Үүтээммитин тайах «атаакалааһына»

Чыра үрэҕин биир кэрэ көстүүлээх сиригэр Хапчааҥҥа, булчуттар үүтээннэрэ турар. Үүтээн турар сирэ табыгастааҕынан туһанан, сайын отчуттар эмиэ үүтээни сайылыыр сир оҥостоллор. Күһүн аайы араас булчуттар сытан, бултаан туһаналлар эбит. Биһиги эмиэ, 80-с сыллар саҥаларыгар, Мөөһөлүс Сэмэн хамаандата буолан, бултаан ааспыт кэмнэрдээх этибит. Быраастар: быраата Ылдьаа, күтүөтэ Дьөгүөр Филиппов, Балантыын, мин, быраата Городской- Баһылай Уйбаанабыс буолан, икки ыттаах, үс атынан тайахтаан турабыт.

Күһүҥҥү кэм барахсан,  эмиэ биир  туһунан киһи сатаан хоһуйбат, кэрэ көстүүлээх күннэрэ турбуттара. Үөн-көйүүр хаптайан, тыала суох куйаас баҕайы. Кус үөрэ, соҕуруу дойдуларыгар уойан-тотон көппүттэрэ, чыычаах аймах аҕыйаан, айылҕа чуумпуран эрэрэ. Балантыынныын куораттан, «Волга» массыынанан айаннаан, киэһэлик Хапчааҥҥа кэллибит. Быраастар бэҕэһээ кэлбиттэр, биһигини күүтэн олороллор эбит. Уруй-айхал, үөрүү-көтүү, көрсүһүү сиэрэ-туома кэһиллибэтэ. Ас-үөл буһан бэлэм турар эбит, биһигини, тыаспытын истэн аһаабакка олороллор. Саамай үөрбүт киһибит, Сэмэн Уйбаанабыс, үүтээн күүлэтигэр, атах сыгынньах тахсан көрүстэ:

– Оо, уолаттарым барахсаттар, дьэ кэллигит дуу? Төһө бэркэ айаннаатыгыт, суол хайдаҕый? – Сэмэн илиибитин ыга тута-тута ыйытар. – Бу уолаттар бэҕэһээ кэлтэрэ. Чэ, киириҥ. Кэһиитэ амсайыаҕыҥ, күөс бэлэм. – Көрсүһүү малааһына, куорат кэһиитэ, түүн хойуккааҥҥа диэри аһааһын буолла. Сарсыарда, Городской Баһылайбыт туран чэй өрөн, атын тутан аҕалан үлэ-хамнас бөҕө.

– Чэ, туруҥ, чаас ыраатта. Бултуу барыахха сөп буолла, уһуктуҥ, – Баһылай, таһырдьаттан биэдэрэлээх оргуйбут уутун киллэрэн, остуол үрдүгэр уурда. – Нохоо, Балантыын, чэ тур.

Биһиги саҥа уһуктан, тыыллаҥнааһын бөҕө, арай Сэмэн ыксаабат:

– Ээ, нохоолор, мин бүгүн барар кыаҕым суох, эһиги бэйэҕит барар буоллаххытына барыҥ, – Сэмэн, бэрт мөлтөх көрүҥнээх, нэһиилэ саҥарар. Биһиги оччолорго эдэр бөҕөбүт, саамай хаамар-сиимэр кэммитигэр сылдьар буолан, ойон турдубут. Суунан-тараанан, чэйдии олорон, ким ханан барарын быһаардылар. Быраастар, тыһы ыты Макааканы ылан, үрэҕи бата Кыталыктаах диэки барыах буоллулар, Баһылай бэйэтин ытынаан, Сытыганынан эргийэн кэлиэхтээх. Биһигини, куорат дьонун, сынньаттылар, үүтээҥҥэ хаалан, мас бэлэмниибит, киэһээҥи күөс буһарар буоллубут. Аһаан-сиэн, дьоммут хомунан бултуу бардылар. Быраастар ата суох сатыы хаамаллар.

Биһиги хаалан, күнү быһа аһаан, кэһии сиэн дьонум сөп буоллулар. Тимэхтэрэ дьэ сөлүннэ, кэпсээннэрэ олох ыраатта… Арай күнүс, мин үүтээн иһиттэн, түннүгүнэн таһырдьаны көрө-көрө, чэй иһэ олордум. Көрбүтүм арай, биир бороҥ сылгы, тыраахтар суолун устун биһиги диэки, умса туттан баран, сүүрэн иһэр. Кэнниттэн ыт батыһыннарыылаах. Мин испэр: «Туох дьикти ата иһэрий, соҕотох буола-буола…» – диэн саныы-саныы чэйбин испитэ буола олордум. Сэмэн Уйбаанабыс, Балантыынныын куустуһан олорон, тугу эрэ кэпсэтэллэр, саҥата улахана сүрдээх. Таһырдьа күн бөҕө тыган турар, быстах, сайыҥҥы халҕаһа былыттар мөлбөһө усталлар. Атым чугаһаан, суол устун, кэллэ:

– Һэ, ат иһэр. Соҕотох. Өссө ыт батыһан иһэр, – мин дьоммор кэпсиибин.

– Ээ-э, ат диигин дуо? Мин атым ол хайдах манна кэлиэй, – Сэмэн Уйбаанабыс мунаарар. – Ээ, Балантыын, чэ кут эрэ. Өссө баар дуо? Бүгүн мин «аһыыр» күнүм. Сарсын бултуу барыахпыт.Дьонум олох да бүтэр санаалара суох. Мин саҥата суох аты көрөн олордум. Атым суол биир колеятыттан атын өттүгэр көстө. Арай ойоҕолообутугар көрбүтүм, тайах бөгдьөҕөр көхсө көһүннэ.

– Һок, тайах иһэр. Тайах эбит,– мин ойон турабын, – Саа, саам ханнаный?

– Ээ-э, тайах даа… – Сэмэн дьэ өйдөнөр – Нохоо, ол туох тайаҕа манна кэлиэҕэй? Ат буолуо.

Балантыын туран түннүгүнэн көрөр, тайаҕын билэн:

– Оо, Сэмээн, тайах, тайах… Саабыт.

Тыый, ойон туран, саа көрдөөһүнэ буоллубут, биһиги сааларбыт барахсаттар, хайдах бэҕэһээ айаннаан кэлбиттэрэй да оннук, массыына иһигэр сыталлар эбит. Сэмэн саата, оронун баһыгар, хаатыттан тахсыбакка да сытар… Оо эрэй… Балантыынныын таһырдьа ойон таҕыстыбыт, тайахпыт соһуйан, туора суолунан Сытыган толоонун диэки, бөгдьөрүйэ турда. Ыта кэнниттэн үрэ-үрэ, эккирэтэ турда. Үүтээни ааһыыта кыратык тохтуу түһэн, биһиги диэки кэлэйбиттии көрөн баран, эмиэ тайаҕын сырса турда. Барахсан туох диэн санаабытын сэрэйэҕин, тыллааҕа буоллар төһөлөөх мөҕүө эбитэй?! Биһиги массыынаҕа ойон тиийэн, сааларбыт үрдүгэр түстүбүт. Саатар, бэҕэһээ булка сыһыаннаах малларбытын киллэрбэтэхпит, аспытын эрэ соһуспуппут, сааларбыт олох түгэххэ сыталлар эбит. Сааларбытын ойутан таһааран, хаһан хааларыттан хостоон, хомуйан, сүнньүөх угуохпутугар диэри, тайах кэтэһэн туруо дуо, Сытыган диэки суол устун киирэн тамайа турда. Мин омуммар, сүүсчэкэ миэтэрэ эккирэтэн көрдүм да, олох куоттаран кэбистим. Тыҥа күүгэнэ баранна, тыын эһиннэ. Аҕылаан, сылайан төннөн кэллим.

– Хайа?

– Ээ, куотан хаалла. Сытыган толоонунан, суол устун сүүрэ турдулар.

– Оо…сиппэтиҥ дуо? – дьонум миигин хомуруйуох курдуктар.

– Ити ким ыта буолуой? Туох буолбут тайаҕа кэлэн барда?, – мин уоскуйа сатыыбын, – Биһиги ыппытыгар майгынныыр быһыылаах, иһэ улахан баҕайы, эн көрдүҥ дуо?

– Ээ, суох, өйдөөн көрбөтүм. Ыраатан хаалбыттара дии, – Балантыынныын үүтээҥҥэ киирэбит. Сэмэммит туран олорбут:

– Хайа, тайах эбит дуо? – саатын хостоон иһэн, тобугар тутан олорор.

– Ээ, тайах. Мандааһай сүүрэн барда…Туох буолбут тайаҕа суол устун сылдьарый? – мин омуннура-омуннура кэпсиибин.

– Дьэ, дьиибэ…

Киэһэ, хойут булчуттарбыт төннөллөр. Баһылай тугу да көрбөтөх. Ыта олох барбат үһү, батыһа эрэ сылдьар.

– Ээ, туох да туһата суох ыт. Ыт үһү дуо, таах, айах эрэ адаҕата… – убайа Сэмэн чаҥкыныыр – Ыл, нохоо, тахсан ытан кэбис.

– Ээ, кэбис доҕоор, киһи ытын дуо? Баҕар туохха эрэ барыа дии. Сарсын Макаакалыын барыаҕа.

– Ээ, барбат, барбат. Мин билэр буоллаҕым дии,– Сэмэн бэриммэт. – Олох мөлтөх ыт, доҕоор. Киһини эрэ сиэри гынар.

Ол олордохпутуна, аны икки киһибит нэһиилэ саллаҥнаһан кэллилэр.

– Хайа, туох да суох дуу?

– Суох. Таах сибиэ.

– Оттон, хайа, ыккыт? Кэннигититтэн иһэр дуу? – Баһылай ыйытар.

– Һа, кэлбэтэ дуо? Мааҕыын сарсыарда барбыта дии, – Ылдьаа кэлэн олоппоско олордо. Биһиги ыта суох сырыттыбыт. Маар бөҕөтүн кэрийдибит. Суол син баар.

– Ээ, ыппыт Макаака, маарыын сарсыарда тайахпытын эккирэппитэ да, онон сүтэн хаалла. Үрбэт даҕаны, куоттарда быһыылаах, – Дьөгүөр, чаанньыктан чэй куттан иһэр.

– Тайаҕы ыттыбыт даа… Ханна, дьэ кэпсээн эрэ, – Сэмэн Уйбаанабыс сэҥээрэн олоро түһэр. – Тоойуом, аскытын киллэриҥ эрэ, аһыа этибит.

Мин таһырдьаттан эттээх мииннээх биэдэрэни киллэрэн, остуол үрдүгэр туруорабын. Этин хоторон, миин кутаттыыбын.

– Дьээ-рэ Дьөгүөр, кэпсээ эрэ.

– Ээ, маарыын сарсыарда эрдэ улахан маардаах сиргэ тиийэн, көрө турдубут. Арай ыраах, сыыр үрдүгэр тайах аһыы турар эбит. 250-300 миэтэрэ курдук. Аһаҕас баҕайы сир, дьэ хайдах буолабыт. Сүбэлэһэн баран,  Ылдьаа карабинынан ытыах буолла. Дьэ, оҥостон-оҥостон баран ытан саайда. Ыппыт буоллаҕына, көрбөт, тайах үөһэ турар буолан, киниэхэ көстүбэт. Тайахпыт, хайдах эрэ «дьигис» гынан баран, хааман барда. Ылдьаа, сүтүөр диэри, биэстэ хаста ытта да, ойуурга киирэн баран хаалла. Биһиги, үөһэ турбут сиригэр тиийэн, табыллыбыт дуу, суох дуу дии-дии ону-маны көрөбүт да, туох да биллибэт. Ыппыт сытырҕалаан-сытырҕалаан баран сүтэн хаалбыта да, ол айыыта онон. Биирдэ да үрэн көрбөтө, куоттаран кэбистэ быһыылаах. Дьэ, онон бүттэхпит дии, хаама сатаан-сатаан баран, үрэҕинэн төннөн кэллибит.

– Ээ, оттон доҕоор, маарыын, эбиэт кэнниттэн аҕай, бу суолунан тайах кэлэн барда ээ.

– Тайах да, бу суолунан дуо? Эс, ама хайа үлүгэрий, доҕоор. Баҕар сылгы буолуо…

– Ээ, бу уол түннүгүнэн көрө олорон, эмиэ сылгы дии санаабыта, арай тайах буолан хаалан, манна соһуйуу-өмүрүү бөҕө.

–  Тыый, өлөрдүгүт дуо?

– Ээ, биир да саа бэлэмэ суох эбит. Дьэ, ыксал бөҕө буолла, – Балантыын салгыы кэпсиир. – Биһи, Миисэлиин сүүрэн тахсан, массыынаттан хаһан саабытын хостоон, ииттэн бүтүөхпүтүгэр диэри тайахпыт, ити массыынабыт кэннинэн, Сытыган суолунан киирэн түһэ турда.

– Дьэ, онон көрөн олорон куоттаран кэбистибит, – Сэмэн кэпсиир,– Саатар, мин саам эмиэ, хаатыттан да тахсыбакка сытар эбит. Дьэ, кыһыы…

– Оо, оттон Макаака суох этэ дуо? – Ылдьаа өй булан ыйытар.

– Ээ, биир ыт кэнниттэн, саҥата суох батыһан иһэр этэ. Саатар үрүө этэ буоллаҕа дии, оччоҕо биһиги тайах диэн арыый эрдэ көрүө этибит буоллаҕа.

– Дьэ, буолар да эбит. Үйэбэр маннык түбэлтэҕэ түбэспэтэҕим, – Сэмэн муҥатыйар.

Ол киэһээни быһа ол тайах туһунан кэпсэтии буолла. Бытыылкалар ойон таҕыстылар… Сарсыныгар биһиги эмиэ кыайан барбатыбыт. Быраастар эмиэ, ыта суох хаама түһэн баран, эрдэ кэллилэр. Киэһээҥи аһылыкпытын саҥардыы аһаары бэлэмнэнэ сырыттыбыт. Күн киирэ илик, арай, мин эмиэ бэҕэһээҥи курдук, түннүкпүнэн көрдүм. Эмиэ, киһи дьиктиргиэн курдук, биир сылгы, бүтэй күрүөтүн аанын бэтэрээ өттүнэн, суол устун сиэлэн тамайан аҕай иһэр. Мин саҥа аллайа түстүм:

– Һа, эмиэ биир сылгы сүүрэн иһэр…

– Ханна?

– Ол, суол устун,– түннүгүнэн ыйан көрдөрөбүн. Дьонум өндөйө-өндөйө түннүгүнэн көрөллөр.

– Оо, тайах, уолаттар, тайах, – Сытыы харахтаах Дьөгүөр быһаара охсор.

– Саабыт, саабыт, ылыҥ түргэнник сааны ыла охсуҥ…

Үүтээн иһэ биирдэ өрө тилигирии түһэр. Тоһоҕоҕо ыйанан турар саалары, уһула тардан ылан, ботуруон ииттиитэ буолла… Таһырдьа ойуоккалаһан таҕыстыбыт, үүтээммитин ааһан сүүрэн атаралаан эрэр тайаҕы,  охто-охто эккирэтэн батыаҥкалаһыы буолла. Орто холуочук, ситэ өйдөнө илик бөтөстөр, аанньа буолуохпут дуо, эмиэ куоттаран кэбистибит. Ким да ыппакка хаалла. Тайахпыт, үүтээн кэннигэр баар дулҕалаах элгээни кытыытынан, мастар быыстарынан аҕыйахта көстөн ааста. Бардаҕа ол.

Мин эккирэтэн көрдүм да, дулҕалаах сиргэ киирэн иҥнэн хааллым. Эчи дулҕалара үрдүгэ, киһи сатаан да кыайан атыллаабат дойдута эбит. Лааҥкыны тоҕо солоон, Сытыган күөлүн диэки түһэ турда. Биһиги, Ылдьаалыын, эккирэтэн көрөн баран, Сытыган күөлүн атаҕыттан төнүннүбүт. Дьэ, ити курдук, Хапчаан үүтээнин икки күн тайахтар “атаакалаан” тураллар. Сарсыныгар киэһэ, 7 чаас  саҕана үүтээммитигэр, эмиэ мэлийэн кэлэн, аһыы олордохпутуна, Начаалынньык атынан тиийэн кэллэ:

– Хайа, бу халлаан дьоно, төһө тайаҕы суулларан, тайахха да наадыйбат буолан олороҕут дуу? – Борукуоппай Түмэппиэйэп дорҕоонноох саҥата үүтээммит иһин ылан кэбистэ. Биһиги ити үлүгэрдээх байанай биэрэ сатаабытын кыайан туһаммакка, кыбыстан, саҥата суох олордубут.

– Хайа, Борокуоппай, бу бачча киэһэ ханна баран иһэҕин. Олорон, чэйдэ исиһэн аас, – Сэмэн Уйбаанабыс, аҕа киһибит буолан, ыалдьытын остуолга ыҥырда.

– Аат дьоно, бытыылканы эрэ бултуу сытаҕыт быһыылаах. Макаакаҕыт тайаҕы эккирэтэн, Ардьаҥ алааһын үрдүнэн, үрэх үрдүгэр хаайан туран үрэрин истэн, Силээнтэн кэлэн, иллэрээ күн киэһэ, тайаххытын ытан ыллым дии. Эһиги буоллаҕына манна «аһыы» сытаҕыт, халлаан дьоно.

– Ээ, биһиги тайахпытын дуо? Оо, оччо ыраах тириэрдибит эбит дуу…

– Лахсыйымаҥ, били эккирэппит киһиэхэ дылы, ыккыт күнү быһа хаайан турбута дии. Мин истэ сатаан баран, тулуйбакка кэлэн ытан ыллым дии, – Борокуоппай, уп-улахан хараҕынан хаһылыччы көрүтэлиир, чэй иһэн бурулатар. – Оо, дьэ, халлаан булчуттара доҕоор. Бу, куорат дьонун астара элбэҕэ бэрт буоллаҕа дии. Тайах эрэ, булт эрэ. Ити, ыккытын аҕаллым. Сокуон быһыытынан, тайах аҥаарын ыллым. Ити эккит аҥаарын, бэрэмэдэйбэр төһө киирэринэн симэ сатаан аҕаллым. Ордугун, наадыйар буоллаххытына, Силээнтэн баран ылаарыҥ. Мин Өртөөн иһэбин.

– Оо, Борокуоппай, ол иһин даҕаны. Дьэ, махтал буоллун. – Сэмэн үөрэн, сырайа сырдыы түстэ. – Чэ, нохоолор, Ылдьаа, Дьөгүөр туоххут эмэ хаалла дуо? Сууйуохха, Байанайы аһатыахха наада.

Дьөгүөр, оронун үрдүн хасыһан, биир үрүҥ арыгыны таһаарда. Аһааһын, дьэ саҕаланна. Эт хоторулунна, миин кутулунна.

– Ыт үрэрин эрдэ истибиппит. Саа тыаһыырын истэ сатаан баран, ыксаан, кэлэн ытан ыллым. Тайаххыт умса туттан баран турар, Макаака аа-дьуо сыта-сыта үрэр. Тайаҕа олох хамсаабат. Ону ытан ыллым. Тиийэн, астаары көрбүтүм, алын сыҥааҕын карабинынан үлтү ытан кэбиспиттэр, ол иһин умса туттан баран, турар эбит. Ытан ыыппыккыт дуо?

– Ээ, ытан, ытан. Ыраах баҕайыттан, үрдүн көрө-көрө мин ыппытым, – Ылдьаа, дьэ сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ, үөрэн мичээрдии эрэ сылдьар буолла. Арыгытын иһэ да илигиттэн холуочуйан барда. Дьонум үөрэн-көтөн, Байанайдарын аһатан дьэ, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан бардылар. Били, икки күн тайахтар түҥнэри көтө сыһан ааспыттара, Солоҕоҥҥо хайдах иһиллибитэ буолла, айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ…

Ол да буолларбыт, ити күһүн икки тайаҕы бултаан барбыппыт. Байанай бэркэ бэрсибитэ.

Михаил Егоров «Оҕо сааһым, Солоҕонум оҕонньотторо» кинигэттэн.