Горнай ыала роза сибэккиттэн саҕалаан, арбуһугар тиийэ үүннэрэр

Бу күннэргэ СӨ, Горнай улууһун норуотун маастара Татьяна Аммосова мааны тиэргэнигэр ыалдьыттаатыбыт. Татьяна, Александр Константиновтар дьиэ кэргэнэ 24 сыл анараа өттүгэр ыраах Өймөкөөн улууһуттан көһөн кэлэн, Горнайга олохсуйбуттара.

Роза сибэккиттэн саҕалаан, «Амма сакурата» диэн норуот сөбүлээн ааттыыр кустарнигар тиийэ араас эгэлгэ сибэккилэр, күөх үүнээйилэр бааллар.

“Тымныы салгыннаах сиргэ үүнүө дуо?” диэн санааттан арбуз олордон көрбүт. Ол курдук куйаар ситиминэн арбуз үүннэриинэн дьарыгырар Спиридон Шамаев үөрэҕэр сылдьан, быйылгыттан арбуз олордорго ылсыбыт. Хортуоппуйун сиригэр, аһаҕас халлааҥҥа үүнэ сыталларын сэргии көрдүбүт. Номнуо астара улаатан эрэллэр эбит.

Сиһилии Татьяна кэпсиирин сэргээн истиҥ.

 

Нина Сутакова

Елена Дьячковская видеоҕа устуута