэллэр. Үөрэ-көтө көрүстүлэр. Эмиэ истибиттэр быһыылаах, соһуйбатылар, өмүрбэтилэр. Покровскайга баран эрэрбин  кэпсээтим. Тута  күөрчэхтии оҕустулар. Алаадьы сырдьыгынаттылар. Ийэлэрэ мичээрдии-мичээрдии “киһиҥ күөрчэхпитин албыннаан сиэбэт ини…” диир.

Ол этиитэ маннык остуоруйалаах. Бу иннинэ Мытаах уола Сэмэн миигин сөбүлүүр курдук туттара. Хаста да биэчэргэ үҥкүүлээбиппит. Иккитэ-үстэ дьиэбэр атаарда. Биирдэ ол эдьиийим аахха олорорбунан, киирсэ сырытта. Дьонум  күөрчэхтээбиттэр. Аһаатыбыт. Онтон  Маатта биэрэгэр баран хаамсан кэллибит. Сарсын таансыга кэлэн илдьэ барыах буолла. Мин күүтэн көрдүм. Кэлбэтэ. Онтон биир дьүөгэм таарыйбытыгар, үҥкүүгэ барыстым. Тиийбитим үҥкүү бөҕө. Сэмэн обургу кулуупка кэлбит саҥа кыыстыын үҥкүүлүү сылдьаллар. Соһуйбут курдук буоллум. Ханна эрэ атын сиргэ бардаҕа, ол иһин болдьоспут кэмигэр кэлбэтэ дии санаабытым. Ханна баарый? Онон бүттэхпит.

Эдьиийим  аах  ыйытан көрөллөр, ону атын кыыстаах эбит диибин. Ол иһин Ким истибэтигэр миигин дьээбэлээн ити «Күөрчэхпитин албыннаан сиэбэт ини?” диэтэхтэрэ…

Күөччэхтээх алаадьы сиэн баран, бардахпыт дии. Көттүбүт.  Куоракка  ийэм  балтыгар  түстүбүт. Чэйдээтибит. Эдьиийим кэтиир курдук көрөр-истэр. Ону-маны кэпсэтэбит, тыа сирин олоҕун туоһулаһар. Мин Кимниин сыһыаммыт туһунан тугу да кэпсээбэппин. Дьиҥэр, кэпсиирим да суох буоллаҕа.  Күүтэн көрөн баран, ыйытта:  “Бу Кимниин аргыстаһан иһэҕит дуу, доҕордууларгыт дуу?”  Аргыһым  тута “Ыал буолан иһэбит” дии оҕуста. Мин умса көрдүм, тугу да хардарбатым. Эдьиийим үөрэ түстэ. Тута «Маҕаһыыҥҥа барабын, маннык күндү ыалдьыттар кэлбиттэрин кыратык бэлиэтиэхпит” диэтэ. Бэйэтэ  Москубаҕа  олоро  сылдьыбыта. Онон мааны ыал. Аһы үчүгэйдик астыыр.  Кыһыл, коньяк ылбыт. Биирдии үрүүмкэ кыһылы кутта. Эҕэрдэлээтэ, сыллаан ылла. Дьолу баҕарда. Дьонум, төрүттэрим  эҥин туһунан кэпсиир, Кимтэн ыйыталаһар. Өр соҕус олоро түһэн баран, утуйуу буолла. Саҥата, ыйытыыта суох иккиэммитигэр туспа хоско, биир киһилээх ороҥҥо таҥас бэлэмнээбит.   Хайыахпыный, сыттаҕым дии. Киһибэр көхсүбүнэн буолабын. Өттүгүм да ыалдьара бэрт. Улахан кэпсэтиини эҥин таһаара сатаабаппын. Ол түүн туох да атын, киһи куттанара буолбата, этэҥҥэ ааста.

Нөҥүө  күнүгэр  Покровскайтан массыына кэлэн ылла. Онно Бардаҥха Аана бииргэ төрөөбүт эдьиийэ   Бороскуобуйа  Наумоваҕа тиийдибит. Кэргэнэ Төбө Бүөтүр диэн киһи. Ким Прокопьевичтаах  ол ыалга дьукаахтаһан олороллор эбит. Кыра хоско. Кэргэн гынаары аҕалбыт кыыһын хоонньугар утутар буоллаҕа.  Онно эмиэ биир киһилээх ороҥҥо утуйабыт. Уҥуор-маҥаар хоско дьон элбэх. Муннуларын тыаһа, эргичиҥнииллэрэ, сибигинэһэллэрэ  кытта иһиллэр курдук. Мин  куттанан  тыыммаппын даҕаны. Онно нэдиэлэ курдук син биир киһибэр ойоҕоспунан буолан, хонон турдаҕым дии. Хас киэһэ буоллаҕын ахсын, кутталым  улаатан  иһэр  курдуга. Аны бу түүн, туох эрэ, хаһан  да  мин олохпор  буолбатаҕы  оҥоруоҕа диэн олус куттанабын. Ити  курдук  эрэйдээх, эмиэ  да  кутталлаах, кыбыстыылаах сэттэ күн этэҥҥэ ааспыта.

Онтон дьэ, ЫБСЛКС райкомун сэкирэтээрэ Степан Тарасович Семенов Бэрдьигэстээххэ  командировкаланар  буолбутугар, манна  кэлсэн  хааллым.

Тэрилтэбэр сылдьан, дьоммор кэпсээн, хомунан-имэнэн баран дьэ букатыннаахтык Покровскайга бардаҕым дии. Таҥаспын-саппын, ороммун эҥин илдьэ. Ыал буола. Тиийбитим кэннэ, туох эрэ сибикитин билбиттэрэ дуу, Ким бэйэтэ тылламмыта дуу билбэтим. Биһигини Бороскуобуйалаах дьиэттэн ампаардарыгар  көһөрдүлэр.  Сайын нуһараҥ баҕайы, олус чуумпу. Тугу эрэ күүтэр-кэтэһэр курдук түүннэр. Дьэ, онно 30 сааспар биирдэ, туох барыта чуолкайдык быһаарыллыбытын кэннэ, эр киһини бастакы билиим, дьиҥнээхтик хоонньоһуум буолбута. Онтон ыла ыал буолан, дьоллоохтук олордохпут дии.

Баҕар Эһиги итэҕэйиэххит суоҕа, дьэ, бастакы билсиһиибит, ити хоонньоһуубут да кэмигэр да “Таптыыбын”, “Мин Эйигин эрэ таптыыбын” диэн тыллары хайабыт да туттубатахпыт. Тоҕо эрэ оннук этэ. Мин уолаттартан наһаа кыбыстарым. Кинилэргэ олох чугаһыы, бэйэбинэн билсиһэ эҥин  сатааччым суох.  Ол теманы аһаҕастык да кэпсэтэри сөбүлээбэтэтим. Ким да эмиэ бэйэм курдук быһыылааҕа. Ол гынан баран бэйэ-бэйэбитин олус наһаа истиҥник санаһабыт. Ханна эрэ бардахпытына ахтыһабыт. Өр буолан кэллэххэ син куустуһабыт, уураһабыт.

Бэйэ-бэйэбитигэр хантан эмэ кэллэхпитинэ кэһиилэнэбит. Кэргэним дьахтар курдук, миэхэ анаан таҥас ыларыгар олус вкустааҕа. Былааччыйа, көстүүм, атах таҥаһа да буоллун, барыта оруобуна буолара. Дьүһүнүн кытта сөбүлүүрүм. Мин да киниэхэ анаан элбэҕи ыларым, таҥыннарарым.

Итини  мин  тоҕо  кэпсээтим? Биһиги көлүөнэ ыччат, эр киһи уонна дьахтар сыһыаныгар олус харыстабыллаах буоларбыт. Оччотооҕу эр киһи кэргэн ылыахтаах дьахтарын туохтааҕар да күндүтүк саныыра, харыстыыра. Кыыс чиэһин кэргэн тахсыар диэри, кимиэхэ да чэпчэкитик биэриэ суохтааҕын, кытаанахтык өйдүүрэ. Ити оччотооҕу саха дьонун сиэрин-майгытын сүрүн ирдэбилэ этэ. Оннук да буолан, биһиги саҕана ыал буолбуттар, хаһан да арахсыбаттар, дьоллоохтук, иллээхтик-эйэлээхтик уһуннук бииргэ олороллор этэ.

Кэс тылым

Оҕолорбор мэлдьи этэбин. Биһигиттэн төрдүөйэххит эрэ, онон өрүү эйэлээхтик билсэ-көрсө олоруҥ. Көмөлөсүһэн, өйөһөн. Кимиэхэ ыарахан буолбукка түмсэ охсон тиийэн кэпсэтиҥ, наада буоларынан көмөлөһүҥ.  Оҕолор эмиэ бары оннук буолуохтаахтар, кими эрэ өйөөн, кимиэхэ эрэ көмөлөһөн.  Ыччаттар  бары үчүгэй олохтоох, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар дьон буолуҥ.  Үлэҕэ-хамнаска чиэһинэй, үрдүк таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик  үлэлиир буоллаххытына, уйгулаах олохтонуоххут, хаһан да өлөн-охтон биэриэххит суоҕа. Кырдьаҕастарга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ.

Мин  төгүрүк  тулаайах үөскээн, олоҕу улаханнык сыаналыыбын. Ону бары  күндүтүк саныыргытыгар баҕарабын. Олох эдэр эрдэххититтэн чиэскитин харыстааҥ, туох да куһаҕаны оҥорумаҥ диибин. Өссө төгүл этэбин, үчүгэй үлэһит буолуҥ, үлэһит эрэ киһи ханнык да кэмҥэ үүнэр-сайдар. Төрөөбүт дойдугутун, Сахаҕыт сирин, Горнайгытын таптааҥ. Патриот буолуохтааххыт.

Бу биһиги кэммитигэр  буола турар сэрии бүтэригэр баҕарабын, эйэлээх олох туругурдун. Хайдахтаах курдук оҕо сылдьан сэрии кэмигэр эрэйи көрбүппүтүн  саныырга  да  ыарахан. Өлүү-сүтүү, аччыктааһын  саха норуотун кэскилин хас да сыллар тухары сарбыйбыта.

Мария Георгиевна Еремееваны кытта

 Василий Ильич Алексеев сэһэргэһэн сурукка тистэ.

2023 с. кулун тутар ый, Бэрдьигэстээх сэл.