Төһө да билигин бултан тэйдэрбин мин эдэр сылдьан, этэргэ дылы, булт диэн баран муннукка ытаабыт ыччат этим. Ньиргийэн ааспыт ХХ-с үйэ 80-с сылларын бүтүүтүгэр Горнайга ийэбинэн эһэм аах олоро сылдьыбыт сирдэригэр, Солоҕон нэһилиэгэр баар Хампаадай диэн күөл тула улахан булка сатыы хааман бултуур этибит. Дьэ, онно биир дьикти баара.

Ол дойду ааттыын Горнай үрдүк сирдэрин биир үрдэл сирэ этэ, хас да от үрэх саҕаланар сирэ. Ол үрэх бастара бултаах-алтаах, эһэ кыстыыр, тайах тох-туур сирдэрэ этэ. Онон ырааҕы кэрийбэккэ, улаханнык эрэйдэммэккэ улахан булка хаамтыбыт да тиксэрбит. Ол эрэн ардыгар биир дьикти көстүү мөһөйдөөн ылара. Ол ханна эрэ ыраах ыт үрэр саҥата этэ. Ол ыт оннооҕор биирдэ икки өттүбүтүгэр үрэрэ иһиллэн улаханнык толкуйдатан турар-
даах – хайатыгар барабыт диэн өр булкуллан турбуппут. Дьиктитэ диэн, ыттарбыт эмиэ истэллэрэ, саҥа хоту түһүнэн кэбиһэллэрэ. Оттон ыт саҥата мэлийбитин кэннэ төннөн кэлээхтииллэрэ. Бастаан утаа куоттардыбыт диэн хомойо саныырбыт. Дьиэбитин быһарбытыгар эбэтэр чугас ыт үрдэҕинэ сүүрэн тиийэн көрдөххө-иһиттэххэ ыт тайаҕы үрбүт сибикитэ, эгэ хаайбыт суола-ииһэ көстүбэт буолара. Киһи ойуурга туох кэлбитин-барбытын суолунан чопчу быһаарар буолан хаалар эбээт, ама ыт тайаҕы үрэ-үрэ эккирэппитин быһаарбат буолуоҥ дуо? Онон кэлин дьиктиргээн барбыппыт.

Арай биир үтүө күн эмис баҕайы баайтаһын тыһы тайах миинин буһара олордохпуна кэннибэр тыас тыаһаата. Эргиллэн көрбүтүм баара үөрбүт ахан Сэмэн Баһылайабыс Дьаакынап атын сиэтэн өтөхпүтүгэр киирэн иһэр эбит. Дьоппуон сэриитин бэтэрээнэ үөрүү бөҕөтүн үөрбүт уонна «бөлүүн эйигин бу маннык миин өрө олороргун түһээн бу тиийэн кэллим» диэн кэпсээннээх буолла. Чуҥкуйбут үүтээҥҥэ дьоро күн буолла, ыалдьыппытын кытта тото-хана кэпсэттибит, астына аһаатыбыт. Хоноһобут утуйаары сытан ону-маны кэпсэтэ сытан, бэрт дьиибэлээхтик ыйытта: «Ыт үрэрин истэҕит дуо?» – диэн.

Биһиги убайбынаан Болуодьалыын өрүкүнэһэ түстүбүт, «Дьэ, истэн бөҕө» – диэтибит. Киһибит күлэн саһыгыратта уонна тугу да эппэккэ устунан мунна тыаһаан утуйан хаалла.Сарсыныгар эрдэ туран киһибит туох даа аарыма ытын, хотуттан кэлбит сыарҕа соһор ыты, бу баҕайы талахха-ычыкка сатаан хааммат дии мөҕө-мөҕө тыас хомунан барда. Били ыт туһунан кэпсэтиибитин инньэ гынан салҕаабакка хааллыбыт.

Кэлин атын убайбыттан, Уйбаантан, истибитим эһэм ол ыты ойуун ыта баар диэн киниэхэ кэпсиир эбитэ үһү.

Юрий Романов.